http://www.culture.ru/
90-летний юбилей МБОУ "Мугурдахская СОШ им.В.Н.Дохунаева"
Оскуола историятыттан
Муҥурдаахха 1931 сыллаахха балаҕан ыйын 10 күнүгэр оскуола арыллыбыта. Икки группаҕа 25 үөрэнээччи үөрэммитэ. Сэтинньи 23 күнүгэр диэри сэбиэдиссэйинэн Бартеньев Дмитрий Дмитриевич үлэлээбитэ. Онтон кинини Корнилов Семен Алексеевич солбуйбута. Үөрэх чочуобуна дьиэтигэр саҕаламмыта. Оҕолор саала ортотугар уһун остуол тула бастаан туран эрэ, онтон ыскамыайкаларга олорон үөрэнэллэрэ.
1931-32 сс. үөрэммит маҥнайгы үөрэнээччилэр:
Корякин Григорий Григорьевич, Корякин Петр Григорьевич, Полушкин Степан Семенович, Полушкин Алексей Егорович, Полушкин Степан Семенович, Кандинский Иван Николаевич, Ребров Гаврил Николаевич, Хобров Дмитрий Кононович, Старостин Семен Константинович, Рязанскай Николай Николаевич, Рязанская Екатерина Константиновна, Слепцов Христофор Иванович, Слепцов Гаврил Гаврильевич, Слепцова Матрена Ниловна, Старостин Иван Гаврильевич, Старостин Николай Гаврильевич, Ребров Пантелеймон Григорьевич, Слепцова Мария Гаврильевна, Стручков Егор Васильевич, Слепцова Мария Харлампьевна, Слепцов Петр Данилович, Рязанская Екатерина Михайловна, Реброва Анастасия Христофоровна, Сорокоумов Иван Федотович, Слепцова Евдокия Ивановна. Бу сыл 25 оҕо үөрэммититтэн 20-тэ кылааһын бүтэрбит.
Начальнай оскуола 1931-32 с.с.
1944 – 1948 сс. оскуола Суордаах учаастагар көһөн үлэлээбитэ.
1950 – 1951 сс. бэһис кылаас арыллыбыта. Директорынан Слепцов Василий Егорович үлэлээбитэ.
1952 - 1953сс. сэттэ кылаастаах оскуола буолбута. 7 учуутал үлэлээбитэ.
1959 с. директор Лебедкин Серафим Степанович салалтатынан оскуола көрүдүөрүн салгыы икки өттүгэр икки үөрэнэр кылааһы эбии туппуттар. Сцена оҥоһуллубут. Физкултуура учуутала, талааннаах мас ууһа Илья Михайлович Семенов сцена аркатын лобзик эрбиинэн фанераттан араас ойуулары эрбээн, олус үчүгэйдик киэргэппит. Олохтоох мас уустарын кытта бу тутууга учууталлар И.К.Сивцев, И.М.Семенов, А.Д.Семенов, дружина оскуолатыгар үөрэнэр Ефимов үлэлээбиттэрэ.
Үлэһиттэр депутаттарын Абый оройуоннааҕы советын исполкома 1962 сыл атырдьах ыйын 21 күнүнээҕи быһаарыытынан, Саха АССР үөрэҕин Министиэристибэтин ыйыытыгар олоҕуран, Муҥурдаах сэттэ кылаастаах оскуолатын баазатыгар1962-63 үөрэх сылыттан аҕыс кылаастаах трудовой, политехническай ситэтэ суох орто оскуола арыллыбыта. Онно маҥнайгы директорынан Слепцов Будимир Дмитриевич буолбута.
Күһүн оскуола арыллыытынан сибээстээн кулуупка улахан үөрүүлээх мунньах буолбута. Онно Абыйтан бастакынан Саха АССР үтүөлээх учууталын аатын ылбыт Яков Виктьорович Стручков үөрэх оройуоннааҕы салаатын бэрэстэбиитэлин быһыытынан кыттыыны ылбыта.
1974 с. оскуола саҥа дьиэҕэ көспүтэ. Бу типовой оскуола буолбатах, ис бараанын оскуолаҕа уларытан оҥоһуллубут 60 миэстэлээх уопсай дьиэ этэ.
Муҥурдаах оскуолата ис, тас өттө ырааһынан, мала-сала, үөрэх тээбиринэ куруук үчүгэй туруктааҕынан, үөрэнээччилэр тутта-хапта сылдьаллара бэрээдэктээҕинэн уруккуттан болҕомтону тардара. 1975 с. норуот педагогикатын түмэлин дириэктэрэ, биллиилээх этнопедагог Константин Спиридонович Чиряев кэлэ сылдьан, сөҕө көрбүтэ, улаханнык хайҕаабыта уонна: “Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн холобур буолар кыахтаах оскуола”, - диэн бэлиэтээбитэ. Ити сыл педколлектив көҕүлээһининэн, оскуола оҕолоро өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэригэр “үөрэх тээбиринигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, оскуоланы ыраастык тутарга, бэрээдэктээх буоларга” ыҥырыы таһаарбыттара. Ыҥырыы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммыта, киэҥ өйөбүлү ылбыта.
