Чиркова Люция Константиновна


Люция Константиновна Чиркова 1941 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Абый нэhилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1949 – 1950 үөрэх сылыгар Абый начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуолатын бүтэрээт Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ барар. Абый оройуонугар учуутал идэтин баhылыыр маңнайгы суолу тэлээччиннэн буолбута. 1962 сыллаахха үөрэҕин ситиhиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлбитэ. Билигин кинини билбэт, киниэхэ үѳрэммэтэх республикаҕа, аҕыйах буолуо. Люция Константиновна тѳрѳѳбүт – үѳскээбит Абыйыгар учуутал идэтин ылбыт олохтоох кадрдартан бастакы буолара чуолкай. Тѳhѳлѳѳх элбэх оҕоҕо билии аартыгын арыйан, «А»-тан, «Б»-тан саҕалаан ааҕарга, суруйарга  үѳрэппитэ буолуой, тѳhѳлѳѳх оҕо – тѳрѳппүт махталларын ылбыта буолуой?

Люция Константиновна туспа оҕоҕо ѳйдѳнүмтүѳ, тиийимтиэ ураты ньымалары, сонунтан – сонун уларыйыылары олоххо киллэрээччинэн куруук бастакынан сылдьааччы, кѳҕүтээччи буолара.

    Учуутал түбүктээх үлэтин таhынан методическай холбоhукка салайааччы быhыытынан, комсомольскай тэрилтэ сэкэрэтээринэн, дьахтар комитетын бэрэссэдээтэлинэн уо.д.а. общественнай тэрилтэлэр үлэлэригэр кѳхтѳѳхтүк кыттара. Хас концерт, хас бырааhынньык кинитэ суох сиппэтэх – хоппотох курдук буолара.

  Түѳрт уонча сыл педстажтаах учуутал, Российскай Федерация Yѳрэҕириитин туйгуна Люция Константиновна Чиркова үѳрэппит оҕолоруттан сүүрбэччэ үѳрэнээччитэ кини тэлбит суолун омоонун кэңэтэн учуутал идэтин талан республика, улуус араас оскуолаларыгар айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар.     

Люция Константиновна билигин бочуоттаах сынньалаңңа да олордор, билиңңи олох ирдэбилигэр сѳп түбэhэн тэңңэ хардыылаан, улуус биир биллэр предпринимателэ буолбута. Yлэлээбит оскуолатыгар эрэллээх кѳмѳлѳhѳѳччү спонсор. Сыл ахсын бастың уол үѳрэнээччигэ кини анаабыт анал стипендията тиксэр.

 Биир томторго улааппыппыт  

   Чиркова Люция Константиновнаны кытта биhиги биир томторго тѳрѳѳн, ончу быыкайкаан эрдэхпититтэн бииргэ оонньоон, улааппыппыт. Ыраа5ынан, ылсыынан аймахтыы этибит. Олорор да дьиэлэрбит бэйэ бэйэлэриттэн чугас турааччылар.  Ба5ар ол да иhин буолуо, куруук бииргэ бириэмэни атаарааччыбыт. 

  Люция Константиновна а5ата Чирков Константин Иванович Абый маҥнайгы киномеханига этэ. Кыра үѳрэхтээх эбит быhылаа5а. Суруйар - аа5ар үлэлэргэ сылдьара. Ийэтэ Акулина Степановна  дьааhыла5а үлэлиирэ.

   Онтон 1949 сыллаахха  оскуола5а «нулевой» кылааска иккиэн тутуспутунан  киирбиппит. Мин, Люция Константиновна, Слепцова Анна Егоровна, Стручкова Евдокия Дмитриевна (Таала күѳлтэн кэлбиттэрэ) Слепцов Семен Егорович уонна Никулин Коля бааллара.  Рудых диэн   сэрииттэн кэлбит киhи учууталлаабыта. Бу сүрдээх кытаанах учуутал этэ. Илиитигэр уhун ба5айы указканы тута сылдьар буолара. Онтукатынан, мѳхсѳ олордохпутуна, уруогу истибэтэхпитинэ ыарыылаах ба5айытык суптурута анньыталыыра. Ол иhин улаханнык куттанарбыт да, салларбыт да. Олох тыыммакка кэриэтэ олорорбут. Дьоннорбут барахсаттар сарсыарда аайы оскуола5а барарбытыгар сэрэтиэхтэринэн сэрэтэн ыыталлара.

    Биhиги Люцияны кытта нулевой кылаастан са5алаан биир паарта5а олорон, тутуспутунан сылдьан тѳрдүс кылааска диэри үѳрэммиппит. Үѳрэхпитигэр да наhаа мѳлтѳх буолбатах этибит. Хайабыт да кылааска хаалан иҥин эрэйдэммэтэхпит. Сайыныгар буолла5ына кытыл кэтэ5эр балааканан да, балааката да суох пионерскай лаа5ыр диэн ааттаан хас да күн хонуктуу барарбыт. Биhиги Люциялыын куруук хоонньоhо утуйааччыбыт. Ол лаа5ырга үксүн оонньоон тахсар быhылаахпыт. Кыраларбыт бэрт буолуо, үлэлэппиттэрин олох ѳйдѳѳбѳппүн. Мас куукула оностон, хонууга ураhа туттан ыаллаах буолан оонньуурбутун сѳбүлүүр этибит. Кэлин Люция5а быраата Эдик тѳрѳѳбүтэ. Чачархай баттахтаах сып-сырдык уолчаан. Ийэтэ ыанньыксыт буолан күн устата үлэлээхтиир. Биhиги буолла5ына «о5о кѳрѳѳччүлэр» о5обутун куукулка оҥостон күнү быhа бѳhүѳлэк устун соhобут.  Биирдэ о5обутун сүтэрэн кэбистибит. Алдьархай. Саҥа хааман эрэр киhи этэ буолла5а. Кѳрдѳѳhүн буолла. О5обут барахсан  трактор колеятыгар киирбит. Ол сытан утуй хаалаахтаабыт. О5обутун булан үѳрдүбүт а5ай. Бэйэбит буута суох дьон буоллахпыт дии.                         

     Люция Тамара диэн ырыаны - үҥкүүнү ѳрѳ туппут эдьиийдээ5э, мин буолла5ына эмиэ оннук Маша диэн эдьиийдээхпин. Олор иккиэммитин, сахсыйталаан туран, үҥкүүгэ, ырыа5а үѳрэтэллэрэ. Иккиэн наhаа ча5ылхай ырыаhыттар - үҥкүүhүттэр буолбатах этибит да биир да кэнсиэр биhигинэ суох ааспат курдуга. Онтукабыт олох кырдьыахпытыгар диэри сылдьыспыта ээ… Дьэ  ол курдук сылдьан тѳрдүс кылааспытын бүтэрбиппит. О5олорбут үксүлэрэ Сыаганахха салгыы үѳрэнэ барбыттара. Оттон миигин дьонум убайым аахха олордон үѳрэттэрээри Дружина5а ыытан кэбиспиттэрэ.  Икки аны бардахпыт ол.

