http://www.culture.ru/
День хомуса в Республике Саха (Якутия)
30 ноября в Якутии традиционно отмечается День хомуса —инструмента, который является национальным символом народа саха.
В этот день в сельских поселениях Абыйского улуса библиотекарями проведены ряд мероприятий:
- Сэтинньи 30 күнүгэр Абый нэhилиэгэр "Айылҕан" хомус бөлөҕө кыттыылаах сыллата ыытыллар "Хомус" күнэ буолан ааста. Абыйдаа5ы библиотекарь Слепцова Александра Николаевна "И. Е. Алексеев - Хомус Уйбаан" 80 сааһыгар анаан слайд - презентация көрдөрөн, ыалдьыттарга олоҕун, үлэтин сырдатан аhарда.
Салайааччы Надежда Афанасьевна 2-с сылын оҕолорго "Дьоллоох түгэн" хомус бирииһин туруорда. Баардаах баата тардан бирииһи 7 кылаас үөрэнээччитэ Новикова Виолетта ылла.
- "Киэҥ - Күөл олохтоох хомусчуттара" - хомус күнүгэр аналлаах тэрээһин ааста. Саха дьонугар аргыс буолан уһук хоту кытаанах, тыйыс олоҕун хомус барахсан киэргэттэҕэ, хоһуйдаҕа, туойдаҕа. Уолбут нэһилиэгэр хомуһу оҥорор дьоннордоох буолан, сүтэрбэккэ оһорбокко илдьэ кэллэҕэ. Киэҥ - Күөл хомусчуттарын ахтыы матырыйааллары көрөн - истэн, ахтан - санаан аастылар. Мустубут дьон биирдиилээн, күргүөмүнэн хомустаан тарҕастылар.
- Сэтинньи 30 күнүгэр Муҥурдаах орто оскулатыгар Хомус күнүгэр аналлаах үөрүүлээх линейка тэрилиннэ. Оҕолор хомус туһунан презентация көрдүлэр. Хомуска тардыы акцияҕа кыттыыны ыллылар. Бүтэһигэр Сэмэн Данилов "Олоҥхо оҕото" хоһоонун күргүөмүнэн аахтылар.