Ефимова Матрена Ивановна

Герой ийэ Ефимова Матрена Ивановна.

Абый улууһуттан Герой ийэ үрдүк аатын аан бастакынан 1948 с. атырдьах ыйын 30 күнүгэр ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Муҥурдаах нэһилиэгин олохтооҕо Ефимова Матрена Ивановна ылбыта.

Матрена Ивановна Иван Вениаминович Климовскай ( Мааҥка Уйбаан) үһүс оҕото, 1902 сыллаахха төрөөбүтэ.

Абыйтан бастакы Герой-ийэ Матрена Ивановна оскуолаҕа биир да күн үөрэммэтэҕэ. Бу үөрэҕэ суох саха дьахтара олоҕун бүтүннүүтүн оҕолорун иитиигэ, киһи, үлэһит, үөрэхтээх дьон буолалларыгар анаабыта.

Кэргэнэ Николай Васильевич Ефимов , Василий Константинович (Чукча Баһылай) улахан оҕото. 1902 сыллаахха Абый нэһилиэгин Арыылааҕар төрөөбүтэ... Н.Д.Шарабориҥҥа үөрэммитэ, икки кылаастаах церковнай-приходской оскуоланы бүтэрбитэ. Былаас уларыйыытын, аймааһыннаах бандьыыттааһын бириэмэтигэр аҕата саҥа былааһы утарбытын сөбүлээбэккэ, салгыы мөккүһэн, бэрт эдэр сааһыгар дьонуттан тэйбит уонна Муҥурдаах нэһилиэгэр Титирик диэн ааттаах сиргэ тиийэн олохсуйбута уонна 1925 сыллаахха Матрена Ивановналыын көрсөн, таптаһан, дьоллорун холбоон ыал буолбуттара.

Ефимовтар дьиэ кэргэн араас кэмнэргэ Титирик, Хатыҥнаах учаастактарга, Сыаҥаннаах бөһүөлэгэр олорбуттара.

Аҕалара Николай Васильевич араас кэмнэргэ ГУСМП (Хотугу Муора суолунан хааччыйыы управлениетын) агенынан, фактория сэбиэдиссэйинэн уонна бэрт уһуннук соҕотуопка, “Мясомолпром” тэрилтэлэригэр, пенсияҕа тахсан да баран, үлэлээбитэ.

Кини хаһыаты, кинигэни олус сөбүлээн ааҕара. Оройуоҥҥа, өрөспүүбүлкэҕэ, дойдуга, атын да сирдэргэ буолар түбэлтэлэри, сонуннары кэрэхсээн билсиһэрэ, истэрэ, санаа атастаһара...

Матрена Ивановна, Николай Васильевич уон оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, иитэн, үөрэтэн, үлэһит оҥорбуттара.

Ефимовтар бэйэлэрэ үөрэх наадатын өйдүүр буоланнар, оҕолорун үөрэхтээх дьон оҥорорго кыһаллыбыттар. Түөрт оҕо үрдүк, 3 оҕо орто анал үөрэхтээх үлэһит буолбуттара. Оҕолоро үлэһит буолан, чиэскэ-бочуокка тиксибиттэрэ.

Бары кыра саастарыттан отчут-масчыт бэртэрэ этилэр, дьиэ ис-тас, оччотооҕу бары хара үлэлэргэ моһуллан улааппыттара.

Бу ыалга улахан оҕолор кыраларга үтүө сабыдыаллара улахан этэ.

Төрөппүттэр табах тардыбат, арыгы испэт чөл олохтоох дьон этилэр. Кинилэр 10 оҕолоруттан биир да оҕо табах дьаатын дьаллыгар сыстыбатаҕа. Оҕолоро бары саастарын ситиэхтэригэр диэри доруобай улааппыттарын ийэ, аҕа кинилэр тустарыгар ахсаабат кыһамньыларын биир түмүгүн курдук сыаналыахха сөп.

Төрөппүттэрэ оҕолорун айылҕалыын алтыһыннаран улаатыннарбыттара. Уолаттар бары байанайдаах булчуттар, күөрэтигэс сааһыттар этилэр.

