http://www.culture.ru/
Садовникова Мария Ивановна
Герой ийэ Садовникова Мария Ивановна
Мария Ивановна Абый оройуонун Ураһалаах нэһилиэгин Тоҥуулаах учаастагар элбэх оҕолоох орто кыахтаах бааһынай дьиэ кэргэнигэр бүтэһик оҕонон тѳрѳѳбүтэ.
Тыа дьоно cүөhү иитиитинэн, булдунан-аһынан дьарыктанар буолан, оҕолор эмиэ сүөһүгэ сыстаҕас, араас үлэҕэ дьоҕурдаах буола улааталлара.
Ол курдук, Мария Ивановна улаатан, кэргэн тахсан, эмиэ элбэх сүѳһүлээхтэрэ. кэргэнэ Садовников Николай Гаврильевич. Кинилэр холкуос тэриллэн, сүѳһүлэри холбооттуур хампаанньаҕа кѳҕүлээччи быһыытынан саамай элбэх cүөhүнү холбообуттарын дьон хайҕаан кэпсииллэрэ.
Бу курдук үтүѳ суобастаахтык, үөрүү-көтүү аргыстаах, мааны ыал аатын ылан, ѳлгѳм ынах cүөhү ииттэн, барыта 16 оҕону тѳрөтөн, оҕолор дьоллорун, үөрүүлэрин-кѳтүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн, олорбуттара. Сорохтор туспа ыал буолан, оҕо-уруу тэринэн, туһунан cүөhү, ынах ииттэн олохторун оностон испиттэрэ. Ол кэмҥэ кэргэнэ, Николай Гаврильевич ыалдьан, 1943 с. олохтон туораабыта.
Сэрии сылларыгар, ыар олох ыгар oyhyy-хатыы кэмигэр 16 оҕо тулаайах хаалар. Олоҕун аргыһын сүтэрэр, ас таҥас кырыымчык кыһалҕалаах кэмигэр оҕолор ийэлэригэр бары ѳттүттэн күүс-кѳмѳ, ѳйѳбүл буолан, доруобуйатын харыстаан, кыра балыстарыгар, бырааттарыгар ийэлии, аҕалыы истинник сыһыаннаһан, ыар сүтүктэрин мүлүрүтэн, эйэ дэмнээхтик олорбуттара.
Мария Ивановна бэйэтэ сѳбүлээн көлүнэр икки табалааҕа, биир аттаах этэ. Ол табаларынан оройуон киинигэр Дружинаҕа оҕолоругар киирэн тахсара. Ити курдук, Мария Ивановна 1947с. кулун тутар 12 күнүгэр, ол кэмнэ 16 оҕоттон 10 тыыннаах оҕотунан Абый оройуонугар аан бастакынан Герой Ийэ чиэстээх аатын сһкпүтэ.
Кини оҕолоро эмиэ үгүстэрэ элбэх оҕолоох ыаллар.
Садовников В.Н. 7 оҕолоохтор. Элбэх наҕараадалаах, улуус Бочуоттаах гражданина этэ. Үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ.
Садовников И.Н. 7 оҕону тѳрѳппүттэрэ. Элбэх хайҕал наҕараадалаах, «За доблестный труд» мэтээллээх.
Садовникова А.Н. 8 оҕолоохторо. Үлэтигэр үгүс наҕараадалаах, ийэ мэтээлин бары степенэ баар этэ.
Садовников Д.Н. 10 оҕолоохторо. Республикаҕа биллэр дьоҕурдаах сылгыһыт, табаһыт, түүлээхсит, элбэх наҕараадалаах этэ.
Садовников К.Н.-І 3 оҕолоох. Элбэх араас наҕараадалаах этэ.
Садовников К.Н.-ІІ 2 оҕолоох. РФ спецсибээһин туйгуна, РФ спецсибээһин Бочуоттаах кинигэтигэр киирбитэ. Дуобакка спорт маастара. I разрядтаах саахымаччыт этэ.
Садовникова А.Н. 3 оҕолоох.
Садовникова Е.Н. 1 оҕолоох
Садовникова А.Н. 2 оҕолоох, нуучча дуобатыгар I разрядтаах, оройуон хас да тѳгүллээх чемпиона.
Садовников П.Н. 4 оҕолоохпун. Саха сиринээҕи почта үлэтин туйгуна, Х-ХІ пятилеткалар кыайыылаахтара, 1973-1975-1979-1980 сыллар социалистическай куоталаһыыларын кыайыылааҕа.
1961 сыллаахха улахан кыыс Ирина Николаевна ѳлбутун кэнниттэн, Мария Ивановна ыар аһыыттан кыайан ѳрүттүбэккэ, ыалдьан Дружина бѳһүѳлэгэр 1963 сыллаахха күн сириттэн барбыта.
Билигин сиэннэрэ, хос сиэннэрэ республика, оройуон араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Сорохтор араас үрдүк үѳрэх кыһатыгар ситиһиилээхтик үөрэммиттэрэ, үѳрэнэллэр.
Наҕараадалара:
Улахан комус буукубаларынан суруллубут, 1947 сыллаахха бэриллибит 16 араас Сойуус, республика наҕараадалара - Верховнай Сэбиэт грамотата, Герой ийэ буоларын туһунан дастабырыанньата, 1947-1951 сылларга СССР территориятын иһигэр босхо сылдьар биэс разовай билиэтэ (биирин да туһамматах), Абый оройуонун үлэһиттэрин сэбиэтин 1947с. 6-с уокуругар депутатынан талыллыбытын туһунан (депутатскай) билиэт.