http://www.culture.ru/
Черёмкин Олег Тимофеевич - Өлүөкэ Кубалы
дууһатын ырыа абылыгар биэрбит, олоҕун аргыһа, ырыаҕа бэйэтин үтүөтүн кэрэтин аргыстаан, ыраас санааттан ырыаны айарбыт Саха сиринээҕи мелодистар айар ассоциациятын чилиэнэ, улуустааҕы мелодистар айар холбоһугун салайааччыта Черемкин Олег Тимофеевич - Өлүөкэ Кубалы төрөөбүтэ 60 сааһын туолла.
Кини өлгөм балыктаах, куба уонна кыталык уйаланар күөлэрдээх, иитэр-аһатар Индигир өрүһүн кытылыттан кынаттанан үрдүккэ көтөн таҕыспыт.
Черемкин Олег Тимофеевич-Өлүөкэ Кубалы ахсынньы 27 күнүгэр 1961 сыллаахха Абый улууһун Дружина бөһүөлэгэр элбэх о5олоох ыал кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ - Евдокия Николаевна, аҕата - Буянов Тимофей Александрович, Аҕа дойду сэриитин кыттылааҕа.
Өлүөкэ Кубалы бастакы ырыатын “ Күн тахсар ырыата” 1975 с. айбыта.
Саха поэттар: Л. Попов, М. Ефимов, Ст. Дадаскинов, тылларыгар ырыа суруйарга холоммута.
Сүрэҕэ сөбүлүүр, айар идэҕэ, дьулуһар буолан Дьокуускайга музыкальнай училищаҕа балалайка кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ.
Тыа уола бары дьулуурун биэрэн үөрэнэн айар үлэтигэр ситиһиилэнэр.
Олег Тимофеевич ырыаны толорооччу быһыытынан Республикаҕа киэҥник биллэр,ол курдук кини ыллыыр ырыалара Галина Стручкова тыл.: "Мин дойдум" , " Гитараҕа эн оонньоо ", Акулина Чиркова тыл. “Таптал чараҥа", Ст.Дадаскинов тыл. " Ыллыаҕыҥ нап-намыын ырыаны", "Ийээ, эйиэхэ ыллыыбын" уо.да.
Кэлин олохтоох автордар Галина Стручкова, Акулина Чиркова, Христина Хабарова хоһоонноругар мелодиялары айытаалабыта.
Үгүс араас таһымнаах фестивальарга кыттыыны ылбыта:
Республикатааҕы "Дьокуускай-84" III степеннэх дипломант. Республикатааҕы "Дьокуускай-89" I степеннэх дипломанта.
Республикатааҕы "Дьокуускай-90" III степеннэх лауреата.
Республикатааҕы "Саҥа ааттар-Дьокуускай-95" III степеннэх лауреата.
Зонатааҕы "Батагай-88" политырыа конкурска дипломант лауреат аатын ылбыта.
Зонатааҕы "Дьааҥы саһарҕа" лауреата.
Народнай театрдар зонатааҕы республикатааҕы көрүүлэрин үрдүк степеннэх дипломант
1991 сылтан Саха сиринээҕи мелодистар айар ассоциациятын чилиэнэ, улуустааҕы мелодистар айар холбоһугун салайааччыта буолар.
Айар үлэҕэ дьоҕурдаах Өлүөкэ Кубалы айбыт ырыалара киэҥник тарҕанан ылланаллар.
Барыта 50-тан тахса ырыа автора. Ырыалара: “Күн тахсар ырыата ” (А. Попов), “Көрсө түстүм эн”, “Санаабыт сулуска көтүөхпүт” (Г.Стручков), “Мин дойдум", “Арахсыы” (В. Попова), "Соболоох"(С.Попова), "Туллуктар", "Олох -дьол” (Е. Дохунаева), "Нам кыыһа" (М. Ефимов) уо.д.а.
2000 с. соһумардык биһиги кэккэбититтэн туораабыта.
Кини ырыаларыгар иэйии, таптал абылаҥар куустарыы, быыһыгар көрдөһүү-ааттаһыы, хомуйуу-хоргутуу, айылҕа кэрэтин ойуулааһын, төрөппүт ийэҕэ, төрөөбүт дойдуга сүгүрүйүү барыта баар. Айылҕа, киһи да аайы буолбатар, баҕарар, дьулуһар, көрдүүр дьоҥҥо кэрэттэн кэрэни, сиэдэрэйтэн сиэдэрэй аһар. Ону дьоҕурдаах, талааннаах киһи тутан ылан, өссө сайыннаран, өлбөт үйэлээн, үрдүккэ көтүтэр.
Тыа сирин кэрэ айылҕатын, ырыаһыт дьиктилээх тойуктарын сүрэҕэр тохтоппут, ону ырыа оҥорон бар дьонугар бэлэхтээбит Өлүөкэ Кубалы ырыата өрүү дьиэрэһийэ турдун диэн алгыспытын этиэҕиҥ.