1979с. Абый оройуонугар аан маҥнайгынан орто оскуола арыллыбыта. Дириэктэр - Слепцов Михаил Михайлович, завуһунан Хоброва Екатерина Егоровна, организаторынан Дохунаев Егор Васильевич анаммыттара. Абый нэһилиэгиттэн кэлэн үөрэнэр оҕолор олорор интернаттарын сэбиэдиссэйинэн Ефимов Николай Петрович үлэлээбитэ.
1980 с. норуот күүһүнэн 262 кв.м. иэннээх маҥнайгы спортзал тутуллан, үлэҕэ киирбитэ. Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Яков Викторович Стручков тутуу бырайыагын оҥорбута уонна прорабтаабыта. Тутуу маһа үгүс ахсааннаах субуотунньуктарынан бэлэмнэммитэ, нэһилиэнньэттэн хомуллубута.
1981 с. сэтинньи 21 күнүгэр Муҥурдаах орто оскуолатын 50 сыла бэлиэтэммитэ. Бу үбүлүөй оройуоҥҥа аан бастакынан үрдүк тэрээһиннээхтик, өрө күүрүүлээхтик, үгүс киһи кыттыылаах ыытыллыбыта. Мантан ыла оскуола үбүлүөйдээх күннэрин киэҥ далааһыннаахтык ыытыы үгэскэ кубулуйбута.
Бу сыл оскуола салалтатын, учууталларын, оҕолорун ыра санаалара туолбута. Ол курдук, оскуола бас билэр билэр техникаламмыта. “Абый” сопхуос (дириэктэр Корякин П.Г.) прицептээх МТЗ-82 “Беларусь” тыраахтары бэлэхтээбитэ.
1983 с. “Уолан” үлэ-сынньалаҥ лааҕыра тэриллибитэ. Старостин К.И. лааҕыры салайбыта, “Бочуот Знага” уордьан кавалера Корякин М.С. наставниктаабыта, учууталлар иитээччинэн үлэлээбиттэрэ. 1985 с. сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ, оҕо сайыҥҥы үлэтин, сынньалаҥын тэрийиигэ лааҕыр өрөспүүбүлүкэ хотугу зонатыгар кыайыылаах буолбута.
Норуот үөрэҕириитигэр үгүс сыратын биэрбит, олоҕун анаабыт, оскуола материальнай базата бөҕөргүүрүгэр сүрүн кылааты киллэрбит оскуола директорыгар, саха тылын учууталыгар Слепцов Михаил Михайловичка “Россия Федерациятын оскуолаларын үтүөлээх учуутала” бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.
1984 с. оскуола дьиэтэ киин хочуолунай ититэр ситимигэр холбоммута. Маныаха диэри уонтан тахса сыл мас оттуктаах автономнай хочуолунайынан ититиллэрэ.
1986 с. балаҕан ыйыгар алта саастаах оҕолору үөрэтиигэ аналлаах тупсаҕай көрүҥнээх, 232 кв.м. иэннээх дьиэ тутуллан, үлэҕэ киирбитэ.
1992 с. алтынньы 29 күнүгэр Абый оройуонун норуодунай дьокутаттарын сэбиэтин уурааҕынан Муҥурдаах орто оскуолатыгар оскуола выпускнига, биологическай наука кандидата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ учуонай Василий Николаевич Дохунаев аата иҥэриллибитэ.
1995 с. 112 кв.м. кыраайы үөрэтэр түмэл арыллыбыта. Түмэл турар сирин бэлэмнээһини, үбү-харчыны булууну Муҥурдаах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга А.А.Дохунаев салайбыта. Тутуу хаамыытын хонтуруоллааһыҥҥа, матырыйаалы булууга, таһыыга, экспонаттары хомуйууга оскуола соцпедагога Слепцов М.М. улахан оруоллаах. Талааннаах мас уустара К.И.Сорокоумов, Н.К.Чирков, Н.В.Ребров баай уопуттара, мындыр өйдөрө, ымпыктаах-чымпыктаах туттуулара тутааччылар биригээдэлэрин сүрүн күүһүнэн буолбута. В.Н.Дохунаев огдообото Дария Николаевна матырыйаалынан, копировальнай техниканан көмөлөспүтэ. Матырыйаалы булуу, түмүү, оҥоруу оскуола учууталларын, үлэһиттэрин, үөрэнээччилэрин күүстэринэн оҥоһуллубута.
1997 с. РФ үөрэҕириитин туйгунугар, математика учууталыгар Дохунаева Мария Алексеевнаҕа өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин, үөрэтэр үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала” бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.