     Ахсыс кылааhы бүтэриибитигэр маа5ы Сыаганнахха барбыт о5олорбут бары тѳттѳрү тиийэн кэлбиттэрэ. Инньэ гынан биhиги эмиэ булсуспуппут. Эмиэ биир паарта5а олорон үѳрэхпитин салгаабыппыт. Оччоттон ыла күлсүү - салсыы баар дьоно этибит. Сүрдээх сытыылар эбиппит. Кыбыстан муннукка саhааччыбыт суох. Этиэхтээхпитин этэр, саҥарыахтаахпытын саҥаран хаалан иhэр буоларбыт. Учууталларбыт «туох ааттаах бүппэт кэпсэтиитин кэпсэтэ5ит, күлсэ5ит» диэн сэрэтии бѳ5ѳтүн этэ сатаан баран «сүгүн буолуо суохтар» диэн араартаан кэбистилэр. Миигин кэнники  паарта5а бырахтылар. Тохсус кылааhы бүтэрэр сылбытыгар иккиэммитин Оттоох Атахха окко ыытан кэбистилэр. Атынан ѳр да ѳр айаннаан оттуур сирбитигэр кэлбиппит уонна онно сайын устата сытан оттоотубут. Бугул маhа куруук тиийбэтин ѳйдүүбүн. Дьэбин дьүѳрэни тоhутан ол үрдүгэр бугулу ыйааччыбыт. Оччотоо5уга кус - хаас, куобах дэлэй. Бултууллар да бултууллар. Биhигини отууга куобах буhартара хааллараллар. Ону астаатахпыт диэн куобах тириитин то5ута тыытан ылабыт. Сатаан сүлбэт буоллахпыт. Биирдэ спидола диэн тэрил куттаан турардаах. Ол кэмҥэ «хайыылаахтар күрээбиттэр, киhини ѳлѳрбүттэр» диэн сурах биир гына тигинээбитэ. Дьэ биhиги Люциялыын, буоларын курдук, отууга ас буhара та5ыстыбыт. Арай отуубутугар нууччалыы саҥа халлыгырайан олорор. Сэрэхэдийдибит. Чугаhаатахпыт аайы саҥа улааттар улаатан иhэр. Маа5ы хаайыылаахтар кэлбиттэр дии санаатыбыт. Дьоммут баар сирин диэки куоттубут. Ол да буоллар кэбиhиигэ саhан туран отуубутуттан харахпытын араарбаппыт.  Арай кѳрдѳхпүтүнэ аттаах киhи тахсан кэллэ. Ыҥыырыгар спидоланы холбоон баран баанан кэбиспит эбит. Онтукабыт кус-хаас тойугунан халлыгырайан олорор. Ол саҥатыттан куттаммыт эбиппит.  Ол дьыл күhүн биирдэ дьиэбитигэр тѳннүбүппут. Оскуолабытын бутэрдэхпитинэ бары тутуспутунан колхозка үлэлии тахсыах буолбуппут. Оччотоо5у «Школа-производство-ВУЗ» диэн комсомол ыҥырыытын ѳйѳѳтѳхпүт диэн. Ол гынан баран, хайдах эрэ туттаран, о5о үксэ үѳрэххэ баран хаалбыта. Производство5а үлэлии мин уонна Анна Егоровна эрэ  хаалбыппыт.

    Люция Константиновна Бүлүүтээ5и педучилище5а үѳрэнэ киирбитэ. Икки сылынан үѳрэ5ин бүтэрэн кэлиитигэр  мин үѳрэнэ баран хаалбытым. Үѳрэнэ сылдьар кэммэр кэргэн тахсыбыта. Үѳрэхпин бутэрэн  ыал буолуубар, арахсыспат дьыл5алаахтар, аны олорор дьиэбит биир буолан хаалла. Ыаллыы олордубут. Чараас фанера унуор-маҥаар эрэ быыстанан. Олох киhи саҥата-иҥэтэ кѳҥдѳйдүү иhиллэр дьиэтигэр. Маннык ѳр ба5айытык олорбуппут. Кини учууталлыыр, мин ветеринардыыбын. Эдэр дьон буолан суббота ахсын танцыга сылдьабыт. Ханнык да улахан кулууп саалатын вальстаан үстэ эргийэр буоларбыт. Иккиэн  кинигэ бѳ5ѳтүн  аахпыт дьоммут. Биир эмэ сонун кинигэ та5ыста5ына олох эккирэтэ сылдьан аа5ааччыбыт. Оччотоо5уга «Молодая гвардия» саҥа суруллан тахсыбыта. Кэпсэтии бѳ5ѳ. Аа5ыахпытын ба5арбыппыт сүрэ. Библиотека5а кэлэрин күүппүппүт а5ай буолла5а…

    1969-1970 сыллаахха мин интернакка воспитателинэн үлэ5э киирбитим. Ол кэмнэ Акулина Яковлевна уонна Люция Константиновна учууталлыы сылдьаллара. Хайалара эбитэ буолла5а, билигин ѳйдѳѳбѳппүн, декретнэй уоппускатыгар барбытыгар солбуйаммын иккис кылаастары үѳрэтэ сылдьыбытым. Сыл курдук учууталлаабытым. Люция Константиновна оскуола5а директордаабыта. Оннук үлэлии сырыттахпына инспекция кэлэ сылдьан «учууталлыыр дьо5урдаах эбиккин, үѳрэн» диэбиттэрэ. Инньэ гынан Магаданнаа5ы пединститутка туттарсан киирбитим. Икки сыл курдук үѳрэнэн баран быра5ан кэбиспитим. Оттон Люция Константиновна  олох бэриниилээхтик ити үлэтигэр үлэлээбитэ. Быыска, кылгас кэмҥэ, сельсовекка секретардыы сылдьыбыттаа5а. Мин буолла5ына, заочно үѳрэнэн, библиотекарь буолан хаалбытым. Ол үлэбэр 21 сыл үлэлээбитим. Оттон кини учууталлаабытын курдук учууталлыы сылдьыбыта.

Слепцова Светлана Афанасьевна, СР культуратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ.

 Үтүѳ5э угуйбут маҥнайгы учууталым

      Мин, 1966 сыллаахха Абый начальнай оскуолатыгар үѳрэнэ киирбитим. Маҥнайгы учууталым Люция Константиновна Чиркова. Оскуола5а киирэрбитигэр бэhиэ этибит. Никулина Тоня, Эверстова Аля, Стручкова Галя, Черемкин Гриша, Никулин Володя. Биhигини кытта үhүс кылаас о5олоро олорон үѳрэнэллэрэ.  Уопсай үѳрэнэр буоламмыт куhа5ан сыананы ыларбытыттан олус кыбыстарбыт. Кылааспыт иhигэр тимир оhох оттуллара. Уот кэлбэт кэмигэр учуутал остуолугар лаампа, паарталарга чүмэчи умайара. Бары сэрэхтээхтик үлэлии сатыырбыт. Иккис кылааска октябренокка киирбитим. Үhүс кылааска пионер буолбутум. Тѳрдүс кылааска үѳрэнэ сырыттахпына шариковай ручка баар буолбута. Ол иннинэ харандааhынан, бѳрүѳнэн, черниланан суруйар этибит. Олус эрэйдээх марайдаах буолара. Ручка кэлэн суруйарга чэпчээн, үѳрүү бѳ5ѳ буолбуппут. Үлэбит да биллэ ырааhырбыта. Тэтэрээккэ үлэлээн бүтээппитин кытта Люция Константиновна уруучукаларбытын сонно хомуйан ылаттыыра. Ахсаан уруогар суокка күрэхтэhиилэри тэрийэн ыытара. Ордук оннук суокка уолаттарбыт Черемкин Гриша, Никулин Володя чорбойоллоро. Куруук элбэ5и сѳпкѳ суоттуур этилэр. Тѳрдүс кылаас кэнниттэн Володя Ньурба5а үѳрэнэ барбыта.

    Уруок тас кэмигэр, перемена5а таах мээли сылдьыбат этибит. Учууталбыт сиэттиhиннэрэн баран, араас үҥкүүнү үҥкүүлэтэрэ. Нууччалыы хоhоону-ырыаны олус элбэ5и үѳрэтэрбит. Миигин уонна Эверстова Аляны гимнастика5а үѳрэтэрэ. Пирамида оҥорор этибит.Араас спортивнай, культурнай күрэхтэргэ куруук кыттарбыт. Үксүгэр бастыыр этибит.

   Учууталым киhи быhыытынан элбэх үтүѳ хаачыстыбалаа5а. Общественнай олоххо олус активнайдык кыттара. Оччолорго художественнай самодеятельность оскуола5а, нэhилиэккэ элбэхтэ ыытыллара.учууталбыт барытыгар кыттара уонна биhиэхэ холобур буолара.

    Улаатан да баран учууталым эппит тылларын, угуйбут үтүѳтүн умнубаппын.

