http://www.culture.ru/
Никулина Акулина Егоровна
Никулина Акулина Егоровна, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, “Абый улууһугар Социально-экономическай сайдыыга тус кылаатын иһин”, “Абый улууһун сайдыытыгар” бэлиэлэр хаһаайыннара, Абый нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ, өр сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар бухгалтерынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, биэс оҕо тапталлаах ийэтэ, аҕыс сиэн, тоҕус хос сиэн тапталлаах эбээлэрэ.
Акулина Егоровна Өбүгэ ситимэ диэн хайдах өйдүүгүн?
- Ситим диэн салҕанан барыы диэн өйдөбүллээҕэ буолуо. Төрөппүт ийэлээх аҕам аймахтара, мин төрөппүт оҕолорум,сиэннэрим тарҕаныылара. Өбүгэлэргин билэ, сүгүрүйэ олоруохха наада. Өбүгэттэн элбэх суол талаан, өй, үөрэх, дьоҥҥо сыһыан кэлэр. Билигин, эдэр ыччат өбүгэлэригэр төннөр эрэрэ киһини үөрдэр.
Сааһырыы,кырдьыы диэн олох биир кэрчигэ...... Тугунан кини кэрэний?
- Бу кэм бэйэтэ араас кэрэлээх. Уһуннук олоруу биир өрүтэ элбэҕи билэҕин-көрөҕүн, төрөппүт оҕолоруҥ үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан дуоһуйаҕын, сиэннэриҥ араас идэлээх дьон буолан олоххо хардыыларын кэтиигин. Эбээ,эһээ буолар саас - дьоллоох, сорох оҕо эбээ,эһээ диэни билбэккэ улаатар. Оттон эн оҕолорун ортотугар сааһыран олорон кинилэри кытта үөрэриҥ-көтөрүҥ – Дьол
Дьоллоох киһи диэн, эн санааҕар кимий?
- Дьоллоох киһи ким баҕар буолуон сөп, үчүгэй оҕолордоох,үчүгэй олоҕу үлэлээн,дьоҥҥо убаастабылы ылбыт. Дьиэлэнэн-уоттанан оҕолорунан, сиэннэринэн дьоллоох. Дьоллоох киһи – доруобай, доруобай киһи – баай, доруобай киһи барыны бара былаанныыр, онтун толорор. Ол ситиһиититтэн дьоллонор
Таптыыр,билэр саха, нуучча суруйааччылара?
- Амма Аччыгыйа - Саха Республикатын норуодунай суруйааччыта,поэт.
Эллэй -Саха Республикатын норуодунай поэта.
Николай Якутскай-Золотарев Саха Республикатын норуодунай суруйааччыта.
Ханнык кинигэни ааҕан уйадыйбыккыный?
- Н.Якутскай - Золотарев “Төлкө» кинигэтэ, роман геройдара Маайалаах Сүөдэр аахпыт эрэ киһи дууһаҕын таарыйар. Улахан уолум,Володя миигин үтүктэн төрдүс кылааска "Төлкөнү" аахпыта.
Ону таһынан «Көмүстээх үрүйэ”, сахаларга промышленность саҥа киириитэ.
Өйдөөн хаалбыт кинигэ геройа?
- Амма Аччыгыйа "Сааскы кэмиттэн" Даарыйа эмээхсин. Бу саха норуотун мындыр, сытыы, муударай саха дьахтара киэҥ билиититтэн, кини киэҥ, холку майгытыттан, сытыы өйүттэн, бүппэт норуот муудураһын илдьэ сылдьарыттан сөҕөбүн, сүгүрүйэбин.
Хоһоону билэҕин, өйдүүгүн? Өйтөн этэр кыахтааххын?
- Амма Аччыгыйын “Ийэ” хоһоонун. Бу хоһоону 5️ - 6 кылааска үөрэппитим, онтон ыла олох өйбөр-санаабар тутан, олоҕум устата илдьэ кэллим. Ийэбин сатаатахпына хараастан, кыһалҕалаахтык иитиллибит буолламмын, ити хоһоон миигин кытта тэҥҥэ кырдьынна.
Сөбүлүүр, олоххор туттар сахалыы өс хоһоонноро.
- “Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн”, ”Хантайан туран силлээмэ”. Сахалыы да нууччалыы да өс хоһоонноро олоххо үөрэтэллэр, норуот муудараһын, олох кылгастык, өйдөтүмтүөтүк этэллэр.
Айылҕаҕа сыһыаныҥ, айылҕа эмтэрин туһаныы...
