http://www.culture.ru/
Слепцова Акулина Дмитриевна
Слепцова Акулина Дмитриевна талааннаах учуутал, бэйэтин норуотун дьиҥнээх патриота, улууска кинини билбэт киһи суоҕа буолуо. Акулина Дмитриевна төһө да билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор олоҕу кытта тэҥҥэ хаамар сэргэх киһи буолар. Тапталлаах ийэ, эбээ,хос эбээ - бэйэтин кыаҕынан оҕолоругар.сиэннэригэр хос сиэннэригрр күн аайы көмө буолар.
Өбүгэ ситимэ диэни хайдах өйдүүгүн?
- Өбүгэ ситимэ диэн норуот олоҕун, сиэрин-туомун кэнчээри ыччакка тириэрдии буолар. Ханнык баҕарар норуот дьарыга, олоҕун суола-ииһэ - ол буолар өбүгэ быстыбат ситимэ - мин санаабар.
Caahырыы, кырдьыы диэн олох биир кэрчигэ...Тугунан кини кэрэний?
- Ханнык баҕарар киһи син биир кырдьар буоллаҕа. Ол гынан баран кини сааһырдаҕына олоххо чэпчэкитик сыһыаннаһар, дьон киһи олоҕун кытта тэҥҥэ хаамар буоллаҕына кырдьыбытын билиннэрбэт. Барыта санаатттан тутулуктаах, олоххо наар үчүгэйи сэргээн сылдьар киһиэхэ чэпчэки буолар. Элбэҕи ааҕан, ол билиигин иҥэринэн олоххор тyhаныахтааххын.
Дьоллоох киһи диэн, эн санааҕар кимий?
- Киһи төрүөҕүттэн оҕо сaaha эриэ-дэхси аастаҕына инники олоҕор эрэллээх олук ууруллар.Онтон улааттаҕына сөбүлүүр идэтинэн үлэлээх, дьиэлээх - уоттаах дьиэ кэргэнигэр нус - нас олохтоох. Кырдьар сааһыгар оҕолорунан, сиэннэринэн өйөбүллээх буоллаҕына, мин санаабар бу киһи толору дьоллоох буолар.
Таптыыр билэр саха, нуучча суруйааччылара?
- Нуучча саха сурунааччыларын урут уруккуттан ааҕарбын сөбүтүүбүн. Анемподист Софронов, Александр Пушкин саамай сөбүлүүр суруйааччыларбынан буолаллар. Билигин да бу суруйааччылар айымньыларын хаттаан ааҕабын, олоҕу кытта тэҥнээн көрөбүн.
Ханнык кинигэни ааҕан уйадыйбыккыный?
- Николай Якутскай "Төлкө" кинигэтиттэн.
Өйдеөн хаалбыт кинигэҥ геройа?
- Ханнык баҕарар норуот баай тыллаах буолар. Мин «Ньургун Боотур» олоҥхо геройун Ньургун Боотуру өйдөөн хаалбыппын. Сахальытын, нууччалыытын, эбээнниитин аахпытым.
Сөбүлүүр олоххор туттар сахалыы өс хоһоонноруҥ?
- Yөрэх баар - бараммат баай;
- Сүбэ кыайбатаҕын сүгэ кыайар;
-Ким доҕордоох, ол дьоллоох;
- Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат;
Айылҕаҕа сыһыаныҥ, айылҕа эмтэрин туһаныы?
- Айылҕабытын харах харатын курдук харыстыахтаахпыт. Айылҕата суох - олох суох. Хотугу норуоттар саамай туттар үүнээйибитинэн бобулуонныук буолар. Ийэм куруук бобулуонныугунан ырааһырдааччы. Биһиги эмиэ куруук туттабыт.
Олоҕуҥ саамай үөрүүлээх түгэнэ, үөрүү диэн өйдөбүл, туохтан үөрүөҥ этэй?
- Kиhи куруук үөрэ-көтө сылдьыахтаах: сарсыарда уhугуннуҥ - үөрүү, доруобайгын - үөрүү, оҕолорун этэҥҥэ сылдьаллар - үөрүү. Олоххо куһаҕаны өйдүү-саныы сылдьыа суохтааххын. Холобур, кыратык кимниин эрэ киҥир - хаҥыр саҥарсан баран умнуохтааххын, өс тутуо суохтааххын. Кыраттан даҕаны үөрэ-көтө сырыттахха үйэҥ уһуур.
Сүрэххэр - быаргар иҥэрбит дьонуҥ?
- Саамай сүрэхпэр-быарбар иҥэриммит киһибинэн кэргэним буоллаҕа.Олох диэн уустук, куруук эриэ-дэхси буолбат, ону киһи оҥоһуута оннук буоллаҕа диэн санаатын оҥостуохтаахтаах. Тугу да кистээбэккэ кэпсэтэр киһиҥ, ол олоххор саамай эрэллээх доҕоруҥ буолар. Истиҥ доҕоруҥ ханнык да түгэҥҥэ түһэн биэрбэт.
Билиҥҥи кэм геройа кимий эйиэхэ?
- Олох идеальнай киһи диэн суоҕа буолуо. Ханнык баҕарар киһи итэҕэс өрүттээх буолар. Онтуката үчүгэй өрүтүн кытта тэҥнэстэҕинэ ортотунан баран иhэр. Бары өттүнэн үчүгэйэ баһыйар буоллаҕына идеальнай буолуон сөп.