Дохунаева Аксинья Григорьевна

Герой ийэ Дохунаева Аксинья Григорьевна (1914 - 1992).

Герой ийэ Дохунаева Аксинья Григорьевна 1914 с. булдунан, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оччотооҕу ыар олох-дьаһах, кыра саастан үлэҕэ моһуллуу, үөрэхтэн, оскуолаттан матыы, мэлдьи тиийиммэт-түгэммэт буолуу – бу кини оҕо сааһыттан өйдөөн хаалбыт түгэннэрэ этэ. Төрдө-ууһа Абый, Муома дьоно уруулаһан, холбоһон, ыал буолбуттар.

Ийэтэ Корякина Мария Васильевна 90 сааһын ааһан баран өлбүтэ. Быраата Корякин Петр Григорьевич айылҕа бары өттүнэн сиэдэрэйдик айбыт киһитэ этэ. Өр сылларга төрөөбүт улууһугар Абыйга, Муомаҕа салайар, советскай, партийнай, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ сылдьыбыта. Өркөн өй, сүдү салайар, көҕүлүүр, түмэр, тэрийэр талаан, уол оҕо сэбэрэтин бастыҥа, эр киһи күүһэ-уоҕа, киэҥ билии-көрүү, уоттаах-төлөннөөх тыл-өс – барыта киниэхэ түмүллүбүт киһитэ этэ.

Балта - Евдокия Григорьевна Корякина.

Кэргэнэ Алексей Николаевич Дохунаев 1910 с. төрөөбүтэ, төрдө-ууһа Верхоянскай сириттэн силис тардар аҕа ууһа буолар.

Урукку үйэҕэ Халыма, Дьааҥы, Индигиир дьоно ыаллыы олороллорунан, суоллара-иистэрэ таарыйан ааһарынан, айылҕалара, дьарыктара бииринэн үгүстэрэ уруулуу-аймахтыы буолбуттара.

Алексей, Аксинья 1935 с. холбоһон, ыал буолбуттара. Нөҥүө сылыгар бастакы оҕолоро Григорий күн сирин көрбүтэ.

Эдэр ыаллар оччотооҕу сиэринэн учаастактарынан көһөн олорбуттара, онтон 1948-1957 сылларга Уйаандьы үрэхтэн, Буур Хаайбыт диэн сүдү улахан күөлтэн чугас Хоодук Муҥурдааҕа диэн сиргэ олорбуттара. Оҕолорун оҕо саастара сордоҥ, алыһар аһылыктаах онно ааспыта.

Оҕолор бары кыһын интернакка олорон үөрэммиттэрэ, сайын төрөөбүт уйалара буолбут кэрэ айылҕалаах, сөбүгэр бултаах-астаах, бары күндүтүк саныыр сирдэригэр – Хоодук Муҥурдааҕар кырдьаҕас эбэлэринээн, ийэ, аҕа көрүүтүнэн-истиитинэн улахан иллээх дьиэ кэргэн буолан олорбуттара.

Аҕалара Алексей Николаевич 1947 с. Орто Халыма куоракка холкуоһунай оскуолаҕа үөрэммитэ. Партия чилиэнэ Алексей Николаевич бэйэтин бириэмэтин өйүгэр-санаатыгар иитиллибит, онно бэриниилээхтик сулууспалаабыт киһи этэ. Холкуоһугар оспуоччугунан – түүлээх хомуйааччынан, булчуттарга табаар тиэрдээччинэн үлэлээбитэ.

“Сэрии ыар сылларыгар , ол да кэнниттэн холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, салгыы нэһилиэк бэрэссэдээтэлинэн, нолуок агенынан, булчуттары, табаһыттары, сылгыһыттары наадалаах табаарынан, табаарынан тиэйэ сылдьан хааччыйыыга сыралаахтык үлэлээбитэ. Орто халымаҕа тиийэ уһун айаннарга сылдьара. Эйэҕэс майгылааҕа, дьоҥҥо олус истиҥ, аһыныгас сыһыаннааҕа, ардыгар нолуоктарын кыайан төлөөбөт дьон оннугар бэйэтэ төлүүрэ үһү. Сэрии сут сылларыгар элбэх киһини хоргуйан өлүүттэн быыһаабыта дииллэрэ. Кини сыралаах үлэтэ “Аҕа дойдуну көмүскүүр “Улуу сэрии 1941-1945 с.с. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта”, - диэн кыыһа Мария Алексеевна ахтар.