    Түгэнинэн туhанан, үтүѳ5э угуйбут Маҥнайгы учууталбын үѳрүүлээх үбүлүѳйүнэн э5эрдэлиибин. Бары кэрэни, олоххо дьолу-соргуну ба5арабын!

Черемкина Мария Васильевна - «Абый нэhилиэгэ» МТ кылаабынай бухгалтера

 Э5эрдэ эйиэхэ! Эйиэхэ, үѳрэппит учууталбар!

     Учуутал, саамай күндү киhи. Хас биирдии киhи оло5ор маҥнайгы суолдьут - маҥнайгы учуутал.

     Мин, истиҥник үѳрэ санаан ахтар учууталым, суолдьутум, холобур оҥостор киhим -Чиркова Люция Константиновна. Үс о5о эйэ5эс ийэтэ, тэрилтэ салайааччыта буола үүнүүм, нэhилиэккэ, бэйэм саастыылаахтарбар убаастанарым, үрдүк ситиhиилэрим - бу барыта Люция Константиновна ѳҥѳтѳ диэтэхпинэ, сыыспаппын.

    Алын кылаас о5ото, бу сааhыгар сѳпкѳ суолун туттардахтарына, бүтүн оло5о ойууланар…  Мин үhүс кылааска бастакы оройуоҥҥа ырыа5а холонуум, бастакы ырыа алыбар ылларбыт, бастакы дьону-сэргэни ыллаан үѳрдүбүт «инникилээх ырыаhыт» аатын ылбыт, кэрэ кэмим. Ѳйдүүбүн Люция Константиновна ырыа5а үѳрэтэрин, нууччалыы ырыа5а наhаа элбэ5и үѳрэппитэ. Хорга солист быhыытынан ыллатара.  Ѳйдүүбүн: «Света, эйигиттэн тутулуктаах биhиги хорбут, эйигиттэн тутулуктаах кыайарбыт - хоторбут», -диирин. Онно кытаанахтык ѳйдѳѳбүтүм учууталбын түhэн биэриэ суохтаахпын. Мин үѳрүүм, ситиhиим - кини ситиhиитэ, кини үѳрүүтэ буоларын.

     Оскуоланы бүтэрэн да баран, улахан дьон буолан, туспа буруо таhааран, ыал ийэтэ аатыран да сылдьан, биhиги Люция Константиновнабытын олус таптыыбыт, эйэ5эстик саныыбыт

     Күндү киhим, учууталым!

Эйиэхэ, сүhүѳхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран, алгыстаах тыллары аныыбын, олус диэн махтанабын, таптыыбын! 

Эн олоххор ѳссѳ да

Доргуччу дорообо

Дуорайа кѳтүѳхтүн,

Эргиччи э5эрдэ

Элээрэн иhиэхтин!

Кэлэр күн үѳрүүтэ

Сатана туруохтун,

Кэрэ кэм кэрдииhэ

Кэрэни айыахтын!

Слепцова Светлана Васильевна, Абыйдаа5ы М.А.Слепцова аатынан Культура уонна Сынньалаҥ киинин директора, Саха Республикатын культуратын туйгуна

 Олоҕу кытта тэӊӊэ

Мин педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Чиркова Люция Константиновнаны 1974 сылтан ыла билэбин, биир оскуолаҕа үлэлээбиппит. Кини олохтоох ыччаттан биир бастакыннан 60 сыллар саҕаланыыларыгар Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн өр кэмтэн ханна да халбарыйбакка төрөөбүт нэhилиэгин оскуолатын начаалынай кылаастарыгар учууталлаабыта. Нэhилиэк 60-90 сыллардааҕы кѳлүѳнэ ыччата киниттэн ааҕарга, суруйарга, суоттуурга, уопсайынан киhи буоларга үөрэммитэ уонна такайыллыбыта, диэтэххэ омнуолааhын буолуо суоҕа дии саныыбын.

Люция Константиновна оччотооҕу кэмӊэ сѳп түбэhэр педагогическай билиилээх уонна методическай таhымнаах учуутал этэ. Начаалынай кылаастар бырагарааммаларыгар сөп түбэhэр чиӊ билиини оҕолорго иӊэрэрэ. Элбэхтик бэйэтин билиитин - көрүүтүн хаӊатара. Оччотооҕу сылларга иитиллибит учууталлары аттестациялааhыннарга бэркэ ааhара. Олор түмүктэринэн хаста даҕаны РОНО уонна үөрэх Министиристибэтин Бочуотунай кырааматаларынан бэлиэтэммитэ. Кини үөрэнээччилэриттэн чиӊ билиини, бэрээдэги уонна ылбыт билиилэрин чобуотук этэллэрин уонна көрдөрөллөрүн ирдииринэн атын учууталлартан уратылааҕа. Мин саныыбын, Люция Константиновна учууталынан билиӊӊи ураты кэмӊэ үлэлээбитэ буоллар син – биир бастыӊнар кэккэлэригэр сылдьыа этэ. Ол курдук, 70-80 сыллардаахха начаалынай кылаастар үөрэнээччилэрин ортолоругар элбэх үөрэх туйгуннара бааллара.

Иккиhинэн, Люция Константиновна актыыбынай позициялаах, санаатын уонна толкуйдаабыт боппуруостарын оскуола уонна нэhилиэк салайааччыларыгар, араас мунньахтарга иңнигэhэ суох, толлубакка этэр – тыынар үгэстээҕэ. Оскуолаҕа начаалынай кылаастар методическай холбоhуктарын салайааччытынан, профком бэрэссэдээтэлинэн уонна төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, нэhилиэгэр сэбиэт дьокутаатынан уонна араас уопсыстыбаннай холбоhуктар салайааччыларынан аккаастаабакка, үтүө суобастаахтык үлэлэбитэ, оскуола уонна нэhилиэк уопсыстыбаннай олоҕо сайдарыгар кылаатын киллэрбитэ. Люция Константиновна оскуола уонна нэhилиэк художественнай самодеятельноhын актыыбынай кыттыылааҕа. Сүрдээх чуолкай, күүстээх үрдүк куоластааҕа.

Yсүhүнэн, Люция Константиновна уонна Владимир Константинович Боровченко ыал буолан биэс оҕону (Лариса, Лика, Лера, Алена уонна Костя) иитэн, атахтарыгар туруорбуттара. Оҕолор бары үчүгэйдик үөрэммиттэрэ, бэрэдэктээх эдэр дьоннор тахсыбыттара. Владимир Боровченко сопхуос Абыйдааҕы отделениетын биир тоhуу механизатора, уу баhааччы суоппарынан өр кэмӊэ үлэлээбитэ.

Төрдүhүнэн, Люция Константиновна 90 сыллар бүтүүлэригэр олоҕун, үлэтин 180 кыраадыска уларытан, Үрүӊ Хайаҕа киирэн атыыннан – эргиэннэн дьарыктанан, улуус уонна нэhилиэгин олохтоохторун табаарынан, аhынан – үөлүнэн хааччыйыыга сэмэй кылаатын киллэрсибитэ. Люция Константиновна бу хардыыта үөhэ ахтыллыбыт олоххо сыhыанын көрдөрөр, хорсун санаа – этии туоhулуур. Кини спонсор быhыытынан улууска уонна нэhилиэккэ иитиллэр дьаhаллары үбүлээhиӊӊэ бастайааннай көмөнү оӊорор, көмөлөhөр, бар дьонун махталынан туhанар.