- Айылҕаны, Аар айылҕа отун-маһын киһини көрөр курдукпун да, көрөбүн даҕаны. Охто сытар маһы көрдөхпүнэ - кыаммат, кыайан турбат киһини саныыбын, ис дууһабыттан хараастабын. Ынах-сүөһүнү олус сөбүлүүбүн. Тыаҕа тахсан отон хомуйа сылдьан отону үрдүттэн үктүүрбүн сүөргүлүүр этим. Киһи аҕыс Айыыһыттаах,сэттэ Иэйиэхситтээх диэни олох итэҕэйэбин. Отоҥҥо тахсарбар испэр санааччыбын "Дьэ, Айыыһыттарым, Иэйиэхситтэрим хайа диэки сиирдиигит? Отонноох сири ыйан биэриҥ баһаалыста",- диэн. Сороҕор тахса түһээт атахпын чороҥ соҕотох дьаамаҕа уган илитэрим, ол аата онон барыма диэн сэрэтии кэлэр эбит.
Оҕо сылдьан ийэбин кытта айылҕа көтөрө киһи тылын истэрин сөхпүтүм, көтөн иһэр туруйалары.
Айылҕам биир күүстээх өрүтэ уокка сүгүрүйүү. Уот Эһэккэни кытта олох кэпсэтэ, сүгүрүйэ, көрдөһө сылдьабын. Аҕыс саастаахпар томторго утуйа сытан түһээбитим. Устуруускаламмыт маһы бобо баайан баран уот миигин эргийбитэ, онтон ыла итэҕэйэбин Уот Эһэккэни.
Олоҕун саамай үөрүүлээх түгэнэ,үөрүү диэн өйдөбүл, туохтан үөрүөҥ этэй?
- Олохпор үөрүүм үрдэлэ – оҕолорум этэҥҥэ сылдьыылара. Оҕо төрөөһүнэ ыалга улахан үөрүү. Оҕо маҥнайгы тыллара, маҥнайгы хардыылара, оскуолаҕа барыыта, үлэһит буолуута, сиэннэр кэлиилэрэ – бу барыта үөрүү. Киһи кыраттан да үөрүөхтээх, ким эрэ мичээрдээ ааста, ким эрэ кыра булт аһын аҕалла, ким эрэ телефонунан тугу эрэ кэпсээтэ...... Этэҥҥэ сылдьарбыттан үөрэбин.
Билиҥҥи кэм геройа кимий эйиэхэ?
- Билиҥҥи кэм ыччата олус өйдөөх, араас олох улларыйыыларыгар түргэнник өйдөөн киирэн, сытыы-хотуу . Мин, кырдьаҕас киһи билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, кыһалҕалаах кэмҥэ дьону өйдөөн күүс-көмө,өйөбүл буолар элбэх оҕолоох Черемкиннар Елизавета Ивановна, Григорий Иванович төрөппүт уолларын Иван Григорьевич Черемкины ааттыам этэ. Иван Григорьевич мин хараҕым далыгар улааппыта, кыра оҕо эрдэҕиттэн үлэни кытта доҕордоспута, ханнык да үлэттэн толлон турбата, өр кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар сылгыһытынан, түүлээхситинэн үлэлээбитэ. Кини нэһилиэк биир суон дурда, халыҥ хахха оҥостор киһитэ. Нэһилиэккэ араас кыһалҕа, быһаарыллыбат боппуруостар элбэхтэр. Кэлии-барыы, ыалдьыы, өлүү-сүтүү да. Дьэ, манна Иван Григорьевич курдук дьон баара, кыһалҕалаахха көмөтө тугунан да кэмнэммэт үтүө холобур. Нэһилиэк ыксаллаах быһыытыгар эмиэ кинитэ суох сатаммат. Түүн-күнүс диэн аахсыбакка дьон кыһалҕатын сөпкө өйдөөн мэлдьи көмөҕө кэлэрин сөҕөбүн эрэ. Нэһилиэк маннык дьоннооҕунан киэн туттабын, кинини билиҥҥи кэм геройа диэн киэн тутта ааттыыбын.
Алгыс тылларын маннык аныыбын.
- Киһиэхэ үчүгэйи эрэ көрүҥ, дьонтон үөрэниҥ, туһаныҥ. Хас биирдии хамсаныыны, анализтыы үөрэниҥ. Бэйэ бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, биир куһаҕан этии хас эмэ көлүөнэ тухары барыан сөп. Эйэлээхтик, дьоллоохтук олоруҥ. Этэҥҥэ буолуҥ.