http://www.culture.ru/
Иванова Розалия Марковна
Иванова Розалия Марковна.
На5араадалара: "Ийэҕэ махтал" I, II истиэпэннээх мэтээл, "Ийэ5э Албан аат" III истиэпэннээх уордьаннаах.
7 о5о күн күбэй ийэтэ, 15 сиэннээх, 37 хос сиэннээх, 11 хос-хос сиэннээх.
“1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл, “Үлэ бэтэрээнэ”, “Кыайыы 50 сыла”, “Кыайыы 60 сыла” , “Кыайыы 65 сыла”, “Кыайыы 70 сыла”, “Кыайыы 75 сыла” мэтээллэринэн, “Сэрии сылын оҕото” мэтээл, “Тыыл бэтэрээнэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Розалия Марковна төрөөбүт-үөскээбит төрүт буора Уус Алдан оройуон Дүпсүн нэһилиэгэ. Кулун тутар 8 күнүгэр 1935 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Оонньооботох оҕо сааһа сэрии, уот кураан сылларыгар ааспыта.
Мама, бабушка ... Как много тепла и солнце, добра и нежности, счастья и уюта в этом светлом, прекрасном слове. С нежностью и любовью говорят о ней внуки и правнуки.
Рассказ Полякова Васи, правнука Розалии Марковны: « Каждый человек живет на свете благодаря своим предкам. И память об этом должна быть самим дорогим богатством. Война … Поколение, которое не узнало страшные лишения войны, не может понять, какие трудности и сложности встретили наши прадедушки и прабабушки во время войны. Но мы должны знать и помнить, как наши предки, не жалея своих сил работали в тылу. Когда началась война, нашей бабушке было только 7 лет, она умела уже писать и читать. В селе была мельница, где молотили зерно. Мельница работала на пару, старики ввозили воду и молотили зерна. В основном трудились старики. Маленькая девочка Роза ввела отчёт, писала фактуру. В 1942 году бабушка пошла учиться в 1 - ый класс. Для школы сами заготавливали дрова и топили печи. В период уборочной страды школьники работали на полях колхоза, сбор урожая тоже ложился на детские плечи. Как вспоминает бабушка осенью давали норму для сбора ягод, и она перевыполнила норму. И ей вручили осенью подарок бисер. На хрупкие их плеча легла тяжесть невзгод, бедствий, горе военных лет. И не согнулись они под тяжестью, стали сильнее духом, мужественнее и выносливее. В 1957 году окончила Якутский техникум по финансовым делам, и по комсомольской путёвке приехала в Абыйский район село Кенг-Кюель. Она вышла замуж за Садовникова Прокопия Михайловича, родили семерых детей. Прабабушка очень мудрая, всегда найдет нужное слово, дает хороший совет. Мы счастливы тем, что у нас есть прабабушка, добрая, мудрая. Сейчас у неё 16 внуков, 37 правнуков, 11 праправнуков.
Розалия Марковна* ахтыыта: “Мин 1942 с. сэрии үгэнигэр Өнөр начаалынай оскуолатыгар 1 кылааска үөрэнэ киирбитим. 