Жиркова Мария Христофоровна

Слепцова Мария Христофоровнаҕа - Арассыыйа успуордун бэтэрээнэ, Ураһалаах нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа

 Эн өбүгэ ситимэ диэн хайдах өйдүүгүн?

- Эһэм, эбэм, ийэм, аҕам хас биирдиилэрэ сүбэ-ама, ыйан-кэрдэн биэрбиттэринэн үөрэнэн, оҕоттон оҕолору, хас биирдии аймахтарбытынан: “Кырдьаҕаһы убаастаҥ, дьоҥҥо киһиэхэ үчүгэй сыһыаны, кыаллыбакка көмөлөһүҥ. Сиэри-туому тутуһун, үлэһит үөрэхтээх дьон буолуҥ. Айылҕаны харыстааҥ, сиргитин-уоккутун аһата сылдьыҥ» - диэн этэллэрэ. Бэйэ-бэйэҕэ сыһыан хайаан да үчүгэй, көмүскэһэ, сүбэлии-амалыы сылдьарга этэллэрэ. Ити биһиги өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун түмүгүнэн биһиги иитиллибиппит.

Сааһырыы, кырдьыы диэн олох биир кэрчигэ. Тугунан кини кэрэний эн тус бэйэ5эр?

- Оҕо саас, эдэр олох олорор, оҕо төрөтөр, ыал буолар, кырдьар саас. Хас биирдии кэрдиис бэйэтэ туһунан уратылаах. Кырдьар эмиэ бэйэтинэн үчүгэйдээх да куһаҕаннаах да. Сорох дьон доруобуйалара үчүгэй буоллаҕына  араас  талаанннара: иистэнньэҥ, уруһуйдьут, ырыаһыт уо.д.а. аһыллара.

Эн санааҕар дьоллоох киһи диэн кимий?

- Мин бэйэм кырдьар сааспар дылы дьон кэминэн үлэлээн, оҕолорум, сиэннэрим, аймахтарым этэҥҥэ сылдьалларыттан үөрэбин, толору дьоллоох киһиннэн ааҕынабын. Дьоллоох киһи диэн бу буоллаҕа ди.

- Таптыыр саха, нуучча суруйааччылара: Николай Якутскай “Көмүс үрүйэ”

Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм”

Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччатара”

Семен Данилов “Төлкө”

А.С.Пушкин “Егений Онегин”

А.Макаренко “Флаги на башнях”

М.Ю.Лермонтов “Бэлла”

Саамай ханнык кинигэни ааҕан уйадыйбыккыный?

- Аан маҥнай “Флаги на башнях” диэн А.Макаренко кинигэтин ааҕан ытаан турардахпын.

Саамай өйдөөн хаалбыт кинигэ геройун ким буоларый, ханнык айынньыттан?

- “Сааскы кэм” сүрүн геройа Микиитэ Лэлгээрин. Кини кыра сааһыттан революция кэмигэр көмөлөспүтэ, онтон үөрэххэ барбыта. Үөрэхтэнэн баран комсомол тэрилтэлэрин тэрийэргэ үлэлээбитэ. Советскай партийнай үлэһит буолбута. Саха сирин чулуу уолаттарыттарыттан биирдэстэрэ” - диэтэ.

Сөбүлээн, олоххо туттар сахалыы өс хоһоонноро: Уруу ырааҕа, уу чугаһа.

Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

Атас туһугар, атах тостор.

Үөрэх баар – бараммат баай

Ким үлэлээбэт,ол аһаабат.

Үлэ – дьол.

Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.

Сэнээбиккиттэн эттэҕин ылыаҥ.

Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан.

Киһиргээмэ кирсиҥ быстыа.

Балык ыамнаах, киһи күннээх.

Уол оҕо биирдэ ат үрдүгэр, биирдэ ат уорҕатыгар.

Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт.

Ийэ сүрэҕэ оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ тааска.

Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт.

 

Айылҕаҕа сыһыаныҥ, айылҕа эмтэрин туһанаҕын?

- Киһиэхэ саамай күндүтэ сирэ-уота. Хас биирдии киһи дойдутун, айылҕатын харыстыахтаах, куруутун сиэри-туому тутуһан, оҕолоругар, чугас дьонноругар онуоха үөрэтиэхтээх. Айылҕа эмтэрин туһанабын. Дьөлүһүөн элбэх битэмииннээх. Отонун сироп оҥоробун, отун-сэбирдэҕин чэй курдук көөнньөрөн иһэбин. Кучу оту чэй оҥостон иһээччибин. Кини киһи күүһүн өһүллүүтүн чөлүгэр түһэрэр, сэниэ биэрэр.

Олоҕун саамай үөрүүлээх түгэнэ, туохтан үөрүөҥ этэй?

- Мин санаабар олоҕум саамай үөрүүлээх түгэнэ, дьиэ-уот тэринэн оҕо төрөтөн, сиэннэр тапталларын көрөн билэр, онтон ордук үөрүү суоҕа буолуо. Үөрүөм этэ оҕолорум доруобай, үөрэхтээх, дьон-киһи убаастыыр дьоно буолалларыгар.

 Сүрэххэр-быаргар иҥэрбит дьонуҥ.

- Сааһын тухары куруутун өйдүү, махтана сылдьар дьонум диэн миигин үөрэппит учууталларым, бииргэ үөрэмит доҕотторум. Кырдьыахпытыгар дылы доҕордоспут дьүөгэлэрим, табаарыстарым.

Кинилэр курутун өлбүт, тыннаах дьонум мин сүрэхпэр куруук күндү буолуохтара.

Эн санааҕар билиҥҥи кэм геройа кимий?

- Билиҥҥи кэм геройа мин санаабар дьон-киһи олоҕо тупсарын туһугар үлэлиир-хамсыыр, чөл олоххо тардыһар, дьону убаастыыр киһи. 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