Алексей уран тыллаах хоһоонньут, сахалыы ырыаһыт талааннааҕа. 1958 с. олунньу ыйга ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.

Аксинья Григорьевна дьахтар хоһууна этэ. Оҕолоро кыраларыгар дьиэ ис-тас үлэтэ барыта кининэн оҥоһуллара. Оччотооҕу сиэринэн тиргэлээн, туһахтаан, сиэҥҥэ туулаан кэргэнигэр көмөлөһөн, ас-таҥас булааччы буолара. Уран тарбахтаах иистэнньэҥ, асчыт бастыҥа этэ. Буолумуна, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн үгүс түбүгэ дьиэ кэргэн ийэ санныгар сүктэриллэрэ. Оттон кэргэнэ өлбүтүн кэнниттэн 11 оҕону кытта тулаайах хаалбыт ийэ төһөлөөх ыарахаттары көрсүбүтүн тылынан кэпсиир уустук.

Ийэ барахсан оҕолорун туһугар тугу кыайбатаҕай, тугу оҥорботоҕой?

Аксинья Григорьевна олох бары ыарахаттарын эрдээхтик туораан, сылаас тапталынан, утуйар уутун умнар түбүгүнэн, үлэтинэн оҕолорун барыларын үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥордоҕо.

О5олоро:

Дохунаев Григорий Алексеевич (1936 -1965)

Дружина орто оскуолатын бүтэрбитэ, СГУ саха салаатын бүтэрбитэ. Олохтоох ааптар, хоһоонньут этэ. Муҥурдаах 8 кылаастаах оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала этэ. Сааскы куска бултуу сылдьан, эмискэ ыалдьан, хомолтолоохтук олохтон туораабыта. Кэргэнэ Людмила Петровна, кыыстара Оксана Үрүҥ Хайаҕа олороллор, сиэннэрдээхтэр. Соҕотох уола Гриша эмиэ эдэр сааһыгар суорума суолламмыта.

Дохунаева-Чичигинарова Александра Алексеевна (1937-1981) Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищены бүтэрбитэ. Идэтинэн библиотекарь. Сыаҥааннаахха 1970-80сс. библиотекарынан үлэлээбитэ. Маҥнайгы сүһүөх комсомол тэрилтэтин сэкэрэтээринэн, комсомол оройуоннааҕы кэмитиэтин чилиэнэ этэ. Чурапчыттан төрүттээх кэргэнэ Чичигинаров Федордыын биир оҕолоохтор. Утуу-субуу иккиэн суох буолан, кыыстара Туяра эдьиийигэр Агашаҕа иитиллибитэ.

Дохунаев Алексей Алексеевич (1939-2016)

Муҥурдаах 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, холкуоска үлэлээбитэ, армияҕа сулууспалаабыта, суоппар идэтин ылбыта. Салгыы салайар үлэһиттэр техникумнарын бүтэрэн, төрөөбүт оройуонугар нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгынан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Кини кэргэнинээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа Екатерина Николаевна Дохунаевалыын, 3 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, үрдүк үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥорбуттара, 4 сиэннээхтэр, 1 хос сиэннээхтэр.

Дохунаева Анастасия Алексеевна (1941-2019)

Үөрэҕинэн, талан ылбыт идэтинэн 30-тан тахса сыл төрөөбүт нэһилиэгэр кулууп сэбиэдиссэйинэн, култуура дьиэтин дириэктэринэн айымньылаахтык, кэскиллээхтик үлэлээбитэ. Эдэригэр үчүгэй спортсменка, бэртээхэй үҥкүүһүт, сытыы-хотуу, тэрийэр дьоҕурдаах буолан, барытыгар тус бэйэтэ кыттан, холобур көрдөрөн, дьону түмэн, үлэлээбитэ-хамсаабыта.