1943 с. сааһыгар Томторго көһөн кэлбиппит. Томторго 4-кылаастаах оскуола баара. Киһи бөҕөнү армияҕа ыланнар дьиэ-дьиэ аайы оҕо-дьахтар, кырдаҕастар, ыарыһахтар эрэ бааллара. Томторго сыыр анныгар уунан-маһынан оттуллан үлэлиир бурдук тардар миэлниссэ баара. Ол сылга ыскылаакка фактура суруйааччынан үлэлэтэ сылдьыбыттара. Урут колхозтар бары сиэмэ ыһан үүннэрэн, онтукайдарын хомуйан, астаан, миэлинсэҕэ тиэйэн аҕалан таттарар этилэр. Син хас эмэ сыарҕалаах аттарынан кэлэллэрэ. Куһаҕан наар ааҥнаан кэлэр диэбиккэ дылы, аны сут-кураан буолан, аһыҥка үөрэ сири-дойдуну, оту-маһы, үүнээйилэри барытын сиэн, ол эрэйэ, баар суох дьоннорбут бурдуктаах бааһыналарын тула траншея курдук хаһан ханааба оҥороллоро. Биирдэ мин бурдук тардар миэлинсэ чугун, халыҥ баҕайы тимирин оскуолабар кыайбакка сынньана-сынньана көтөҕөн, соһон илдьэбин диэн уруокпар хойутаан тиийбиттээҕим. «Бачча ыарахан тимири хайдах аҕаллын,» - диэн учууталым Крылов сэрииттэн кэлбит, аҥар илиитигэр арааналаах этэ, соһуйбута. Сайынын от оттооһунугар көмөлөһөҕүн: от харбаһан, мунньуһан, от кэбиһиитигэр от тэпсээччи, бугул оннун харбааччы буоларым. Оҕуһунан соҕотоҕун астарын илдьэрим, бэйэм да кып-кыра киһи сүрдээх улахан баҕайы оҕуһу кыайан мииммэккэ бүтэй аттыгар сыһыары тардан, бүтэйтэн оҕуһум үрдүгэр хатаастан мииннэрим. Күһүн, саас оскуола кыһынын оттор маһын оҕолор бэйэбит бэлэмниирбит. Колхозтар оскуолаҕа тастахтарына, маспытын эрбээн, хайытан саһаанныырбыт. Төрөппүттэрбит ким да кэлэн көмөлөһөр кыаҕа суоҕа, бэйэлэрэ хара сарсыардаттан, киэһэ хойукка дылы үлэттэн ордуммат этилэрэ, армияҕа (сэриигэ) ылыы да элбэҕэ.
Аччыктааһын, ыалдьан-сүтүү элбэх этэ. Алҕас өйдөөбөт буоллахпына корь ыарыыттан элбэх оҕо өлбүтэ, биир дьаамаҕа хас да оҕону көмпүттэрэ.
Оҕолорго государство детдомнары, колхознай интернаттары аһыталааннар тулаайах хаалбыттары улаханнык өйөөбүттэрэ. «Дом инвалидов» - диэн улахан дьон дьиэлэрэ эмиэ баара.
Детдом оҕолоро формалаах этилэр, тимир тимэхтэрдээх хара сукуна китэллээх, истээх таҥастаах биир формалаах буолаллара.
Кэнникинэн кыайыы буолан барбытыгар, дьон-киһи да олоҕор биллэн барбыта, килиэп нормата рабочайыттан, сулууспалааҕыттан, оҕотуттан тутулуктаах этэ, онтукабытын кыралаан эбэр буолтара. Саахар, мыыла, испиискэ барыта нуормалаан биэрэллэрэ. Армияҕа (сэриигэ) сылдьар дьонноох дьоннорго эбии таҥас, хаатынка эҥин биэртэлииллэрэ.
Улуу кыайыы буолбутугар 1945 с. «Томтор» оскуолатын оҕолоро оройуон киинигэр Бороҕоҥҥо параадтаан киирбиппит.
Улахан үөрүүлээх миитин буолбута, үөрүү-көтүү бөҕө, сорохтор барахсаттар, сэриигэ өлбүттээхтэр ытаһаллара, сорохтор үөрүүлэриттэн ытаһаллара, сорохторго сүрэхпитигэр дьоммут эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн эрэллээх кыым үөскээбитэ.
Оскуоланы бүтэрэн баран, Ревизорско-инструкторское диэн отделенияҕа үөрэммитим. Бүтэрбитим кэннэ Булуҥҥа ыытаары гыммыттара, ону аккаастаммытым, ол бириэмэҕэ аҕам өлбүтэ, ол иһин ийэбэр барыам этэ диэн көрдөспүтүм. Көрдөһүүбүн ылынан Райпотребсоюз распоряжениятынан Бороҕоҥҥо ыыппыттара.
Ол курдук үлэлии сылдьан *1957 с*. Обкомол комсомольскай путевкатынан *«Ыччат уһук хоту оройуоҥҥа»* - диэн ыҥырыытынан үс киһи буолан барбыппыт. Стрекаловскай Михаил Николаевич, Прудецкая Варвара Семеновна уонна мин, оройуоҥҥа эмиэ нолуок кэриэтэ хас эрэ киһини ыытыҥ диэн сорудах кэлбит этэ, ону мин «ээ, хата ону өйүөххэ» - диэн барбытым.
