«Олоҥхо дойдутун оҕотобун” күрэс балаһыанньата

Олоҥхо дэкээдэтигэр уонна Хомус күнүгэр аналлаах улуустааҕы кэтэхтэн ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун” күрэс балаһыанньата

1. Тэрийээччи:
“Абый улууһун кииннэммит библиотеката” МХТ.
2. Сыала:
1. Норуот айымньытын кэнчээри ыччакка үөрэтии.
2. Дьоҕурдардаах оҕолору өйөөһүн, саҥа талааннары арыйыы.
3. Норуот дириҥ өйүн –санаатын, мындыр толкуйун, итэҕэлин, саха тылын баайын көрдөрүү-иһитиннэрии.
3. Кыттааччылар:
8—17 саастаах оҕолор.
4. Күрэс ыытыллар болдьоҕо:
-Сайаапкалары биэрии 2021 сыл ахсынньы 10 күнүгэр диэри.
-Үлэлэри ыытыы - ахсынньы 15 күнүгэр диэри.
- Күрэс түмүгэ 2021 сыл ахсынньы 20 күнүгэр Абый улууһун кииннэммит библиотекатын саайтыгар тахсыаҕа.
5. Күрэс хайысхалара:
1. Олоҥхо ырыата-тойуга.
Кыттааччы олоҥхоттон быһа тардан ырыаны талан ыллыыр эбэтэр туойар (холобур, кыыс тойуга, бухатыыр ырыата уо.д.а). Видеоҕа устан ыытар. Таҥаһа-саба тиэмэтигэр сөп түбэһиэхтээх.
2. Хомуска тардыы.
Кыттааччы хомуска оонньуурун видеоҕа устан ыытар. Хомуска тардыы үгэс буолбут эбэтэр аныгылыы тэтимнээх да буолуон сөп. Сахалыы таҥнар.
3. Үҥкүү.
Үҥкүү тиэмэтэ олоҥхону кытта ситимнээх буолар (олоҥхо сюжетын, персонажтарын, мифологическай уобарастарын, олоҥхоҕо норуот олоҕу, аан дойдуну анааран көрүүтүн, сиэр-туом, итэҕэл көстүүтүн көрдөрөр түгэннэрэ. Тиэмэтигэр сөптөөх музыканан доҕуһуолланар. Таҥаһа-саба тиэмэтигэр сөп түбэһиэхтээх. Кыттааччы үҥкүүтүн видеоҕа устан ыытар.

6. Күрэс ирдэбилэ:
- Кыттааччылар ыыппыт видео матырыйааллара кэтэхтэн көрүллэллэр;
- видеону хаачыстыбалаахтык устуу (МР4 формакка, 4 мүнүүтэттэн уһуна суох);
- сайаапканы толоруу (сыһыарыы1).
- kniga.1313@mail.ru электроннай аадырыска ыытыы.
- эбэтэр үлэни флешканан туттарыахха сөп.
7. Дьүүллүүр сүбэ:
Дьүүллүүр сүбэҕэ тэрийэр бөлөх тэриллэр.
Күрэскэ киирбит үлэлэри сыаналыыр уонна кыайыылаахтары быһаарар.
Үлэлэр Абый кииннэммит библиотекатын саайтыгар уонна инстаграмыгар тахсаллар.
8. Наҕараадалааһын:
Хас биирдии хайысхаҕа 1,2,3 миэстэлэр. Кыттааччыларга туоһу суруктар туттарыллыахтара. Кыайыылаахтар хайҕал суруктарынан наҕараадаланаллар.
Билсэр нүөмэргит: 21- 475

Сыһыарыы1 .

Кыттааччы анкетата
1. Кыттааччы толору аата, сааһа.
2. Кыттар хайысхата.
3. Үлэ аата.
4. Төлөпүөнүн нүөмэрэ.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