Ариан Тимофеевич Томский педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, «За развитие Абыйского улуса» бэлиэ хаhаайына, Абый нэhилиэгин, улууhун Бочуоттаах олохтооҕо

 

Учуутал үрдүк аата – киниэхэ ананар

Мин эдьиийим, коллегам Чиркова Люция Константиновна, Абый нэhилиэгин олохтоох учууталларыттан биирдэстэрэ. Кини элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэңңэ саамай улаханнара буолан элбэх оҕоҕо воспитатель курдук этэ. Бэйэтин балыстарын, чугастааҕы ыал оҕолорун мунньан концерт тэрийэрэ. Ол да иhин буолуо, оскуоланы бүтэрээт Бүлүү педучилещатыгар учуутал идэтигэр үөрэнэ барбыта. 1962 с. үөрэҕин бүтэрэн Абый начальнай оскуолатыгар үлэлии кэлбитэ. Онтон ыла 40 – ча сыл устата Абый нэhилиэгин элбэх көлүөнэ ыччатан иитэн – үөрэтэн таhаарда. Бу сыллар устата төhөлөөх элбэх оҕону үөрэххэ – сырдыкка уhуйан, ол оҕолорун кытта сибээhин быспат, кинилэри үөрэ – көтө көрсөр, сүбэлиир, оҕолорун ситиhиилэринэн киэн туттар.

Yлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, элбэҕи ааҕар, билэр, үөрэнэр, убаастанар учуутал. Кини үөрэтэр кылааhыгар 5 – 6 үчүгэйдик үөрэнэр оҕолор баар буолааччылар, олору кытта ыкса ылсыhан, эбии сорудах биэрэн үлэлиирэ. Аны санаатахха, үөрэххэ дьоҕурдаах, талааннаах оҕолору таба көрөн, хас биирдиилэрин кытта индивидуально үлэни күүскэ туттубут, таhаарыылаахтык үлэлээбит эбит. Ол да иhин кини үөрэппит оҕолоруттан элбэх оҕо үрдүк үөрэҕи баhылаан, араас специалист буолан үлэлии сылдьаллар. Кэнники кэтээн көрдөххө, хайа да кылаас оҕолоруттан кини кылааhын оҕолоро үөрэххэ тардыhыылара, олоххо бастың общественник буолаллара харахха быраҕыллар – бу барыта учуутал үгүс сыратыттан, үлэтиттэн тахсар. Yгүс ахсааннаах үөрэппит оҕолоро учууталларыгар махталлара улахан. «Yөрэппит оҕолорум махталларыттан, үөрэ – көтө көрсөллөрүттэн олус үөрэбин. Учууталга онтон ордук үрдүк дьол суох», - диэн Люция Константиновна үгүстүк ахтар.

Люция Константиновна 5 оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эбээтэ, толору дьоллоох киhи.

Люция Константиновна эйигин 80 сааскын туолбут юбилейгынан истиңник эҕэрдэлиибин, өссө да уhун сылларга ыалдьыбакка дьоллоохтук үөрэ – көтө олор.

Корякина Мотрена Никифоровна, РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Азия оҕолоро» Международнай фонд стипендиата, «Учууталлар учууталлара» СР бэлиэ хаhаайката, педагогическай үлэ ветерана, Абый улууhун Бочуоттаах олохтооҕо

 Мин күндү киhим

Люция Константиновна миигин 1963 сыллаахха үѳрэппитэ.  Оччолорго Бүлүүтээҕи педагогическай училищаны саңа бγтэрэн, учуутал идэтин баhылааhыныгар бастакы хардыылара эбит.  Биhиги 1 кылааhы кытта биир кылааска олорон үѳрэнэр этибит (малокомплектнай).  Кылааска, учуутал остуолугар лаампа, паарталарга чүмэчи турара.  Переменаҕа учууталбыт лаампатын туппутунан кѳрүдүѳргэ тахсара, биhиэхэ саӊаттан саӊа хамсаныылаах оонньуулары үѳрэтэрэ.

Люция Константиновна үчүгэйдик үӊкүүлүүрэ, ыллыыра.  Биhиэхэ «Петушок», «Первый звонок», «Песенка о грибе», «В лагере» диэн ырыалары   үѳрэппитэ. «Танец с ленточками», «Маки», «Юла», «Матрёшки» үӊкүүлэрин билигин да ѳйдүүбүн.

Оҕо сааспар ыытыллыбыт пионер күнүн, саӊа дьылы биир да киhи   умнубата   буолуо.

Люция Константиновнаны тула олорон, ёлкаҕа бэлэмнэнэн, кумааҕылары кырааскалаан, флажоктары, цепочкалары, араас оонньуурдары онорорбут. Онтуктарбытын ёлкаҕа ыйатара. Слепцов Володя бэстилиэтин кѳрдѳѳн булбакка, ытыы сыспыта, хата иhирдьэ   ыйанан турарын кѳрѳн уоскуйбута.

Уруокка кинигэ, тэтэрээт тастаах буолуохтааҕын, тэтэрээккэ ыраастык   үлэлиэхтээхпитин ирдиирэ. Мин тэтэрээтим муннуга куруук имиллэн тахсара, элбэхтэ сэмэлэнэрим.

Аҕам оскуолаҕа киириэм иннинэ улахан дьон буквардарынан аахтара үөрэтэн, добдугураччы   ааҕан киирбитим.  Учууталым кылаас иннигэр таhааран «доргуччу аах» диэн соруйара.  Онтон диэри текст ис хоhооннооҕун, тугу эрэ кэпсиирин, ааҕыы интириэстээҕин ѳйдѳѳбүтүм. Кинигэни таптаан, аргыс оӊостор буолбутум. Учууталым сирэйин – хараҕын, танаhын – сабын, саӊарар саӊатын, туттан – хаптан сылдьарын мэлдьи ымсыыра кѳрѳрүм. Учуутал маннык буолуохтаах эбит диэн ѳйдүүрүм. Учуутал эбитим буоллар диэн элбэхтэ сананар буолбутум. Ол баҕа санаам туолан 1969 сыллаахха эмиэ   Бүлүүтээҕи педагогическай училещаҕа үѳрэнэ киирбитим. 1973 сыллаахха үѳрэхпин бүтэрэн, тѳрѳѳбүт Абыйым нэhилиэгэр үлэлии кэлбитим. Люция Константиновна   сүбэтинэн – аматынан, хонтуруолунан үлэбин саҕалаабытым. Кинилиин 20-тэн тахса сыл Абый оскуолатыгар үлэлээбиппит. Кини уруоктарыгар элбэхтэ сылдьарым. Уруоктара эбэhээт, ким да туттубат саӊа «кыырпахтардаах» буолара.  Оҕолор болҕомтолорун тардар, истэр интириэhи үѳскэтэр «аптааҕа». Ол абын, кыырпахтарын биhиэхэ, эдэр учууталларга харыстаабакка ыhара.

Методическай үлэтигэр сурдээх боччумнаахтык, ирдэбиллээхтик сыhыанаhара. Дакылаатын эрдэ туран бэлэмнээн, бастаан тоҕо эрэ миэхэ ааҕан иhитиннэрэрэ, ырыт диэн модьуйара. Ол эрэ кэнниттэн педсовекка тахсара. Аны санаатахпына, бэйэбин үѳрэтэр эбит. Сотору миигин методическай холбоhук салайааччытынан таланнар, 20-чэ сыл үлэлэппиттэрэ.

Онно билбитим методическай үлэҕэ проблема хайдах быhаарыллан тахсарын, үлэ форманнан былааннанарын, учуутал бэйэтин үлэтин (индивид) туохтан саҕалаан, туохха олоҕуран оӊоруохтааҕын.

Yлэлиирбитигэр маннык сүбэлиирэ. «Учуутал уруогун министр да киирэригэр бэлэм оӊоруохтаах» диэн этэрэ.

Ол иhин уруоктарбытыгар дууhабытын уран туран бэлэмнэнэрбит. Сэрэппэккэ эрэ кини миэхэ, мин киниэхэ уруокка киирсэрбит. Итэҕэhи уонна саӊа «изюминканы» эбэhээт ырытыллыахтаах диэн сүбэлэhэрбит.

Ол да иhин буолуо, хас эрэ сылларга мин уруоктарым улууска аhаҕас уруоктарынан   биллэриллибиттэрэ.  Учууталым тус олоҕо ыараханын мин үчүгэйдик билэрим. Аhаҕастык кэпсиирэ. Наhаа хараастара. Ол барыта оскуолаҕа буолбатах, дьиэ иhигэр.

