http://www.culture.ru/
Томский Ариан Тимофеевич
Томский Ариан Тимофеевич 1946 сыллаахха ахсынньы 25 күнүгэр Бүлүү оройуонун I Чочу нэhилиэгэр төрөөбүтэ. 1966 сыллаахха урукку политиканнан оскуоланы саӊа бүтэрээт «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» - диэн девизтаах үс сыл «Степан Аржаков» сопхуоска производственнигынан үлэлээбитэ. 1969 сыллаахха Саха Государственнай Университетыгар историко – филологическай факультетка история салаатыгар үөрэнэ киирбитэ.
1974 сыллаахха үөрэҕин ситиhиилээхтик бүтэрэн, сүрэҕин доҕорун булан Абыйга күтүөт быhыытынан кэлбитэ уонна Абый аҕыс кылаастаах оскуолатыгар история учууталынан анаммыта. Саӊа кэлбит киhини организаторскай дьоҕурдааҕын көрөннөр 1977 сыллаахха Абый аҕыс кылаастаах оскуолатын директорынан анаабыттара. 12 сыл устата директорынан үтүө суобастаахтык, киэӊ таhаарыылаахтык үлэлээбитэ. Учууталлыыр кэмигэр араас учебно – методическай пособиялары мунньан, уруогар туттара. Үксүн оҕо бэйэтэ билиини хаhан, анаализтаан, көрөн – истэн үөрэнэригэр болҕомто уурара.
Кини үөрэппит оҕолоро үгүс олимпиадаларга, конкурстарга кытталлара уонна бочуоттаах миэстэҕэ тиксэллэрэ. Ити курдук элбэх оҕоҕо киэӊ билиини биэрбитэ, үөрэппитэ – такайбыта. Идэтигэр бэриниилээх буолан олохтоох кыраайы үөрэтэн Абый оройуонугар, нэhилиэгэр сыhыаннаах матарыйааллары мунньан, тиhэн систиэмэлээбитэ. 1993 сыллаахха Абый орто оскуолатын историко – этнографическай музейын тэрийэн, салайан үлэлэппитэ. Музейга үлэлиир кэмигэр үөрэнээччилэри түмэн, үгүс сыралаах үлэни ыыппыта. Оскуолаҕа киирбит аныгы, саӊа сүүрээнтэн дьулайбакка, олоҕу кытта тэӊӊэ хаамсан, элбэҕи айбыт – туппут үрдүк категориялаах, 40 – ча сыл педагогическай ыстаастаах биир бастыӊ учууталбыт, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Абый улууhун, нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» бочуоттаах бэлиэ, Правительство Бочуоттаах Грамоталарын хаhаайына буолар.
Мин Ариан Тимофеевич Томскайы кытта 1975 сылтан бииргэ үлэлээбитим.
Оччолорго оскуолабыт а5ыс кылаастаах этэ. Кабинет тиийбэт буолан, биhиги начальнайдар күнүс 2ч.- 6 ч. диэри үлэлиирбит. Педсоветтар, төрөппүт мунньахтара, араас семинардар, политзанятиялар киэhэ 6 ч. буолаллара. Кылаас таhынан үлэни ыытыыга, сбордарга сменанан үлэбит мэhэйдэри үөскэтэрин өйдөөбөт курдукпун. Үлэ бө5өнү былааннаан, сатаан аттаран туруоран ньиргиччи үлэлиирбит.
Ариан Тимофеевич директорынан үлэлиир кэмигэр оскуола котельнайа маһынан оттуллара. Ол проблемата, интернат, остолобуой тэрээhин боппуруостара, инвентарь тиийбэт буолуута, иhэр убут, оттор маспыт тэрилтэбитигэр тиэйиллиитэ, дьаhала барыта директор үрдүнэн барара.
Биhиги учууталлар күhүн, саас сыбахха, хадьымалга, 10 хоно – хоно подшефнай доярканы солбуйуу, ЛТО – 5а иитээччилэринэн күн түңэттэн барыыбыт эмиэ элбэх буолааччы.
Мин 4 о5олоох буолан, наhаа эрэйинэн барааччыбын. Ол да буоллар биир да үлэни, субботнигы көтүтээччим суох.
То5о диэтэххэ учуутал – общественник, учуутал – актыбыыс буолуохтаах диэни бигэтик өйдүүрбүт.
Ариан Тимофеевич сүрдээх көнө, эппиэтинэhи толордо өйдүүр, ирдэбиллээх директор этэ. Наhаа элбэ5и суруйааччы, бэлэмнэнээччи. Сарсыарда 8 – тан са5алаан, киэhэ хаска барарын да өйдөөбөппүн.
