Черемкина Христина Николаевна

Христина Николаевна Черемкина тохсунньу 8 күнүгэр 1940 с. боростуой дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Евдокия Михайловна Ефимова, aҕата Николай Николаевич Ефимов-ll.

Христина оскуола кэннэ оччотооҕy oҕолор сиэрдэринэн колхозка ньирэй көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Онтон 3 сыл саһыл ферматыгар Шкулева Евдокия Никифоровналыын үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

1964 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медучилишеҕа сиэстэрэ идэтин баһылаан Дружинаҕа 2 сыл үлэлээбитэ. Уонна 1965 сыл төрөөбүт дойдутугар Кэбэргэнэҕэ участковай балыыһаҕа 40 сыл тухары үтүө сyобастаахтык үлэлээбитэ.

Христина  1966 сылга ыам ыйын 20 күнүгэр Николай Николаевич Черемкинныын ыал буолбуттара.

Кэргэнэ станцияҕа дизелистьыр буолан иккиэн түүҥҥү дьуһуурустубаҕа үлэлииллэригэр оҕолору көрүүгэ эбэлэрэ Евдокия  Николаевна көмөлөһөн абыраабыта.

Христина Николаевна кэргэнинээн 6 оҕону төрөтөн улаатыннаран үлэһит дьон оҥортообуттара.

Черемкин Гаврил Николаевич Ленинград куоракка дизелисткэ үөрэммитэ, oҕолоро Коля,Галя, сиэннэрэ Алиса, Миша.
Черемкин Петр Николаевич Өлүөхүмэтээҕи техникумүа механик идэтин баһылаабыта,оҕолоро Алеша, Снежана.
Черемкина Ульяна Николаевна Дьокускайдааҕы медучилищены бутэрбитэ, Медцентрга хирургическай сиэстэрэнэн үлэлиир,оҕото Дьулуур.
Черемкина Евдокия Николаевна Намнааҕы педучилишены,ЯПИ-ты бүтэрбитэ,  оҕолоро Карина, Ефим.
Черемкин Олеr Hиколаевич оуоппар идэлээх,ДЭС-кэ үлэлээбитэ,оҕото Света.
Черемкин Иван Николаевич СПТУ-16 бүтэрбитэ,оҕолоро Ян, Далаана.

Христина,Николай Черемкиннар олоххо активнай көрүүлээх дьон. Төһө да 80 сaастарын aасталлар нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кытталлар, эдэр ыччакка холобур буолаллар.

2018 сыллаахха Кэбэргэнэҕэ буолбут Международнай Арктическай сайыҥҥы оскуола иһинэн ыытыллыбыт «Бакалдыдак» - Индигирская рыбалка конкурска дьиэ кэргэнинэн кыттан 2 миэстэ буолбуттара.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