День Олонхо в Республике Саха (Якутия)

Сэтинньи 25 күнүгэр Муҥурдаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар киһи-аймах чулуу айымньыта аатырбыт улуу олоҥхо туһунан билиилэрин хаҥатыан баҕалаах дьоҥҥо "Олоҥхо - норуот барҕа баайа, киэн туттуута" библиотечнай чаас буолла. 

Кэлбит дьон олоҥхо кинигэлэрин, ийэлэр оҥоһуктарын быыстапкаларын көрдүлэр, презентациянан библиотекарь кэпсээнин иһиттилэр.

 

Олоҥхо дэкээдэтигэр аналлаах Абый нэhилиэгин модельнай библиотеката уонна М.А. Слепцова аатынан Абыйдааҕы култуура уонна сынньалаҥ киинэ, быыстапка "Олоҥхо биhигэр" тэриийдилэр. Быыстапка сэтинньи 25 - 30 куннэргэ ыытыллар.

 

Сэтинньи 26 кунугэр Майыардаа5ы модельнай библиотека5а "Уруйдан, Улуу олоҥхо" декада чэрчитинэн "Олоҥхо дойдутун оонньуулара" остуол оонньуутугар кыра кылаас о5олоругар курэс буолла.О5олор хабылыкка, тырыыҥка5а курэхтэстилэр. Билиотекарь о5олорго "Олоҥхо киэҥ туттуубут" кинигэ быыстапкатын билиhиннэрдэ.

 

Киэҥ- Күөл сэлиэнньэтигэр "Олоҥхо" дэкээдэтинэн чэрчэтинэн, Сыаганнаах олохтооҕун П.Новиков "Кыталыкаана удаҕан кыыс хотун" олоҥхотун Уолбут нэһилиэгин ытык кырдьыҕастара (эбээлэр, эһээлэр ) толорбуттарын видеоҕа устан, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго көрдөрдүлэр. Олоҥхо уобарастарын оҕолор олоҥхолоон омолойдулар, таабырын таайыстылар, оhуохайдаатылар.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