«Учууталлары атын үлэнэн түбүгүрдэн основной үлэлэрин – уруоктарын хаачыстыбатын мөлтөтөн кэбиhээри гыннылар. Уруокка кичэйэн бэлэмнэниң. Уруогу ханнык да балаhыанньа5а ыhымаң. О5ону миэлгэ ыытымаң. Уруогу үрдүктүк тутуң. Учуутал үлэтэ уруогунан тахсар» - диэн этэрин наhаа өйдүүбүн.
Уруоктарыгар элбэх саңаны киллэрэн туттааччы, самообразованиянан сүрдээ5ин үлэлэhээччи, элбэ5и аа5ан билбитин биhиэхэ үөрэтээччи, хас концерт аайы актыыбынайдык кыттааччы Ариан Тимофеевич этэ.
Хайдах туох үлэлээх, түбүктээх сылдьарын хаhан да рекламалаабакка, сэмэйдик оңорбута, ыыппыта, ситиспитэ эрэ баар буолааччы.
Кини директордыыр кэмнэригэр кабинет – кылаастар тэриллибиттэрэ, библиотекабыт фонда сыыйа улаатан испитэ, оскуолабыт интернааппыт иhин – таhын сыбаан, кырааскалаан эстетическэй көстүүлээх гыммыта. Оскуола историятын оңорууга бастакы хардыылар са5аламмыттара. Учууталлар бары проблемнай тема5а үлэлээн, түмүгүн бэлиэтэнэн, МО – лар тэриллэн, иитэр үлэни кэлимник былааннааhын, атын оскуолалары кытта опыт атастаhыы са5аланан барбыта. Са5алааhын ыараханын ким барыта билэр. Ону ол диэбэккэ директорбыт Ариан Тимофеевич салайааччылаах, дьо5ус коллектив улууска үчүгэй үлэлээх коллектив аатын сүгэн, ньир – бааччы үлэлии – хамсыы сылдьыбыппыт.
Өр сыл бииргэ үлэлээбит коллегабар, убаастыыр, сыаналыыр киhибэр Ариан Тимофеевичка 75 сааскын туолбут үөрүүлээх күӊӊүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин! Доруобай буол, оҕолоруӊ дьоллорунан кынаттанан, ситиhиилэринэн астынан этэӊӊэ уhуннук, дьоллоохтук олороргор!
Стручкова Светлана Дмитриевна РФ үөрэ5ириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана
Мин дьүөгэм, о5о сааһым до5оро, Анна Афанасьевна Слепцова, нуучча тылын учууталын үөрэ5ин бүтэрэн, Бүлүүттэн төрүттээх, историк идэлээх оло5ун аргыһын Ариан Тимофеевич Томскайы 1971 сыллаахха төрөөбүт Абыйыгар илдьэ кэлбитэ. Оскуола5а үлэлээбитинэн барбыттара.
Томскайдар дьиэ кэргэттэрэ дьиэ – уот тэринэн, унаар буруо таһааран, ыал буолан олорбуттара номнуо 50 – н cыл ааста.
Кинилэр 4 о5о тапталлаах ийэтэ, а5ата, элбэх сиэн эйэ5эс эбэтэ, эһэтэ буолан үөрэн – көтөн олороллор. Ариан Тимофеевич Абый нэһилиэгэ сайдарын туһугар элбэх кылаатын киллэрбит киһи буолар. Ол курдук, сүрэ5ин – санаатын уран о5олорбутун уһуйан – такайан үөрэппитэ. Өр сылларга учууталынан, оскуола директорынан үлэлээбитэ. Үлэтигэр ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх киһи быһыытынан биллэр.
Абый нэһилиэгин дьонун – сэргэтин, үлэтин – хамнаһын үөрэтэн, хасыһан, сурукка – бичиккэ тиһэн, сүрдээх баай ис хоһоонноох матырыйааллары мунньубута, кинигэлэри таһаарбыта, дьоннорбут ааттарын үйэтитэр «Албан аат хоһун» тэрийбитэ биһигини барыбытын үөрдэр долгутар.
Өбүгэлэрбит олорон ааспыт суолларын – иистэрин, кинилэр туттубут малларын – салларын, таңастарын – саптарын, иһиттэрин – хомуостарын хомуйан, мунньан, ирдэһэн тэнитэн туруорарга музейы арыйбыта, элбэх сыратын уурбута. Билиңңи ыччаттарга көрөн үөрэнэллэригэр, билиилэрин хаңаталларыгар сөптөөх матырыйаал буолла.
Билигин Ариан Тимофеевич үлэтин сал5аан оскуола5а, «Аймахтар аа5ыыларын» тэрийэр буолбуттара кэрэхсэбиллээх.