Оҕолор улаатан баран, төрөппүттэрин көмөлөһөөччүлэрэ эрэ буолбакка, өссө сүбэһиттэрэ-амаһыттара буолбуттара. Кинилэр кэлин олох, араас боппуруостарыгар “Ылдьаа туох дии саныыра буолла?” эбэтэр “Марусяттан ыйытыахха” дииллэрин истиэххэ сөп этэ.

Оҕолоро кыра саастарыттан чиэһинэй, бэрээдэктээх буолуу тыыныгар, ирдэбилигэр иитиллибиттэрэ...

Аарыма тиит мас элбэх мутуктара, лабаалара саас аайы силигилии тыллалларын курдук, Ефимовтар үтүө утумнара үйэттэн үйэҕэ үксүү, үүнэ-сайда туруохтара.

Н.Н.Ребров. Ийэ баар буолан. Дьокуускай, 2005. – 21-29 с.

Бастакы оҕолоро - Константин Николаевич Ефимов (1927-1978)

1955 сыллаахха Төҥүлүгэ бухгалтердар оскуолаларын бүтэрбитэ, сааһын тухары суот-учуот үлэтигэр Ворошилов аатынан “Правда” колхозка, совхоз Муҥурдаахтааҕы отделениетыгар бухгалтерынан үлэлээбитэ. Үлэлиир салаатыгар өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээн суот-учуот, отчуот дьыалаларын тупсарбыта, тыа хаһаайыстыбатыгар оройуон биир бастыҥ бухгалтерынан ааҕыллара да, биллэрэ да. Бар дьоно убаастаан “Бухгалтер Костя” диэн ааттыыллара.

Нэһилиэгин общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыта, уһун кэмҥэ профсоюз месткомун салайбыта. Эдэр сааһыгар комсомол үлэтигэр, уус-уран самодеятельноска көхтөөхтүк кыттыбыта. Үчүгэй мас ууһа этэ.

“Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-45сс килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта. Нэһилиэк олохтоохторо ытыктыыр салайааччылара этэ.

Кэргэнэ Ефимова Анастасия Егоровналыын 4 оҕоломмуттара.

Иккис оҕо - Илья Николаевич Ефимов (1928-1991).

Аймах киэн туттуута, бастакы, бастыҥ сүбэһитэ, көмөлөһөөччүтэ, халыҥ хаххата этэ.

Кини аатын кытта оройуон саҥа киинин – Үрүҥ Хайа бөһүөлэгин тутуу быһаччы сибээстээх. Билигин бөһүөлэк киин уулуссата кини аатын сүгэр. Элбэх төгүл партия райкомун, райком бюротун чилиэнинэн, райсовет депутатынан быыбардаммыта, төрөөбүт оройуонун социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тутааччыта, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар, хас да мэтээл хаһаайына, Абый улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

1991 бала5ан ыйын 1 күнүгэр оһолго түбэһэн, соһумардык олохтон туораабыта. Кэргэнинээн Елизавета Ксенофонтовналыын 5 оҕоломмуттара, элбэх сиэннэммиттэрэ.

Үһүс оҕо - Елизавета Николаевна Малышева (1932-1998)

1956 сыллаахха Дьокускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ уонна үс сыл идэтинэн Өлүөхүмэ Токотугар ветеринарынан үлэлээбитэ. 1959 с. төрөөбүт нэһилиэгэр көһөн кэлбитэ уонна үйэ чиэппэрэ детсад сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, тэрилтэни кыайа-хото салайбыта. Абый улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үөрэхтээһиҥҥэ элбэх наҕараадалардаах.

Олоххо актыыбынай позициялааҕа, нэһилиэк сэбиэтигэр хас да төгүл депутатынан быыбардаммыта. 17 сыл нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ.

Сцена бэтэрээнэ, элбэх фестиваль лауреата. Сааһыран да баран, кырдьаҕастар “Алгыс” ансаамбылларыгар ыллыыра. Уһун ыарахан ыарыыттан 1998 с. олохтон туораабыта.