Оттон оскуола5а…! Кини курдук үѳрэ – кѳтѳ, күлэ – сала, үӊкүүлүү сылдьар киhи суоҕа. Кини курдук дьыалабыай, куруук түбүнэ, куруук үѳрэтэр оҕолорун туhунан эрэ кэпсиир   киhи а5ыйаҕа. «Ханнык да тѳрѳппүттээх буоллун, тѳhѳ да куhа5ан үѳрэхтээх, куhаҕан бэрээдэктээх буоллун, оҕо туhунан хаhан да, ханна да куhаҕаны саӊарбат, эппэт буол.  О5о үчүгэй ѳрүттэригэр ѳйгүн хатаа, ол ѳрүккэ ѳйѳнѳн бу оҕону иит» - диэн билигин да этэр, урут да этэрэ.

Олоҕум устата холобур оӊостубут киhим, убаастабыллаах учууталым, Люция Константиновна. Оҕо сааhым кэрэ кэмнэригэр холбуу тутан күндүтүк саныыр киhим – Люция Константиновна.

Оӊорбут үчүгэйбин, ситиспит үрдэллэрбин, санаам кэрэтин аныыбын эйиэхэ, - мин күндү киhим.                 

Стручкова Светлана Дмитриевна, Россия үѳрэҕин туйгуна I категориялаах учуутал, педагогическай үлэ бэтэрээнэ

 

Маңнайгы учууталым

      Учуутал… Бу соҕотох үтүѳ тыл хас биирдиибитигэр кыра оҕо сааспытыттан ѳйбүтүгэр – санаабытыгар кэрэ ѳйдѳбүл буолан иңэн сылдьар. Учуутал амарах майгыта, истиң – сылаас кѳрүүтэ, ис сүрэхтэн тахсар олохтоох тыллара олус да күндүлэр, кэрэлэр.

     Мин маңнайгы учууталым, Россия үѳрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Чиркова Люция Константиновна 1962 с. Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн кэлэн Абый начальнай оскуолатыгар учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта.

    Бастакы үѳрэнээччилэринэн биhиги 6 оҕо этибит: Ефимова Галя, Черемкин Толя, Стручкова Лина, Стручкова Лина, Жирков Володя уонна мин. Оччолорго биhиги Таала Күѳл учаастагар олорор этибит. Оскуолаҕа киириэхпит иннинэ Люция Константиновна Таала Күѳлэгэ тахсан дьиэлэринэн сылдьан, оскуолаҕа киирэргэ туох таңас-сап, үѳрэнэр мал-сал наадатын тѳрѳппүттэрбитигэр сүбэлээбитэ.

Мин оскуолаҕа киириэм иннинэ ааҕа үѳрэммитим, ону билэн миэхэ оскуола аhыллыытыгар илиискэ хоhоон суруйан биэрбитин, үѳрэппиппин ѳйдүүбүн.

     Оскуолаҕа киирэр күммүн, учууталбын кѳрсѳрбүн, саңа школьнай формабын кэтэрбин, үрүң бантикпын баанарбын уhуннук да кэтэспитим.

     Кэтэhиилээх күммүт тиийэн кэлэн Люция Константиновна биhигини сиэтэн оскуолаҕа киллэрбитэ. Барыбытыгар бэйэбит ааппытын кыраасканан суруйан суумка кэтэрдибитин бу баардыы ѳйдүүбүн.

    Люция Константиновна биhигини кэрэни кэрэхсииргэ, айылҕалыын алтыhарга, болҕомтолоох буоларга, туохха барытыгар оттомноохтук сыhыаннаhарга үѳрэтэрэ. Мин киниттэн хаhан да мѳҕүллүбүппүн, куолаhын үрдэппитин ѳйдѳѳбѳппүн. Сыыстахпына даҕаны тулуурдаахтык быhааран биэрэрэ. Кини куруук үѳрэ-кѳтѳ сылдьара, санаатын түhэрбэт этэ. Элбэх ырыаны-хоhоону, үңкүүнү үѳрэтэрэ. Переменаҕа кылаастан иккилии буолан сиэттиспитинэн тахсан, коридору тула хама сылдьан ырыа ыллыырбыт, хороводтуурбут, онон коридорга туох да айдаан суох буолара. Ону барытын учууталбыт сатабыллаахтык тэрийэрэ.

    Люция Константиновна хас биирдии үѳрэнээччигэ ураты болҕомтолоохтук сыhыаннаhара. Мин үѳрэхпэр үчүгэй буоламмын эбии сорудахтары биэрэрэ. 1966 сыллаахха Абый начальнай оскуолатын бүтэрэн Дружина орто оскуолатыгар үѳрэнэ киирбитим. 1966-67 үѳрэх сылыгар 5 кылааhы үчүгэйдик бүтэрэн, Москва-Ленинград туристическай путевканан наҕараадаламмытым. Ол бара сылдьыбытым туhунан Абый оскуолатын оҕолоругар тахсан кэпсээбитим, учууталбар Люция Константиновнаҕа улаханнык махтаммытым.

     Учуутал оҕоҕо үтүѳ холобур. Кини профессиональнай хаачыстыбаларын кѳрѳн, үлэҕэ сыhыаныгар иитиллэн улааппытым, үлэhит буолбутум. Кини үѳрэтэн-такайан оскуолаҕа үѳрэнэр сылларбар бастың үѳрэнээччи, общественник, онтон бастың студеннар кэккэлэригэр сылдьыбытым.

     Билигин оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитим 40 сылын туолла, ол сыллар усталарыгар мин иннибэр куруук маңнайгы учууталым мѳссүѳнэ турар.

Слепцова Екатерина Михайловна – РФ уопсай үѳрэхтээhинин Бочуоттаах үлэhитэ, СР үѳрэҕириитин туйгуна, Ср Президенин уонна Абый улууhун баhылыгын Граннарын кыайыылааҕа, Абый нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үрдүк категориялаах математика учуутала

 

Олоҕум сирдьитэ – маңнайгы учууталым

Учуутал! Сыччах бу биир тыл биһиги өйбүтүгэр – санаабытыгар үтүө быһыы – майгы, сырдык, киэң – куоң өй – санаа туһунан өйдөбүлү хаалларар.

Учуутал төһө да аһы – таңаһы, материальнай уйгуну быһаччы оңорон таһаарбатар да, олус наадалаах, ыарахан үлэлээх киһи. Улуу педагог Сухомлинскай суруйбутунан, саамай эппиэтинэстээх уонна эрэйдээх үлэнэн кэлэр көлүөнэни иитэн таһаарыы буолар.

Оҕо, эдэр киһи хайдах туох өйдөөх – санаалаах улаатара, хайдах тыыны иитинэрэ, олох суолугар үктэнэрэ учууталлартан улахан тутулуктаах.

Билии киэң суолугар үктэннэрбит мин маңнайгы учууталым Чиркова Люция Константиновна буолар. Биһиги маңнайгы кылааска 14 буолан киирбиппит. Ол саҕана биир кылаас – хоско икки кылаас оҕото тэңңэ үөрэнэр этэ. Оскуолаҕа киирэрбитигэр оччотооҕу оҕолор биир да буукубаны, ахсааны билбэт этибит. Паартаҕа хайдах олорорбутуттан саҕалаан, уруучука тутан суруйарга, ааҕарга үөрэнэн барбыппыт.

Оччолорго, аны санаатахха, эдэр учуутал үлэлииригэр ыарахан да усулуобуйа эбит!.. Хас кылаас аайы маһынан оттуллар тимир оһох, электричество үксүгэр суох буолан, чумэчинэн үөрэнэрбит. Ону ол диэбэккэ, учууталбыт барыбытын кытта тэӊңэ үлэлэһэн, сүрдээх интэриэһинэй уруоктары, ырыалаах – үңкүүлээх переменалары тэрийэн ыытарын сөҕө – махтайа саныыбыт.

