http://www.culture.ru/
Реброва Акулина Дмитриевна
Муҥурдаах нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, 35 сыл иитээччинэн үлэлээбит Реброва Акулина Дмитриевна
Акулина Дмитриевна, өбүгэ ситимэ диэни хайдах өйдүүгүн?
- Киһи барыта өбүгэлээх. Билиҥҥи кэмҥэ өбүгэ ситимин саҥаттан эргитэн, үөрэтэн, байытан, билэн, кэҥэтэн иһэллэр.. Урут ити ситим умнулла быһыытыйбыта. Холобур, биһиги бэйэбит Ефимовтартан, Никулиннартан, Рязанскайдартан силистээхпит. Ол өбүгэлэрбит ааттара кэлэр кэмҥэ салгыы ааттанан бара тураллар. Хаһан даҕаны өбүгэбитин умнубакка, эдэр ыччакка тиэрдэн истэххэ, өбүгэ ситимэ быстыа суоҕа этэ.
Сааһырыы, кырдьыы диэн олох биир кэрчигэ. Бу кэм тугунан кэрэний?
- Сааһырыы, кырдьыы кимиэхэ баҕар тиийэн кэлэр кэм буолар. Уһуннук олордоххо, сааһырыы, мөлтөөһүн кэмэ кэлэр. Ол эрээри кини син биир сааһырыы бэйэтэ дьиктилээх, муударастаах. Кырдьар сааскар өйгүн-санааҕын ыччакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр кэмиҥ буолар дии саныыбын.
Эн санааҕар, дьоллоох киһи диэн кимий?
- Уһуннук, дьоллоохтук олоруу диэн дьиэлээх-уоттаах, кэргэннээх, ыччаттаах, ол ыччатыҥ барыта ситиһиилээх, дьоҥҥо убаастанар дьон буоллахтарына дьоллооҕунан ааҕынабын.
Таптыыр, билэр, саха, нуучча суруйааччыларыҥ кимнээҕий?
- Нуучча кинигэтин урут соччо аахпат этим. Арай кэпсээннэри, быһа тардыылары ааҕарым. Арыый сэнэх эрдэхпинэ, А.С.Пушкины ааҕар этим. Саха суруйааччыларыттан Суорун Омоллоону сөбүлүүр этим.
Ханнык кинигэни ааҕан улаханнык уйадыйбыккын өйдүүгүн?
- Билиҥҥи дьахтар суруйааччылар олох, дьылҕа туһунан айымньыларын сөбүлүүбүн. Холобур, Галина Нельбисова айымньыларын.
Хайа кинигэ геройун ордук өйдөөн хаалбыккыный?
- Нуучча айымньытыттан Михаил Шолохов “Судьба человека” сэһэнин геройа Андрей Соколов, сахалыыттан Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай “Төлкө” романын Маайатын киһи биирдэ да аахтаҕына өйдөөн хаалар уобарастара.
Өйгүттэн биир эмэ хоһоону этиэххин сөп дуу?
- Олохтоох ааптар Андросова Вера “Биэс тиит” хоһоонун былырыыҥҥааҥҥа диэри өйдүүр этим. Урукку хонтуора таһыгар турар 5 тиит туһунан хоһоон.
Олоххор өс хоһооннору төһө туттаҕын? Ханныктары?
- Урут туттар этим. Кэлин биирдэ эмэ туттарым буолуо. Үлэҕэ, аска, доҕордоһууга сыһыаннаахтары туттабын. Холобур: Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.
Кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ, туттуоҥ иннинэ толкуйдаа.
Атас туһугар атах тостор.
Ким аһыыр –ол үлэлиир.
Ким доҕордоох – ол дьоллоох. Урут маны ыллыыр буолар этим.
Айылҕаҕа сыһыаныҥ хайдаҕый? Эмтээх оттору туттаҕын дуо?
- Отунан-маһынан эмтээһин элбээн эрэринэн билбит, туттубут киһи диэн. Мин иван-чайы иһэбин, быйыл үүнүүтэ мөлтөх. Өссө дөлүһүөн силиһин оргутан иһэбин, атахха, сүһүөххэ үчүгэй. Ньээм-ньээм оту 400 устууканы хомуйан, мүөт оҥорон кыһыны быһа тымныйыы утары, күөмэйгэ үчүгэй. Быйыл үчүгэйдик үүннэ. Отон сэбирдэҕин хомуйабын, хабахха үчүгэй. Моркуоп сэбирдэҕин иһэбин. Мутукча уутун тымырга иһиллэр. Кэлин итинник гынар буоллубут. Истиһэ-истиһэ тутта сатыыбын.
Олоҕуҥ саамай үөрүүлээх түгэнэ? Билигин туохтан ордук үөрүөҥ этэй?
- Икки игирэ уол оҕобун төрөппүппэр. Икки саллаат бэлэм. Бырааһым да, мин да билбэт этибит. Биир мөһөөччүктээх эбиттэр. Билигин ыалдьыбакка-туттубакка сырыттахпытына, онтон ордук туох баар буолуой.
Сүрэххэр чугас дьонуҥ кимнээҕий?
- Төрөппүттэрим, кэргэним, оҕолорум. Бииргэ төрөөбүт аҕыс киһиттэн соҕотох хааллым... оҕустардым...
Эн санааҕар, билиҥҥи кэмҥэ кими герой, холобур оҥостуохха сөбүй?
- Мин урукку дьонтон холобур ылабын. Ийэлээх аҕабын. Кыра эрдэхпиттэн ииппит-такайбыт, барыга бары үөрэппит дьонум холобур буолаллар. Аҕам Никулин Дмитрий Ефимович, ийэм Никулина Татьяна Гаврильевна. Эбэбин өйдүүбүн, Никулина Анна Константиновна 90 сааһын ааһыар диэри олорбута. Киһи, бастатан туран, бэйэтин дьонун холобур оҥостор.