Кэргэнэ Өлүөхүмэттэн төрүттээх Малышев Прокопий Егоровичтыын 5 оҕоломмуттара.

Е.Н.Малышева ССРС 5 мэтээллээҕэ, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Абый улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Төрдүс оҕолоро - Евдокия Николаевна Ефимова.

Эдэр сааһыгар колхоз, совхоз араас үлэлэригэр үлэлээбитэ. Онтон 1961 сылтан отучча сыл детсадка повардаабыта. Өр сылларга үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбитэ.

Кэргэнинээн Ребров Василий Григорьевичтыын 10 оҕоломмуттара.

Бэһис оҕолоро - Мария Николаевна Ефимова (1937-2020). Иркутскайдааҕы медицинскэй институту бүтэрэн, үлэтин Абый нэһилиэгэр баар учаастактааҕы балыыһаттан кылаабынай бырааһынан саҕалаабыта. Салгыы өр сылларга Дружинаҕа, Үрүҥ Хайаҕа терапебынан, Киин балыыһаҕа кылаабынай бырааһы солбуйааччынан үлэлээбитэ. Муҥурдаах нэһилиэгиттэн бастакынан быраас идэтин ылбыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа. Биир уоллаах, сиэннэрдээх.

Алтыс оҕолоро - Февралина Николаевна (1939 с.)

Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэриэҕиттэн оҕо иитиитигэр үлэлээбитэ. Идэтинэн иитээччи. Пенсияҕа Үрүҥ Хайаҕа “Сардаана” детсадка үлэлии сылдьан тахсыбыта. Кини Россия Федерациятын үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна. Билигин Санкт-Петербург куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Сэттис оҕо - Анатолий Николаевич (1941-1963).

Эдэр сааһыгар соһумардык олохтон туораабыта. Эт-хаан өттүнэн эргиччи сайдыылаах, спорт элбэх көрүҥнэринэн ситиһиилээхтик дьарыктаммыт, хайа баҕарар үлэҕэ дьоҕурдааҕа, кыайыгас, олоххо элбэх үтүө ыралардааҕа...

Ахсыс оҕо - Алексей Николаевич (1942-2007).

1964-71сс. Саха Государственнай университетын медицинскэй факультетыгар үөрэммитэ. Идэтинэн төрөөбүт улууһугар өр сылларга үлэлээбитэ. Абый улууһугар бастакы идэтийбит рентгенолог-быраас этэ. Новокузнецкай государственнай университекка үөрэҕин үрдэттибитэ. Бу идэтинэн 30 сылы быһа эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Мыреева Римма Михайловналыын ыал буолан, үс оҕоломмуттара, сиэннэрдээх.

Тохсус оҕо – Тимофей Николаевич (1944 с.)

1971 сыллаахха Таллин куоракка политехническай институту бүтэрбитэ. “Главякутсстрой” алтыс СМУ-гар, Абый оройуонугар архитекторынан, “Межколхозстрой” тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Кэргэнэ Раиса Алексеевналыын биир кыыстаахтар, сиэннэрдээхтэр.

Онус оҕолоро - Леонид Николаевич (1946-2002)

Муҥурдаахха алын кылаас учууталынан үлэлээбитэ, онтон комсомол Абыйдааҕы райкомугар инструктордаабыта. Абый нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, оскуолаҕа учууталынан, отделение управляющайынан, “Абый” совхоз профсоюзнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, Муҥурдаахха “Абый” совхоз Муҥурдаахтааҕы отделениетын управляющайынан үлэлээбитэ. 1982 с. СГУ БГФ география салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар саҥа тэриллибит Үрүҥ Хайатааҕы нефтебазаҕа дириэктэринэн үлэлээбитэ. Нэһилиэк, оройуон общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Нэһилиэккэ хас да төгүл депутатынан талылла сылдьыбыта.

Кэргэнинээн Лидия Ивановналыын 6 оҕоломмуттара, сиэннэрдээхтэр.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