Биһиги ордук математиканы сөбүлүүр этибит. Оччолорго даҕаны улуус киинигэр, Дружинаҕа, алын кылаастарга олимпиадалар ыытыллар эбиттэр. Онно кыттан Черова Света, Слепцов Миша (ученай Слепцовтар кыра бырааттара) уонна мин математикаҕа оройуоңңа бастаан тахсыбыппытын өйдүүбүн.

Сотору – сотору оскуолалар икки ардыларыгар художественнай самодеятельность көрүүлэрэ ыытыллааччылар. Онно Люция Константиновна үңкүү, ырыа бөҕөнү үөрэтээччи, араас акробатическай нүөмэрдэри, маны таһынан шумовой музыкальнай нүөмэри ложканан кытта оонньуурга үөрэтэрэ. Оҕо барыта үңкүүһүт, ырыаһыт курдук сананар этибит.

Октябренок, пионер буолар дьолун эмиэ Люция Константиновна көмөтүнэн билбиппит. Быраабыла, андаҕар бөҕөтүн үөрэтэн, ону күннээҕи олохпутугар туһанарга, чиэһинэй, эппиэтинэстээх, кырдьаҕастары убаастыыр, үлэни таптыыр дьон буоларбытыгар кини элбэх сыратын, өйүн – санаатын, киэң билиитин биэрбит эбит диэн билинэбит уонна сыаналыыбыт.

Ол саҕана учуутал нэһилиэккэ саамай убаастанар, ытыктанар киһи этэ. Учууталлар урут даҕаны араас ыытыллар культурнай, хаһаайыстыбаннай тэрээһиннэргэ активнайдык кытталлара.

Үгүспүт, оскуола кэнниттэн, дьиэбитигэр учууталлаах буола оонньуурбут. Учууталбыт уруокка тугу саңарбытын, хайдах туттубутун өйдүү – өйдүү уруок ыыта сатыырбыт.

Хайа да кэмңэ үлэһит киһини дьон – сэргэ дириң ытыктабылынан ахтар. Оннук дьонунан олохторун, үлэлэрин, сыраларын бүүс – бүтүннүү кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ анаабыт киһинэн биирдэстэринэн мин маңнайгы учууталым Люция Константиновна буолар.

Мин учуутал идэтин таларбар маңнайгы учууталым, Люция Константиновна, киэң билиитэ, ыллыктаах санаата, дьаныардаах үлэтэ бастың холобур буолбута.

Черемкина Валентина Васильевна, үрдүк категориялаах биология уонна химия учуутала, СР үѳрэҕириитин туйгуна, СР үтүөлээх учуутала, Үрүң Хайа

 Махтана саныыбын

  Учуутал!  Учуутал идэтэ – сир үрдүгэр сүрүн идэлэртэн саамай биирдэстэрэ. Саамай сырдык, кэскиллээх идэ. Кини – олох муудараhыгар үѳрэтээччи, ырааска – кэрэҕэ    уhуйааччы, сырдыкка – сайдыыга сирдээччи. Учуутал – мындыр ѳйдѳѳх, уйаҕас дууhалаах, аhыныгас сүрэхтээх, киэң билиилээх, бэйэтин таптатар, убаастатар сүдү киhи. Тѳhѳлѳѳх киhи таптала, махтала киниэхэ анаммыта буолуой? 

    Оттон маңнайгы учуутал кимиэхэ баҕарар оҕо сааhын умнуллубат сорҕото буолар. Мин маңнайгы учууталым – Люция Константиновна. 1972 сыллаахха кини биhигини, сүүрбэттэн тахса оҕону билии сырдык кыhатыгар сиэтэн киллэрбитэ. «А» буукубаттан саҕалаан ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үѳрэтэн – такайан барбыта. Учууталбыт биhигини билэ иликпитин биллэрээри, сүбэлээн – амалаан, сыратын барытын ууран дьаныардаахтык да үѳрэппит эбит. Мин маңнайгы кылааска сатаан аахпат да, суруйбат да этим. Буукубалары эрэ билэрим. Буукубалары холбоон, сүhүѳхтээн аа5арбар, суруйарбар учууталым үѳрэппитэ.

Кини ирдэбиллээх этэ. Сорудаҕын булгуччу толорор буоларбыт. Ол да иhин мин сүрдээҕин кыhалларым уонна үѳрэхпэр үчүгэй буолбутум. Элбэх билиини – кѳрүүнү ылбытым.

    Мин санаабар, маңнайгы учуутал диэн киhиэхэ иккис ийэ кэриэтэ. Маңнайгы учууталы ѳрүү күндүтүк саныы – ѳйдүү сылдьабыт.  Кини биhиги үѳрэҕи эрэ баhылыырбытыгар кѳмѳлѳспѳтѳх, киhи быhыытынан үчүгэй дьон буолан тахсарбытыгар ииппит, олоххо наадалааҕы билэрбитигэр үѳрэппит, такайбыт.                     

    Биhиги кылаас оҕолоро билигин да иллээхпит – эйэлээхпит, бэйэ – бэйэбитигэр ѳрүү кѳмѳлөhѳбүт. Ити эмиэ Люция Константиновна ѳңѳтѳ. Кини биhигини кыра эрдэхпититтэн иллээх – эйэлээх буоларга, бэйэ – бэйэҕэ кѳмѳлѳhѳргѳ, кырдьаҕас дьону убаастыырга үѳрэппитэ. Кылааспытыгар элбэх буолан сороҕор мэниктээн да, сэмэлэнэн да ыларбыт. Сүрдээх мэник этибит. Ол гынан баран ыытыллар үлэлэргэ, араас мероприятияларга, күрэхтэhиилэргэ бары кѳхтѳѳхтүк кыттарбыт, үксүгэр инники миэстэҕэ сылдьарбыт.   

Ити курдук учууталбыт биhигини сылаас сыhыанынан угуттаан, үрдүк билиитигэр уhуйан, үтүѳ холобурунан сирдээн киhи – хара, үлэhит буолар аартыкпытын булларбыта.

Биhиги, кини үѳрэнээччилэрэ, учууталбыт холобурунан учуутал идэтин баhылаан улуус араас оскуолаларыгар, аныгы олоҕу кытта тэңңэ хаамсан, саңа кѳлүѳнэ ыччакка билиини биэрэ, кэрэҕэ угуйа үлэлии – хамсыы сылдьабыт. Биhиги иллээх кылааспытыттан алта оҕо педагог үрдүк аатын сүкпүппүтүттэн киэн туттабын уонна Люция Константиновнаҕа айыы санаатынан салайан, үтүѳ сүбэтинэн сирдээн бу идэҕэ уһуйбутугар дириңник махтанабын. Махталлаах үѳрэнээччилэрэ эрэллээхтик хардыылыыбыт, саңаттан – саңа үрдэллэри дабайабыт.

  Люция Константиновна үѳрэммит, үлэлээбит тапталлаах оскуолатыгар бу күңңэ диэри, араас ыытыллар тэрээhиннэргэ кѳмѳлѳhѳ олорорун астына истэбин, үѳрэбин, киэн туттабын.

 Мин учууталбын, Люция Константиновнаны, ѳрүү күндүтүк, истиңник   саныыбын. Кини мин олохпор кѳмѳлѳспүт уhулуччу үтүѳлээх.  Маңнайгы учууталбын үбүлүөйдээх күӊӊүнэн эҕэрдэлиибин уонна кытаанах доруобуйаны, кырдьары билиммэккэ ѳрүү үѳрэ – кѳтѳ сылдьарыгар, дьолу – соргуну, уhун үйэни ба5арабын. 

 Жиркова Маргарита Михайловна – Уолбут орто оскуолатын алын кылааhын үрдүк                                                            категориялаах учуутала, СР Υѳрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаhаайына

Маңнайгы учууталым

       Мин, Афанасьева Анастасия Васильевна, 1972 сыллаахха Абый аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үѳрэнэ киирбитим.

