http://www.culture.ru/
Жиркова Екатерина Христофоровна
Жиркова Екатерина Христофоровна 1938 сыллаахха сэтинньи 1 күнүгэр Абый улууһун Сыаганнаах сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Сэттэ оҕону күн сирин көрдөрбүтэ, онтон билигин түөрдэ баар, 5 сиэннээх, 1 хос сиэннээх.Медаль материнства 1 степени туттарбыттара, 1979 с. алтынньы 31 күнүгэр.
Бииргэ төрөөбүттэр 6 этибит: үс уол, үс кыыс. Мин саамай кыралара буолабын. Ийэбин кытта бииргэ төрөөбүттэрбин кытта олорбутум.
Аҕабын тыыннааҕар көрбөтөҕүм, эрдэ олохтон туораабыта. Кини суох буолтун кэннэ аҕыйах ыйынан мин күн сирин көрбүтүм. Олох ыарахан буолан начаалынай кылааһынан үөрэхпин түмүктээбитим. Ыраах учаастакка олорор этибит. Уонтан тахса сыл буолан баран ийэкэм aҕам кэннитттэн уһаабатаҕа, олохтон ыалдьан туорaабыта. Оҕо сааһым ыарахан кэмҥэ ааспыта. Бастаан ийэбин батыһа сылдьан илии-атах буолан көмөлөһөр этим. Онтон кини суох буолтун кэннэ эдьиийдэрбин кытта сылдьан үлэлиирим.Онон сыыйа улахан атын дьону кытта сылдьан эрдэ оҕо сааһым бириэмэтиттэн үлэҕэ сыстан үлэлээн барбытым. Ол сылларым трудовой книжкаҕа суруллубатаҕа. Урут 18 сааһыттан биирдэ үлэһит диэн буолара. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сүөһү ахсаанын элбэтиигэ үлэлээн кэлбит киһибин.Онон, 40-тан тахса сыл тыа хаһаайыстыбатын элбэх араас салаатыгар үлэлээбитим, улахан aҥaapa ынах сүөһү үлэтигэр. Торбос, субан сүөһү көрүүтүгэр уонна дайааркалаабытым.
Үлэбин сыаналаабыттара: элбэх махтал суруктардаахпын, грамота, почетнай грамоталары, харчынан уонна сыаналаах бэлэхтэринэн нэһилиэк уонна улуус да аатыттан элбэҕи туппутум. 1988 сыллаахха дояркалыы сылдьар кэмҥэ пенсияҕа тахсыбытым.
Екатерина Христофоровна сыралаах үлэтин наҕараадалара:
- 06.10.1966 г. Совхоз «Абыйский» Почетная грамота за перевыполнение плана и добросовестное отношение к работе Абыйского РК КПСС и РИК.
- 08.12.1975 г. Совхоз «Абыйский»- Почетная грамота за перевыполнение плана и добросовестное отношение к работе Абыйского РК КИСС и РИК.
- 19.01.1985 г. Почетная грамота в связи с проведением слета первенств района за перевыполнение плана 1984г.
- 08.05.1985 г. Почетная грамота с юбилеем 40-летие Победы за достигнутые успехи в работ
- 20.01.1988 г. Почетная грамота Победитель социолистического
соревнования XII пятилетки «Чемпион- доярка».
- 15.03.1988 г. Победитель во Всесоюзном социолистическом соревновании работников Госагропрома СССР в 1988г.от Госагропрома Якутской АССР.
- 31.04.1988 г. Почетная грамота в связи с празднованием 1 мая за перевыполнение 4-х месячного плана 133%.
- 16.06.1988 г. Свидетельство.Решением заседания дирекции,парткома совхоза «Индигирский» за достигнутье успехи занявшая II место в cоциолистическом соревновании.
- 07.07.1988 г. Почетная грамота в связи празднованием Всесоюзного Дня работников агропромышленного комплекса.Oт бюро Абыйского райкома КПСС и исполкома районного Совета народных депутатов.
- 26.08.1988 г. Награждена медалью «Ветеран труда».
- 28.09.1988 г. В связи итогом 4-х месяцев летовки 11 место, занявшая в социолистическом соревновании.
- 06.12.1988 г. Почетная грамота за перевыполнение и добросовестное отношениек работе в связи пятидесятилетием.
- 12.01.1989 г. Награждена дипломом «Лучший по профессии» по итогам работы 1988г. от Абыйского райкома КПСС.
- 27.01.1989 г. Постановлением объединенного заседания дирекции, парткома, профкома занесена в «Доску Почета» по итогам третьего года XII пятилетки среди совхоза.
- 29.04.1989г. За добросовестное отношение к работе денежная премия в размере 50 рублей.
- 29.06.1990г. Почетная грамота в связи с 60-летием образования Абыйского района от дирекции, профкома совхоза «Майорский».
- Удостоверение "Ветеран труда" от 26.02.1999 г.
- Медаль "Дети войны" от 7 мая 2019 г.
- Медаль "За вклад в развитии Майорского национального наслега" от 22.12.2020 г.