2004 с. норуот күүһүнэн культурнай-спортивнай комплекс (КСК) тутуллубута. Прораб Слепцов Константин Иванович тутуу үлэтин сүрүннээбитэ. Маҥнайгы кэпсэтиилэри, үбү-харчыны Ил Түмэн дьокутаата Соломов Николай Иванович туруорсубута. Бу саҕана олохтоох дьаһалта Баһылыгынан үлэлии олорон, Карпов Николай Николаевич маҥнайгы бэлэмнэнии үлэтин сүрүннэспитэ. Уопсай дьаһалын, матырыйаал булуутун, аҕалтарыытын, тутуу барыытын олохтоох дьаһалта Баһылыга Никулина Акулина Николаевна салайан, бу 2 объект бириэмэтигэр үлэҕэ киирбитэ.
2006 с. үөрэхтээһин национальнай программатын иһинэн ыытыллар инновационнай бырайыактар уонна бырагыраамалар куонкурустарыгар кыттан, оскуола кыайыылааҕынан тахсыбыта. Бу сыл ахсынньы 17 күнүгэр үөрэх миниистирин бирикээһинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи экспериментальнай площадка статуһа иҥэриллибитэ. “Арктика зонатын усулуобуйатыгар үлэнэн иитии үөрэнээччи личность быһыытынан сайдыытын тирэҕэ” диэн бырайыак олоххо киирэрэигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Грана анаммыта.
2008 с. “Школа года России” куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан, РФ Президенин 1 мөлүйүөннээх Гранын ылбыта. Итини таһынан эмиэ бу сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Гранын ылбыта.
11 кылаас үөрэнээччилэрэ Айта Аммосова, Алеша Иванов, Ганя Ребров, Киин уонна Сибиир үрдүк үөрэҕин кыһалара ыытар регионнааҕы техническэй олимпиадаларыгар кыайан, Красноярскай куоракка Сибиирдээҕи Федеральнай университекка үөрэнэ киирэр кыахтаммыттара. 2010 с. оскуола выпускнига Гоша данилов эмиэ итинник олимпиадаҕа кыайан, Тихоокеанскай Государственнай Университет устудьуона буолбута.
2009 с. Саха тылын уонна литературатын үөрэтэргэ “Өрөспүүбүлкэ тирэх оскуолата” статуһу ылбыта.
2009с. Нуучча тылын уонна литературатын учуутала Агафия Алексеевна Дохунаева, “РФ бастыҥ учуутала” куонкуруска кыайан, РФ Президенин Гранын хаһаайката буолбута.
2011 с. сэтинньи 11 күнүгэр СӨ аграрнай хайысхалаах оскуолаларын сойууһун сэбиэтин экспертиир хамыыһыйатын быһаарыытынан, Муҥурдаах орто оскуолатыгар аграрнай хайысхалаах оскуолалар сойуустарын чилиэнигэр хандьыдаат статуһа иҥэриллибитэ.
2013 с.оскуола агротехнологическай хайысхалаах малокомплектнай оскуола статуһа бигэргэммитэ.
2015 см. оскуола “Золотой фонд кадров Родины” кинигэҕэ киирбитэ.
2016 с.Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин 1 мөлүйүөннээх Гранын ылбыта.
2018 с. “Абый улууһа (оройуона)” МТ дьаһалынан “Кэнчээри” уһуйаан Муҥурдаах орто оскуолатыгар холбоспута.
2019 с. муус устар 12 күнүгэр оскуола түмэлэ “М.М.Слепцов аатынан историяны, кыраайы үөрэтэр түмэл” буолбутун туоһулуур сибидиэтилистибэнэн бигэргэммитэ.
Муҥурдаах алын кылаас оскуолатын сэбиэдиссэйдэрэ:
1931с. – Бартеньев Д.Д.
1931 – 33сс. Корнилов Семен Алексеевич
1933 - 1934сс. Романов Семен Петрович
1934 – 1935сс. Колодезников Трофим Евсеевич
1935 – 1936сс. Марков Павел Васильевич
1936 – 1937сс. Петров Михаил Спиридонович
1937 – 1939сс. Рязанская Татьяна Дмитриевна
1939 – 1940сс. Хоноруин Артем Павлович
1940 – 1944сс. Протодьяконова Екатерина Егоровна
1944 – 1945сс. Лыткин Степан Дмитриевич
1945 – 1946сс. Боянов Тимофей Тимофеевич
1946 – 1950сс. Ребров Петр Семенович.