     Маңнайгы учууталым Чиркова Люция Константиновна этэ. Кини оччолорго олус эдэр, саңа олохтоох специалист учуутал этэ. Күhүн оскуола аhыллыыта учууталбын кѳрѳѳт да олус сѳбүлээбитим. Кини наhаа элбэҕи билэрэ, сытыы – хотуу, киhини кытта биир тылы булан кэпсэтэрэ, сүбэлиирэ – амалыыра. Тута – хапта сылдьарыгар наhаа эмоциональнай буолара. Олоххо олус активнай позициялааҕа.

     Алын кылааска үѳрэнэрбэр ѳйдөѳн хаалбыт түгэннэрим элбэхтэр. Ол курдук учууталым интириэhинэй уруоктара, араас күрэхтэрэ, бырааhынньыктара, октябрятскай, пионерскай сбордара буолаллар. Перемена кэмигэр бары сиэттиhэн баран, сороҕор иккилии – үстүү буолан үңкүүлүүрбүт. Маны таhынан наhаа элбэх ырыаны, хоhоону үѳрэтэрэ. ѳйдөѳн хаалбыт ырыаларым «Тропинка школьная моя», «Веселый барабанщик», «Октябрята», «Мамочка моя» уо.д.а.

Биhиги пионер кэккэтигэр киирэрбитигэр араас быраабылалары, андаҕардары үѳрэтэрбит. Ону наhаа уhуннук үѳрэппиппин ѳйдүүбүн. Учууталбыт олус ирдэбиллээх киhи буолан үѳрэттэхпитинэ, биллэхпитинэ эрэ ыытара. Оңоhуллуохтаах үлэни эбэhээт толортороро. Кэлин бу ирдэбиллэргэ үѳрэммит үѳрγйэхтэрбит тус олохпутугар олус туhалаатылар.

     Мин оскуоланы бүтэрэн баран, учууталым курдук, алын кылаас учууталын идэтин таларга санаммытым. Билигин тѳрѳѳбүт нэhилиэкпэр, оскуолабар 20-тэн тахса сыл учууталынан үлэлээн кэллим. Санаан кѳрдѳхпүнэ, кини үѳрэппитэ – такайбыта педагог буоларга тѳhүү күүс буолбут эбит. Онон күндү учууталбар улаханнык махтанабын.

     Убаастыыр күндү учууталым, Люция Константиновна, ѳссѳ да үгүс сылларга тѳрѳппүт, учуутал, үѳрэнээччи махталын ыла тураргар, доруобай буоларгар баҕарабын.

 Афанасьева Анастасия Васильевна  - Абый орто оскуолатын үрдүк  категориялаах учуутала, СР Υѳрэҕириитин туйгуна

 Мин маңнайгы учууталым – о5о сааhым ѳйдѳбүлэ

Учуутал… Бу үйэлэр тухары киhи – аймах билиигэ – сырдыкка тардыhыыта, ол ѳйдѳбүлэ түмүллүбүт истиң – иhирэх тыла буолар. Урут да билигин да учуутал суолтата, үтүѳ аата үрдүктүк тутуллан кэлбит. 

  Оскуолаҕа киhи элбэх учууталга үөрэнэр, ол эрээри аҕыйах учуутал киhи ѳйүгэр – санаатыгар иңэн хаалар. Маңнайгы учуутал ѳр сылларга оҕо сааhын умнуллубат ѳйдѳбүлэ буолан ѳйгѳр хатанар. Мин маңнайгы учууталым Чиркова Люция Константиновна буолар. Кини бэйэтин үѳрэнээччилэригэр ис дууhаттан бары үчүгэйи, бэрээдэктээх буолууну, үлэҕэ – үѳрэххэ үчүгэй сыhыаны, ситиhиилэри эрэ баҕарара. Биhиги кылааспытыгар 20 тахса этибит. Кини кылааспытын куруук иллээх, бииргэ буоларга үѳрэппитэ. Ол да иhин буолуо, билигин даҕаны бары бииргэ түмсэн сылдьабыт. Урукку учууталлар барыны бары сатыыр дьоннор эбит диэн сыаналыыбын. Люция Константиновна уруок таhынан ырыаны, үңкүүнү бэйэтэ үѳрэтэрэ. Кини үѳрэппит «Юла» үңкүүнү, араас хоровод үңкүүлэрин наhаа үчүгэйдик ѳйдүүбүн.

Кини наhаа бэhиэлэй буолааччы, билигин даҕаны наар күлэ – үѳрэ сылдьар. Кими да мѳҕѳрүн, кыыhырарын ѳйдѳѳбөппүн. Маннайгы кылааска сырыттахпытына фотограф кылааhынан хаартыскаҕа түhэрэ кэлбитэ. Мин онно кэлиэхтээхпин умнан кэлбэтэҕим, онно наhаа куттаммытым уонна кыбыстыбытым. Ол хаартысканы кѳрдѳхпүнэ, түспэтэхпиттэн кыбыстыбыппын ѳйдүүбүн. Биhиги кылааспытыттан учууталбыт туйаҕын хатаран 7 учуутал, иитээччи идэтин баhылаан, бары тѳрѳѳбүт улууспутугар үлэлии – хамсыы сылдьабыт.

Мин оскуолаҕа 20 сыл үлэлээтим уонна сааhырдаҕым аайы Люция Константиновна үѳрэппит үтүѳтүн, биэрбит чиң билиитин дириңник ѳйдүүр, сыаналыыр буолан иhэбин. Кини кыра кылаастарга чиңник иңэрбит билиитэ мин үѳhээ кылаастарга, университекка ситиhиилээхтик үѳрэнэрбэр бигэ олук буолбута саарбаҕа суох.

Люция Константиновна билигин бочуоттаах сынньалаңңа олордор да, оскуоланы кытта ситимин быспат. Куруук кѳмѳлѳhѳр киhибит буолар.

Күндүтүк саныыр убаастыыр учууталым Люция Константиновна! Эйигин үбүлүөйдээх күӊӊүнэн истиңник э5эрдэлиибин!  Билигин да эдэрдии эрчимнин сүтэрбэккэ сүүрэ – кѳтѳ, сүбэ – ама буола уhуннук олороргор баҕарабын. 

Эн үѳрэнээччиң Анна Петровна Слепцова (Нюта Корякина), үрдүк категориялаах биология, химия учуутала, СР Υѳрэҕириитин туйгуна

 Эн мичээргин ѳйдүүбүн…

Хаhан да көрбөтөх, кыраhыабай гладиолус сибэккилээх, күhүңңү сарсыарда оскуолаҕа киирээри долгуйан баран эрэрбин хаhан да умнубаппын. Ол саҕана биhиги эргэ оскуолабыт курдук улахан, сырдык дьиэ суоҕа. Маңнайгы чуораан хайдах ааспытын өйдөөбөппүн гынан баран, харахпар кылааска Люция Константиновнаны батыhан киирбиппитин өйдүүбүн. Кылааска киирэн баран долгуйаммыт ханна барарбытын билбэккэ тэпсэңнии турдахпытына, кини барыбытын миэстэлэрбитин булан олортообута, уоскутан баран ааппытын ыйыппытын өйдүүбүн уонна «Ленин, школа» диэн улахан да буукубаларынан суруйбуппутун, онтон кини ол суруйбуппутун көрөн сылаастык мичээрдиирин өйдүүбүн.

  Люция Константиновнаны мин наhаа таптыы, ытыктыы көрөөччүбүн. Кини хас биирдиибитигэр болҕомтолоохтук, сүрэҕин сылааhын биэрэн туран үөрэтээччи. Кини уопуттаах учуутал быhыытынан биhиги туох дьоҕурдаахпытын таба көрөн тута арыйааччы, сайыннарааччы.

