http://www.culture.ru/
Сивцева Аксиния Николаевна
Аксиния Николаевна тыыл бэтэрээнэ, I истиэпэннээх “Ийэ мэтээл” хаһаайката, элбэх оҕолоох ийэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын огдообото Аксиния Николаевна Сивцева ис дууһатыттан тахсар истиҥ тыллаах аахтыыта:
- Сааһыран олорон, оҕо сааспын, хайдах олоххо олорон, улаатан, оскуолаҕа барыы ыараханын, мин эрэ буолуо дуо, кырдьаҕастар бары саныыллар, ахталлар.
Мин 1932 сыл от ыйын 19 күнүгэр Кэбээйи оройуонун Куокуй нэһилиэгин Аалгыма диэн сайылыгар төрөөбүтүм. Ол саҕана бары сайылык диэн алааһынан тус-туспа уонна 3-4 ыал буолан дьукаахтаһанолорор этилэр. Бары оҕолордоохтор. Дьоммут барахсаттар оттор мас көстүбэт буолан, оннук олорор эбиттэр. Ити көмүлүөк оһоҕу күнүстэри-түүннэри оттор буоллахтара, туох маһа тургуйуой. Дьоммут элбэх сүөһү-ас ииттии суох. Биир икки торбостоох ынахтаахэтилэр. Ийэм-аҕам үөрэхтэрэ суох, биир буукубаны билбэттэрэ. Аҕам үс буукубанан, латыын алпабыытынан илии баттыыра. Ийэбит суох. Биһиги бииргэ төрөөбүт алтыа этибит, билигин үспүт баар.
Оскуолаҕа киирии саҕана саҥа бөһүөлэккэ көһөҕүт, онно үөрэнэҕит диэн убайбынаан барар буолбуппут. Мин 1940 сыллаахха маҥнайгы кылааска киирбитим. Оскуолаҕа учууталым мааныта, үчүгэйэ бэрт бөҕө. Мин сүрдээх уһун баттахтаахпын, куп-кугас, арбайар ахан этим. Торбос тириититтэн тигиллибит этэрбэстээхпин. Онтон эдэркээн учууталым перемена буолла да, көрүдүөргэ тахсан миигин көрдүүр. Мин буоллаҕына саһабын да, кини булар уонна илдьэ баран, биир хоско киллэрэн, баттахпын тарыыр уонна өрөр, оҥорор этэ. Үөрэхпэр ыарырҕаппат этим. Оннук пиэрибэй кылааһы бүтэрдим. Эһиилигэр атын учуутал кэллэ. Барбыт учууталым барахсаны аҕынным, таптаабыт эбиппин.
Сэрии саҕаламмытын оскуолаҕа сылдьан истибиппит. Учууталбыт кылааска киирэн эппитэ уонна дьиэбитигэр тарҕаппыта. Учууталбыт дьону сэриигэ ылыы саҕаламмытын туһунан кэпсээбитэ. Дьиэбэр кэлбитим дьонум истэн олороллор эбит. Баҕар, аҕабытын ылаллара буолуо диэн ытаһыы. Сааһынан кырдьаҕас буолан үлэ фронугар ылбыттара, онтон сотору төннөн кэлэн холкуоска үлэлээбитэ.
Итинник 1942 сыл буолла. Чурапчылар көһөн кэллилэр. Оскуолабытыгар оҕо бөҕө кэллэ. Эчи, маанылара, мин көрдөхпүнэ, таҥастара үчүгэй, куорат оҕолорун курдуктар. Биһигини көрө-көрө,таҥаспыт мөлтөҕүн иһин күлэллэр. Үс кыыс буолан бииргэ түбэһэн оонньуубут. Онтон биир кыыс биирдэ этэр, “миэхэ сарсын арыылаах килиэп аҕалыаҥ? Мин эйиэхэ куукула таҥастыын аҕалыам” диэн. Мин дьиэбэр кэлэн ийэбэр эттим. Ону «чэ, биирдэ эрэ биэриэм» диэтэ. Сарсыҥҥытыгар кыыһым аҕалбыт, үчүгэйэ, таҥаһа да эмиэ оннук. Ону паарта анныгар олорон оонньуубут, үчүгэй да этэ. Онтон биирдэ кыыһым үрүҥ сибэкки ойуулаах таҥастан тигиллибит мөһөөччук аҕалбыт уонна: “Миэхэ сарсын бурдук аҕалыаҥ дуо?”- диэтэ. Наһаа соһуйдум да буоллар ыллым.