Абый туһунан ханна да тугу да булан аахпатахпыт, туох оройуонай диэн ыйыттахпытына да, билэр киһи суох курдук этэ. Арай биирдэ радионан Владимир Исаев диэн киһи, оччолорго комсомол буолуо, оҕолор, Абыйга кэлиҥ – диэн ыҥырыытын эрэ истибиттээхпит, кэнники тиийэн баран билбиппит, бэйэтэ эмиэ атын оройуон киһитэ киномеханигынан тиийэн үлэлээн эрэр эбит этэ.
Райкомоллар биһигини Уолбут диэн нэһилиэккэ ыытабыт диэтилэр.
Ону биһиги: «Биһиэхэ ханна да, хайата да син биир» - диэн буолла.
Ол нэһилиэкпит Индигир унуоргу бирэҕэр ыраах, оччотооҕу суолунан 80-ча көстөөх сиргэ баар эбит. Ыйы быһа хаайтаран сытан баран, нэһиилэ Өктөөп бырааһынньыгын аҕыйах хонук иннинэ, өрүс тоҥмутун кэннэ, ат сыарҕатынан биир Комунар Луковцев- Куонаан диэн оҕонньорунан ылларбыттара. Биир акка икки сыарҕаны холбоон ыыппыттар.
Ол курдук уһун күнү-түүнү быһа, быа быста-быста, тиийэр дэриэбинэбитигэр хабыс-харанаҕа тиийдибит. Туох уот-күөс кэлиэй, чүмэчинэн, керосин лаампатынан олорор дьоҥҥо.
Онно уопсайа 1957 с. атырдьах ыйын бүтүүтүттэн алтынньы ый бүтүүтүгэр, икки ыйы быһа массыынанан, трамвайынан, самолетунан, сатыы, пароходунан, ат көлөнөн айаннаан тиийэн үлэлиэхтээх сирбитин булбуппут. Массыына, трактор диэн кэпсээҥҥэ эрэ иһиллэр сиригэр. Бөһүөлэккэ барар айан суола суох, күөллэр, бадарааннар, үрэхтэр эрэ тоҥнохторуна, кыһынын дьэ суол аһыллар. Олох «былыргылыы» олохтоох колхоз этэ. Харчы диэн олох суоҕун кэриэтэ, бэрт кыраны ылаллар этэ. Бултаабыт балыктарын, тайахтарын этин, сүөһүлэрин иһин-уоһун, синнигэс хаан, хара хаан эҥин диэн мунньан, кыһынын тохсунньуга үлэ күнэ диэн аахсалларынан, онон үллэстэллэр. Хамнас диэн ааттаммат, барыта дохуот диэн ааттыыллара. Абаанса диэн ким 5 солк., ким 10-15 солк. От саҕана 10 хоно-хоно декадаҕа кэлэн ылан бараллара.
Миигин счетоводунан ыллылар. Райпотребсоюз бухгалтериятын курдук система буолбатах, атын система эбит, борустуой. Кылаабынай бухгалтерым бастаан маннык-итинник диэн үөрэтэр этэ, онтон бэйэтэ да сатыыһы диэтэ быһылаах. «Роза, маны оҥороор, итини оҥороор» дии-дии барара-кэлэрэ элбээбитэ. Сороҕор олох да солбуйааччынан олорон хааларым.
Бастакы сыллааҕы отчуоппутугар Дружинаҕа табанан барабыт диэбиттэрэ. Дьэ, сындыыс курдук сыыйыллан үчүгэй айан буолара буолуо диэн үөрдум аҕай. Арай дьонум сотору-сотору тохтууллар, табалары уоскутабыт дэһэллэр, эн сатыы суол устун баран ис дииллэр, ситэллэр, онтон сотору буолаат эмиэ тохтууллар, ол курдук күнү-быһа айаннаан оройуоммут киинигэр тиийдибит. Онно: «Санаабытым, пахай, олох да таба бытаан, мээнэ эбит дии» - диэн. Онтон 1964 с. Сельскэй советтарга (олохтоох сэбиэттэргэ) быыбардар буолбуттара. Онно депутатынан талан, исполком секретарынан анаабыттара, ол курдук элбэх төгүл быыбардаан 32 сыл үлэлээбитим.