Люция Константиновна биhиги доруобуйабытыгар наhаа кыhаллааччы, уруок быыhыгар эбэhээтинэ зарядка оңотторооччу, эбиэттэн киэhэ үөрэнэр буоламмыт бары өйүөлээх сылдьааччыбыт, ону Люция Константиновна барыбытын тэңңэ аhатан – сиэтэн, көрөн – харыйан ыытааччы. Кинини кытта биhиги октябрёнок диэн хайдах буолуохтааҕын билбиппит. Ким эмит буруйу оңордоҕуна октябрёнок мунньаҕар бары мустан мунньахтааччыбыт. Оҕо туохха сыыспытын, хайдах көннөрөрүн быhаарааччыбыт, ырытааччыбыт, биир сүбэннэн хайдах буоларбытын быhаарсааччыбыт. Кини биhигитин «Один за всех и все за одного» диэн девизтаах үөрэтээччи. Ол иhин биhиги оскуоланы бүтэриэхпитигэр дылы бары бииргэ тутуhа сылдьааччыбыт.

Кини биhиэхэ билии аанын арыйан улахан олоххо сүрүн олугу уурбутунан мин махталым муңура суох. 

  Биhиги Люция Константиновнаны республика киэң туттар биир бастың учуутала, салайааччыта диибит. Кини биhигини үөрэххэ, спортка, общественнай үлэҕэ хайаан да инники буолуохтааххыт диэн этэн – такайан улаатыннарбыта. Ол этиитэ олус сөптөөҕүн олох укулаата уларыйар сылларыгар билбиппит. Олоххо айар куттаах сыhыан ханнык баҕарар түгэнтэн үүтү – хайаҕаhы булан тахсаргар көмөлөhөр, сайдар кыаҕы биэрэр.          

Эн үөрэнээччиң Туйара Томская, учуутал

 Сырдыкка, кэрэҕэ угуйбут, ааҕарга, суоттуурга үѳрэппит маңнайгы учууталым

     Маңнайгы кылааска эргэ оскуолаҕа 13 оҕо буолан киирбиппит. Биhигини үѳрэ – кѳтѳ учууталбыт Люция Константиновна кѳрсүбүтэ.

     Мин ѳйдүүрбүнэн, Люция Константиновна сүрдээх бэhиэлэй буолааччы.   Кими да мѳҕѳрүн ѳйдѳѳбѳппүн. Арай ким эмэ сыыhаны оңорбут буоллаҕына, улахан дьоңңо ѳйдѳтѳн эрэр курдук чуолкайдык быhааран биэрээччи.

    Уруок ахсын илдьэ сылдьар айар тэтэрээттээх буолааччыбыт. Бу тэтэрээппитигэр уруокка барбыт темабытыгар сыhыаннаах араас хартыыналары, ѳйтѳн суруйуулары, хоhооннору суруйар этибит. Мин тэтэрээтим куруук холобур буолааччы. Ол тэтэрээппин билигин бэйэм оҕолорбор кѳрдѳрѳбүн.

Мин билигин даҕаны учууталбын кытта сүрдээх истиң сыһыаннаахпыт. Оҕолорун, сиэннэрин кытта билсэбит. «Учууталлар кырдьыбаттар» диэн кырдьык этэллэр быhыылаах. Сайын аайы учууталбын кытта араас кѳрсүүлэргэ, сынньалаңнарга бииргэ элбэхтэ сылдьабыт.

Онно кини билигин даҕаны эдэри кытта эдэр буолан, ыллаан, үңкүүлээн сэргэхситээччи.

Билигин учуутал буолан олорон санаатахпына, Люция Константиновна үѳрэнээччилэригэр сүрдээх болҕомтолоох, хас биирдиибитигэр истиң сыhыаннаах эбит. «Бары кылааhынан» диэн ѳйдѳбүлү күүскэ иңэрбитэ. Биир да оҕо туора турбакка бары бииргэ субботниктарга сылдьааччыбыт, концертарга, выставкаларга кыттааччыбыт. Барыбытын кылааhынан үңкүү куруhуогар киллэрэн, 3 сыл үңкүүнэн дьарыктаммыппыт. Билигин да ыал ийэтэ, аҕата буолан олорон, түгэн эрэ кѳhүннэр, кылааhынан кѳрсүhэбит, хардарыта кѳмѳлѳсүhэбит, ѳйѳhѳбүт. Мин эмиэ учууталым курдук маннык үтүѳ хаачыстыбаны бэйэм салайар кылааспар киллэрэ сатыыбын.

    Биhиги бары үѳрэхтээх дьон: быраастар, учууталлар, экономистар, инженер – энергетик, библиотекарь, электрик, охотовед буолан таҕыстыбыт. Маннык кэскиллээх идэлээх буолан тахсыбыппытыгар биллэн турар, маңнайгы учуутал оруола улахан.   

      Күндүтүк саныыр Учууталым Люция Константиновна! Эйигин 80 сааскын томточчу туолбуккунан истиңник эҕэрдэлиибин!  Билигин да эдэрдии эрчимңин сүтэрбэккэ, ыллыктаах санааҕын ыhыктыбакка сүүрэ – кѳтѳ, чугас дьоңңор сүбэ – ама буола уhуннук олор. 

Эн үѳрэнээччиң Анна Чиркова, үрдүк категориялаах саха тылын, литературатын учуутала, «Надежда Якутии» бэлиэ хаhаайката

 Учуутал…

Учуутал биhигини ааҕарга, суруйарга, суоттуурга эрэ буолбакка, биhиги бу олоххо наадалаах дьон буола улаатан тахсарга иитэр. Элбэх убаастанар, оҕону үѳрэтиигэ, иитиигэ элбэх сыратын биэрбит, үѳрэнээччилэр санааларыгар, сүрэхтэригэр үчүгэй ѳйдбүлү хаалларбыт киhи илиитигэр баттаммат элбэх учуутал баара буолуо.

Ол курдук мин бэйэм маңнайгы учууталым Чиркова Люция Константиновна туhунан кылгас ахтыыбын суруйабын.

Мин 1991 – 1992 уорэх сылыгар Абый орто оскуолатын, сибэкки дьѳрбѳтѳ тутуурдаах, маңнайгы кылааска киирбитим. Маңнайгы кылаас… Маңнайгы учуутал… Бу киhиэхэ хаhан да умнуллубат ѳйдѳбүллэр буолаллар. Ама ким умнуой маңнайгы учууталын.

Люция Константиновна биhигини түѳрт сыл устата алын сүhүѳх кылаастарга үѳрэппитэ. Кини үѳрэтэр оҕолоругар тэң сыhыаннааҕа, кими да туоратан, тэйитэ сатаабытын ѳйдѳѳбѳппүн. Түѳрт сылы быhа бииргэ үѳрэн, туох эмэ сатамматаҕын бииргэ олус иллэхтик быhаарарбыт; олус иллэхтик, эйэлээхтик ааспыта. Учууталбыт биhигини дьону ѳйдүүргэ, убаастыырга, эйэҕэстик сыhыаннаhарга үѳрэппитэ. Υлэтигэр бэриниилээх, элбэх выпуhу олох киэң аартыгар үктэппит учуутал буолар.

Убаастабыллах учууталбын күн сирин көрбүт үбүлүөйдээх күӊӊүнэн итиитик – истинник эҕэрдэлээн туран, баҕарыам этэ эйиэхэ, баҕа санааң бастыңа туоллун, ыра санааң ымыыта ыпсан истин, ыарыыга ыллырбакка, ѳрүү үѳрүү аргыстаах, ситиhии сиэтиилээх сырыт диэн алгыыбын! Υтүѳ сүбэҕинэн чугас дьоңңун, куруук үѳрдэ – кѳтүтэ, араңаччылыы, арчылыы сырыт! Чиргэл тиит кэриэтэ чэгиэн доруобуйалан, алмаас таас курдук бѳҕѳ туруктан! Сир үрдүгэр баар бары үчүгэйи, үйэлээҕи баҕарабын. Эн иңэрбит билииң, умаппыт умсулҕаның, уhугуннарбыт дьулуурун, учуутал  быhыытынан үүнэн – үрдээн тахсарбар бигэ үктэл буоллулар.

Ефимова Нина Николаевна, география учуутала

Биэриигэ туhанылынна Абый орто оскуолата таhаарбыт «Учууталлар учууталлара» брошюратыттан.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