“Алгыс” кырдьаҕастар ансаамбылларын, “Уйаандьы” ВИА, “Дьахтар кулууба”, “Алаас кыргыттарая бөлөх, “Оһуор”, “Сайылык оҕолоро” үөрэнээччилэр бөлөхтөрүн тэрийбитэ.

Кини ССРС култууратын туйгуна. Муҥурдаах Төрүт култууратын киинигэр кини аатын сүгэр. 2 оҕолоох, 5 сиэннээх.

Дохунаева Антонина Алексеевна (1944-2016)

Уолбут нэһилиэгэр өр сылларга учаастактааҕы балыыһаҕа кылаабынай бырааһынан, онтон Үрүҥ Хайаҕа кырдьаҕастары эмтиир-томтуур кииҥҥэ идэтинэн үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна. 1 кыыстаах, Дьокуускайдааҕы медучилищены бүтэрбитэ. Уол сиэннээх.

Дохунаева Мария Алексеевна (1946 с.)

1971 с. Магадан куоракка пединституту бүтэрбитэ, математика учуутала. Талбыт идэтинэн 34 сыл устата төрөөбүт улууһугар, үксүн Муҥурдаахха, үрдүк таһаарыылаахтык, үтүө түмүктээхтик үлэлээбитэ.

Кини методист-учуутал, РСФСР норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, “Саха сирэ – Азия оҕолоро” Фонда стипендиата, “Учууталлар учууталлара”, үөрэх үлэһиттэрин 10-с өрөспүүбүлүкэтээҕи съеһин дэлэгээтэ, 2000с. өрөспүүбүлүкэтээҕи “Педагогическай энциклопедияҕа” киирбитэ.

Павлова Анна Алексеевна (1949-2006)

Детсадка 12 сыл сэбиэдиссэйинэн, 24 сыл иитээччинэн үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, 2005 с. Дьокуускайга буолбут Саха дьахталларын I съеһин кыттыылааҕа, сцена бэтэрээнэ.

Кэргэнэ Павлов Василий Кирилловичтыын 4 оҕолоохтор, 7 сиэннээхтэр, 2 хос сиэннээхтэр.

Дохунаева Акулина Алексеевна (1951 с.)

Идэтинэн зоотехник. Абый, Муҥурдаах нэһилиэктэригэр үлэлээбитэ,тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үгүс кылаатын киллэрбитэ.

2 кыыстаах, 3 сиэннээх.

Дохунаева Агафья Алексеевна (1953-2013)

Муҥурдаах оскуолатыгар идэтинэн нуучча тылын, литературатын учууталынан үлэлээбитэ. РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, РФ Президенин гранын хаһаайката, “Учууталлар учууталлара”.

Дохунаева Екатерина Алексеевна (1956 с.)

Идэтинэн физика, математика учуутала. Бэйэтин идэтин таһынан саха тылын уонна литературатын, төрүт култуураны, географияны, историяны,обществознаниены ханнык баҕарар кылааска холкутук биэрэр кыахтаах, үрдүк таһымнаах педагог. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна. Хоһоон суруйуутунан дьарыктанар, айымньылара хаһыаттарга бэчээттэнэллэр.

Дохунаев Аркадий Алексеевич (1957-2004)

Аҕата өлөрүгэр биирдээх уол хаалбыта. Дружина орто оскуолатын бүтэрбитэ, Сыаҥааннаахха араас үлэҕэ сылдьыбыта. Байанайдаах булчут, балыксыт этэ.

2004с. күһүнүгэр бултуур сиригэр, сүрэҕинэн эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Хоһоон суруйара. Кэргэнэ Валентина Егоровналыын 3 оҕоломмуттара, 4 сиэннээхтэр.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