Убаастыыр, тапталлаах күтүөппүт, Ариан Тимофеевич! Үбүлүөйдээх кэрэ – бэлиэ күӊӊүнэн итиитик – истиӊик эҕэрдэлиибин! Чэгиэн – чэбдик бэйэлээх, үөрүү – көтүү эңэрдээх, дьол – соргу тулалаах, ылсыбыккын ыпсара, туппуккун тупсара сырыт диэн алгыыбын. Өр сыллаах үлэң – хамнаһың үтүө түмүгэ бүгүн арылхайдык көстөр. Абыйбыт дьонун ааттарын сөргүтэн үйэтиппиккэр, ахсаабат кыһамньың, у5араабат бол5омтоң иһин муңура суох улахан махталбын тириэрдэбин.
Сухомясова Тамара Васильевна, Абый нэһилиэгин олохтоо5о, үлэ ветерана
Абый нэһилиэгин историко – этнографическай музейын төрүттээччи Ариан Тимофеевич Томскай эдэр ыччакка анаан, кинилэр өбүгэлэрин тустарынан билэллэригэр улахан үлэни ыытта. Хас да кинигэ суруйан таһааттарда. Олортон биирдэстэрэ тыыл, үлэ ветерана Василий Семенович Хабаров туһунан буолар. Манна биһиги а5абыт, эһэбит, хос эһэбит оло5о, үлэтэ сырдатыллыбыта. Кини туһунан үгүс киһи ахтыыта киирбитэ. Бу биһиги аймахха туохха да тэңнэммэт биир сүрүн баайбыт буолар. Биһиги кэнэ5эски ыыччаттарбыт төрдүлэрин – уустарын билэллэригэр, кинилэр дьоңңо – киһиэхэ оңорбут үтүөлэрин, өңөлөрүн туһунан билэллэригэр, кинилэринэн киэн тутталларыгар үтүө өйдөбүл буолар.
Кинигэ авторыгар Ариан Тимофеевичка үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран баһыыба бастыңын, махтал маанытын этэбит. Айар үлэтигэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэнигэр дьоллоох оло5у ба5арабыт.
Истиң махталы кытта В.С.Хабаров о5олорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин ааттарыттан Реброва Акулина Егоровна
Мин аймаҕым Ариан Тимофеевич Томскай Абый нэһилиэгин историятын уhун сыллар устата утумнаахтык, дьаныардаахтык үөрэтэн, чинчийэн кинигэ оңотторон таһааттарбыта биhиэхэ үүнэр көлүөнэҕэ, кэнчээри ыччакка сүдү кылаат буолар. Биhиги Абыйдар төрдүбүт – ууспут устуоруйата симэлийбэтин туhугар сүңкэн чинчийэр үлэ түмүгүнэн оңоhуллубут «Абый нэhилиэгин олохтоохторун төрүччүлэрэ» кинигэ быйыл күн сирин көрбүтэ. Төрдүн – ууhун билбэт киhини силиhэ суох маска тэңнииллэр. Былыр өбүгэлэрбит төрүччүлэрин тохсус көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ үhү. Ол – хааны булкуйбат, доруобай көлүөнэни төрөтөр – ууhатар туhуттан. Көрсө түстүлэр да, «хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?» диэн хайаан да туоhулаhар үгэстээхтэрэ. Билигин эдэр ыччат эhэбитин, эбэбитин биллэхпитинэ, дьэ, улахан үөрүү курдук. Арай биирдиилээн сураhар эрэ киhи архыыптан быстах – остох дааннайы хасыhан, араас кинигэни ааҕан, төрүтүн – ууhун туhунан абына – табына билэр.
Төрүччү туhунан оӊорон таhаарыы хорсун быhыы диэххэ сөп, манна наhаа элбэх киhи даннайа суруллар. Онон бу кинигэ Абыйтан төрүттээх дьонно төрүччүлэрин өссө дириӊник үөрэтэргэ суолдьут сулус курдук остуолга уура сылдьар кинигэлэрэ буолла. Ити курдук этэн туран уhун сылларга учууталынан, кыраайы үөрэтииннэн дьаныардаахтык дьарыктаммыт эhэбэр Ариан Тимофеевичка хоолдьуктаах бэйэм хоӊкуйан туран, сүhүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран Абый орто оскуолатын үөрэнээччилэрин ааттарыттан истиӊ махтал тылларын тиэрдэбин!
Убаастыыр, киэн туттар киhибит Ариан Тимофеевич! Эйиигин бүгүӊӊү үбүлүөйдээх күӊӊүнэн итиитик – истиӊник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Баҕарабын саха алмааhыныы кытаанах доруобуйаны, үгүс үөрүүнү, уhун дьоллоох олоҕу!
Эҕэрдэни кытта Никонов Коля, Абый орто оскуолатын лидерэ