Муҥурдаах сэттэ кылаастаах оскуолатын дириэктэрдэрэ:
1950 – 1953сс. Слепцов Василий Егорович
1953сс. Петров Петр Семенович
1953-1955 сс. Петухов Василдий Николаевич
1955 – 1959сс. Ребров Петр Семенович (кини бастакы үрдүк үөрэхтээх олохтоох кадр)
1959 – 1961сс. Лебедкин Серафим Степанович
Муҥурдаах аҕыс кылаастаах оскуолатын дириэктэрдэрэ:
1961 – 1965сс. Слепцов Будимир Дмитриевич
1965 – 1966сс. Максимов Афанасий Дмитрьевич
1966 – 1967сс. Слепцов Иван Иванович
1967 – 1969сс. Алексеев Иван Петрович
1969-1972 сс. Слепцов Михаил Михайлович
1972 – 1974сс. Неустроев Иннокентий Афанасьевич
1974 – 1977сс. Прокопьева Мария Степановна
1977 – 1979сс. Карпов Николай Иванович.
Муҥурдаах орто оскуолатын дириэктэрдэрэ:
1979-1989 сс. Слепцов Михаил Михайлович
1989 – 1995сс. Бысыин Алексей Дмиртиевич
1995 – 2002сс. Дохунаев Егор Васильевич
2002 – 2007сс. Ефимов Иван Иннокентьевич
2007 – 2010 сс. Сорокоумов Евгений Егорович
2010 сылтан Ефимова Мария Михайловна
Билигин оскуолаҕа 46 оҕо үөрэнэр, уһуйааҥҥа 21 оҕо иитиллэр. Педколлективка 25 учуутал, иитээччи үлэлиир. Оскуоланы 14 оҕо мэтээлинэн бүтэрбитэ.
Оскуолаҕа учууталлар 4 методическай түмсүүлээхтэр:
“Ручеек” – алын кылаас учууталлара
“Словесник” – гуманитарнай предметтэр
“Вектор” – естественнэй предметтэр
“Дьоҕур” – спортивнай-эстетическэй предметтэр учууталлара.
Үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы – Кычкина Алена Алексеевна.
Кылаас салайааччылара “Содружество” диэн түмсүүлээхтэр. Иитэр үлэни сүрүннүүр , педагог-организатор – Левина Дария Петровна.
“Дьоҕур” оҕо түмсүүтэ үлэлиир.
Быйыл Муҥурдаах оскуолатыгар “Точка роста” арылынна.
Сайын “Эйгэ” сайыҥҥы үлэ, сынньалаҥ лааҕыра үлэлиир.
Онно киирэллэр:
«Сайдыы» (спортивнай)
«Уолан» (үөрэх-производство)
«Непоседы” (начальнай кылаас оҕолорун площадката)
«Үнүгэс» (үөрэх-производство, орто бөлөх).
Ону таһынан дьиэ кэргэн биригээдэлэрэ: “Сыккыс” (Корякиннар), “Тускул” (Ефимовтар) үлэлииллэр.
Үбүлүөйдээх сылга 1млн 384 кг бөдөҥ хортуоппуйу, 305 кг оҕурсуну, 33 кг хаппыыстаны, 35 кг помидору, 33 кг сүбүөкүлэни, 29 кг луугу, 25 кг кабачогу, 15 кг биэрэһи, 11 кг моркуобу хомуйдулар. Маны таһынан 20 кг петрушка, укроп, салат ыллылар. Малина, хара хаптаҕас, клубника үүннэрэн, 7кг хомуйдулар.
Сайыҥҥы үлэ, сынньалаҥ лааҕырын Садовникова Елена Ивановна салайар.
Оскуола музейыгар бэрт харыстабыллаахтык оҥоһуллубут былыргы халыҥ уопсай тэтэрээт баарын бэлиэтии көрүөххэ сөп. Бу бороҥ тэтэрээт таһыгар кыһыл паастанан “ДНЕВНИК встреч трех поколений “Дорогами отцов” (воспоминания, пожелания, отрывки из выступлений, стихи, автографы и.т.д.)” диэн суруллубут, хас биирдии илииһэ салапаанынан тастаммыт. Аан маҥнайгы бэлиэтээһини 1970 с муус устар 25 күнүгэр А. И. Сосин суруйан хаалларбыт. Ол кэннэ 26 сыл устата тобус-толору суруллубут.
Бу саһарбыт илиистэрдээх тэтэрээккэ Муҥурдаах оскуолатыгар араас сылларга кэлэн ыалдьыттаан барбыт биллэр-көстөр салайааччылар, учуонайдар, хаһыат үлэһиттэрэ, артыыстар, сэрии кыттыылаахтара учууталларга уонна үөрэнээччилэргэ суруйан хаалларбыт баҕа санаалара тиһиллэ сылдьаллар. Уонунан сыллар ааспыттарын кэннэ манна араас интэриэһинэй түгэннэри, бэлиэтээһиннэри булуохха сөп.
"Летопись школы" (2011) брошюра, М.М.Слепцов аатынан түмэл матырыйааллара туһанылыннылар.