135 лет со дня рождения А.И.Софронова - Алампа, основоположника якутской литературы (1886-1935)

Бу күн Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах суруйааччы, Саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ, поэт, прозаик, драматург- Алампа төрөөбүтэ 135 сыла.

А.И.Софронов - Алампа төрөөбүтэ 135 сылыгар аналлаах библиотекаларга тэрээhиннэр буолан аастылар.

Майыардаа5ы модельнай библиотека эhиэхэ анаан "Алампаны аах" диэн вртуальнай кинигэ быыстапкатын бэлэмнээтэ.

АА5ын,! Сэргээн! Билиигитин хан,атын!

 

Кенг - Кюель сэлиэнньэтигэр культура дьиэтигэр А.И.Софронов - Алампа төрөөбүтэ 135 сылыгар аналлаах тэрээhин үрдүк таhымҥа буолан ааста. Тэрээhиҥҥэ модельнай библиотека, оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр о5олорун кытта кыттыыны ыллылар.

Алампа ча5ылхай кэпсээнньит, улуу драматург быhыытынан биллэр, түһүүлээх - тахсыылаах уустук олоҕо, норуотун сырдыкка сирдиир күүстээх санаата, абылаҥнаах поэзиятын кэпсэтии, ырытыы буолла.

Алампа сахаҕа таптал лирикатын бастакы уонна бастыҥ холобурдарын биэрбит үтүөлээх. Кини саха дьахтарын уобараһын үрдүкү кэрдиискэ таһаарбыт маҥнайгы поэт. Таптал муҥун туойбут ырыалара-хоһоонноро, историяҕа "Үрүҥ туллук" нарын уобараһа буолан хааллаҕа.

Алампа эрэйдээх оҕо сааһын, үөрэххэ-билиигэ тардыһыытын, саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын биир чаҕылҕай бэрэстэбиитэлэ буоларын, бастакы хоһооно "Төрөөбүт дойду" 1912 сыллаахха суруллубута. Бэйэтин кэмигэр бу сытыы ис хоһоонноох айымньы "үйэ тухары үктүөн турбут үлүгэн үргүтэргэ" көҥүл олох туһугар ыҥырыы буолан иһиллибитэ. 

 

 Ураһалаах модельнай олохтоох библиотеката Саха литературатын төрүттээчилэриттэн биирдэстэрэ, дэгиттэр талааннаах Анемподист Иванович Софронов 135 сылын көрсө "Ох тыл - бу аата буоллаҕа аан дойду олоҕун оонньуута..." биэриини бэлэмнээн ватсап-группаҕа ыытта.

Бу биэриигэ ааҕаччыларга Алампа олоҕутан сырдатыы буолла. Кини дьиэ кэргэнин, айар олоҕун, ссыылкаҕа сылдьыбыт ыар сылларын туһунан кэпсэтии буолла.

Ханнык баҕарар норуот киэҥ туттар дьоннордоох буолар. Ол дьон эппит тыллара, суруйан хаалларбыт санаалара хаһаан да умнуллубат, сылтан сыл, үйэттэн үйэҕэ суолтата улаатан иһэр. Кинилэр кэмтэн - кэрдиистэн хааччаҕа суох өрүү тыыннаахтар. Оннук биир үтүөлээх киһиннэн сахаларга, ураты талааннах улахан суруйааччы Анемподист Иванович Софронов буолар. Драматург, поэт, прозаик литература бары салааларыгар бигэ төрүөт буолар айымньылары суруйан хаалларбыта.

 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