Оройуон киинигэр эбэм олорор этэ. Кини учуутал кыыһа эмискэ ыалдьан суох буолбутугар миигин, Өксүүнү миэхэ ыытыҥ диэбит (эбэм Өксүүн диэн, миигин эмиэ итинник ааттыыра). Инньэ гынан, 1943 сыл сайын 9 көстөөх сиргэ ыҥыыр акка олордон ыыттылар. Эбэм Өксүүн сүрдээх дьаһаллаах этэ, барыны барытын дьаһайан, салайан, урууларын-аймахтарын түмэн олорбута. Куруук ыалдьыта-хоноһото элбэх буолара, тыаттан киирбит оҕолор киниэхэ олорон үөрэнэллэрэ. Бириэмэтигэр аатырбыт сураҕырбыт иистэнньэҥ этэ. Кинини сураһан ыраахтан кэлэн таҥас арааһын тиктэрэллэрэ. Ордук түүлээҕи иистэнэр этэ. Кини оҕуруоччутунан биллэрэ. Кэбээйигэ аан бастакынан хортуоппуйу, хаппыыстаны, моркуобу, кэлин оҕурсууну, табаҕы ыспыт. Ордук табаҕы хото ыһар буолан, онтукатын аска мэнэйдэһэр этэ. Дьэ, ол айаннаан кэлбитим кэннэ эбэм барахсан таҥаспын көрөн хайдах маннык оҕону таҥынныраллар диэн салынна. Дьэ, доҕоор, таҥас бөҕөнү тиктэ, былааччыйа, сарапаан, ыстаан, ханна да суох атах таҥаһа, сүрдээх үчүгэй. Киһи билбэт оҕото буоллум. Күһүн оскуолаҕа бииргэ үөрэниэхтээх оҕолору эбэм булан бииргэ сылдьабыт, дьиэбититтэн чугас сир астыыбыт. Ону эбэм лааппыга төһө эрэ харчыга туттарар. Күһүн үһүс кылааска үөрэнэ бардым. Оскуолабыт үчүгэйэ, улахана, герой Гаврил Егоров туттарбыт оскуолата. Мин кинини көрбүтүм ээ. Ол сайылыкка көтөҕөн ылбыта уонна: «Үөрэниэххин баҕараҕын дуо?» -диэн ыйыппыта. Ону: «Баҕарабын», - диибин. «Ол иһин Кэбээйигэ эйиэхэ оскуола туттум», - диир. Кэһиитин килиэп, саахар биэрдэ. Оо, ол үчүгэйин, аны санаатахха.
Оҕо сааһым сэрии кэмигэр аастаҕа дии. Биһиги улахан дьоннуун бииргэ сылдьан үлэлиирбит. Оскуола бүттэ да, күһүн балаҕан ыйыгар диэри үлэ: оҕуруокка сыыс от үргээһинэ, хортуоппуй олордуута, ол сыыс отун ыраастааһын. Саамай кыайбат үлэм оҕус сиэтии этэ. Төһөлөөхтө охторбут буолуой, өчөс оҕус түҥнэри көтүө диэн куттаныы бөҕө. Күһүн биир да куолас сиэмэ хаалбатын диэн хараҥа түһүөр диэри хомуйарбыт, кутуйах хасааһын булан, үөрүү бөҕө буоларбыт. Ол саҕанааҕы оҕолор бары даҕаны үлэни биллэхтэрэ дии. Кинилэр билигин сэрии оҕолоро диэн мээнэҕэ да ааттамматахтара.
1947-48 сылга оскуолабын 7кылааһы бүтэрдим. Кылааска хаалбатаҕым. Оҕолортон кыахтаах соҕустара 8-10 кылааска үөрэнэ бардылар.
Мин 7 кылаас кэнниттэн оҕолору батыһан, биир үөрэххэ киирэн баран, ыалдьан төннөн кэлбитим. Таҥаһым мөлтөх эбит, чараас, харчы суох, сорох күн олох аһаабат этибит, тоҥуу-хатыы бөҕө. Онтон 1949 сыл балаҕан ыйыгар Райпоҕа заготовкаҕа статист диэн дуоһунаска үлэҕэ ылбыттара. Үчүгэй үлэ этэ. 17 саастаах оҕолор буоллахпыт. Үлэбин сөбүлээтим уонна бэйэм кистээн массыынкаҕа бэчээттииргэ үөрэнним. Ону билэн, элбэх үлэ баар буолла эрэ көмөлөһүннэрэр буоллулар.