Сэбиэт сэкирэтээр эбээһинэһигэр сүрдээх элбэх үлэ киирэрэ: главнай бухгалтер (тэрилтэлэрэ: оскуола, интернат, сельскай кулууп, библиотека, түүннэри-күннэри үлэлиир ясли-сад, фельдшерско-акушерскай пункт, травпункт, аны паспортнай стол, военнай учет начальнига, ЗАГС сэбиэдиэссэйэ, авиаплощадка туруга уонна билет атыыта, госстрах агена, туох баар эбээһээтиннэй уонна добровольнай страхование) барыта киирэрэ. Нэһилиэк араас стат отчуота, тыа хаһаайыстыбатын араас көрдөрүүлэрин отчеттара, аны исполком бэйэтин тэрийэр-маассабай үлэтэ.
Маны таһынан общественнай үлэлэр: народнай сэтээтэл, женкомитет, административнай, санитарнай комиссиялар, төрөппүттэр, дьахталлар комитеттарын өрүү талаллара.
Сэбиэккэ үлэлиир бириэмэбэр республика советтарын куотаһыыларыгар, икки төгүл бастаан республика көһө сылдьар Знамятын ылбыппыт, оройуон иһигэр куоталаһыыга үксүн бастыыр, куруук миэстэлэһэр этибит.
Уолбуппун иккис дойду оҥостон, олохсуйан дьиэ-уот тэринэн. Төрүт түөлбэ олохтооҕор Садовников Прокопий Михаловичка кэргэн тахсан, сэттэ оҕоломмуппут. Биир уол, алта кыыс. Кэргэним – Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Кини 1996 күн сириттэн суох буолбута. Оҕолоро аҕаларын ытыктыыллар этэ.
Сэттэ оҕо бары ыал буолан, олохторун бигэтик оҥостон, удьуор тэнийэр.
Биэнсийэ5э тахсан баран 1987 сылтан сэкирэтээртэн уурайан, бухгалтерияҕа икки штаты көрбүттэригэр иккис бухгалтерынан хаалбытым.
Ол курдук үлэлии сылдьан эмискэ ыалдьан, 2002 с. оҕолорбор биллэрбиттэригэр, баран суһаллык ылан аҕалбыттара. Онтон ыла Дьокуускай куоракка олоробун. Эмтэнэ-эмтэнэ, сиэннэрбин көрөбүн. Үлэлиир сылларбар элбэх грамоталары, махталы, сыаннай бэлэхтэри да, харчы бириэмийэлэри да ылаттаабытым. Элбэх үтүө дьону кытта бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун.
Улахан уол Олег төрөөбүт түөлбэтигэр олохсуйан, үс оҕолоох, түөрт сиэн тапталлаах эһэтэ. Байанайдаах булчут, айыл5аны кытта ыкса сибээстээх. Айылҕа сиэрин – туому тутуһан, эдэр көлүөнэҕэ тиэрдэр. Эдэр эрдэҕиттэн айар куттаах, айылҕа хатыламмат кэрэтин, ыраас таптал иэйиитин, саха чулуу булчутун, төрөөбүт дойдуга тапталы.
Олег Прокопьевич ийэтигэр анаабыт хоһооно Ийэ:
Былыттар усталлар
Ааһаллар хонуктар
Эн эмиэ кырдьаҕын
Түһээбит курдукпун
Ийэкэҥ эйиигин
Түөһүгэр кууһарын
Ийэбит – сибэкки
Ийэбит – эн өрүү
Ийэбит – биһиэнэ
Оҕоҕун күүтэҕин
Түүннэри олорон
Хараххын симмэккэ.
Тоҕотун билбэккин
Төрөппүт оҕоҕор
Сүрэҕиҥ ыалдьарын.
Ийэбит сылааһа
Сүрэхпин ититэр
Санааҕын долгутар,
Оҕо саас кэмнэрин
Эргитэр биһиэхэ
Ийэбит барахсан.