1949 с. биһигини, үс кыыһы, кооперативнай техникумҥа миэстэ кэллэ диэн Дьокуускайга үөрэххэ ыыттылар. Икки этээстээх дьиэҕэ, үөһээ этээскэ олоробут, аллараа этээскэ үөрэнэбит. Наһаа үчүгэй үөрэх саҕаланна. Үөрэхпитин бэс ыйыгар үс кыыс бүтэрэн, мин товаровед, икки кыыс бухгалтер буолан кэллибит. Ол да үлэбэр үчүгэйдик үлэлээбитим. Сааһым онно уон тоҕуһум. Үлэ бөҕө. Таайдарым армияттан кэллилэр.
1951с. арай биир эдэр уол кэлбит. Ханна да сылдьыбат, вечернэйгэ үөрэнэр эбит, “Союзпечать” тэрийээччинэн үлэлиирэ. Ол - Сивцев Иван Дорофеевич. Атын кыргыттары кытта сылдьыбат. Онтон биһиги кистээн доҕордоһон бардыбыт. Эмиэ тулаайах эбит. Убайа, эдьиийэ бааллара. Онтон кинини Кэбээйи райсоветын эргиэҥҥэ отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. 1953 сыл кыра остуол оҥорон холбостубут. Дьиэбит да кырата. Сэрии кэнниттэн олох ыарахана биллэр буоллаҕа. Бастакы оҕом - Марина. Онтон Вова төрөөбүтэ. Аҕабытын 1956 сыл Ленинградка атыы-эргиэн үрдүк куруһугар үөрэххэ ыыттылар. Барымаары гыммыта, ону аҕам кыахтаах тыллаах киһи: «Олох бар, үөрэн, мин оҕолору көрсүөм, кыһаллыма», - диэн кэбистэ. Онон 2 сыллаах үөрэххэ барда. Сайын аҕам аҕалбата, харчы ыытар. Хата, оҕолоругар баһыылканан таҥас, оонньуур ыытар, үөрүү бөҕө. Онтон 1957с. үһүс уол төрөөтө, Ваня диэн бэйэтин аатын биэрдибит. Оҕолор этэҥҥэлэр, улааталлар.
1958 сыл буолла. Сайын аҕабыт үөрэҕин бүтэрбит уонна ыраах Абыйга үлэҕэ ананным, онон хомунуҥ, куоракка кэлээриҥ, онтон көһөн барабыт диэн буолла. Абый оройуонун “Колымторг”хонтуоратын дириэктэринэн анаммыт эбит.
Уһуннук айаннаан 1958 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр Дружина бөһүөлэгэр кэллибит. Онно Иван убайа Сивцев Иннокентий Дорофеевич баара, оройуон хаһыатын редакторынан үлэлиир этэ. Бастаан кэлээт кинилэргэ түстүбүт, дьиэ суох этэ. Кэлин син олохсуйбуппут. Иван үлэ бөҕө. Мин интернакка счетоводунан үлэлиибин. Оҕолор этэҥҥэлэр. Дружинаҕа Саша, Валя, Надя төрөөбүттэрэ. Иван оҕолорун таптыыр да этэ. Миигин күлэн туох үйэ үүнэр, оҕолор улаатан, үөрэххэ барыы-кэлии буолуо, биһиги испитин ыга тардынарбыт кэлиэ диирэ. Иван олорбут, үлэлээбит Абыйын оройуонугар үтүөтэ элбэх, эргиэн сайдарыгар элбэҕи оҥорбута. Сатабыллаах салайааччы уонна тэрийээччи буолан, хонтуора материальнай базата бөҕөргүүрүгэр элбэх үлэни ыыппыта. Нэһилиэктэргэ маҕаһыыннар, итии ыскылааттар тутуллубуттара. Торговай отделениелар сэбиэдиссэйдэринэн, продавецтарынан эппиэттиир үөрэхтээх дьон ананан үлэлээн барбыттара. Табаар тракторынан, массыынанан тиэллэр буолбута. Үөрэҕи бүтэрбит саҥалыы көрүүлээх киһи үлэтэ буоллаҕа. Ол да иһин үтүө доҕоттордоох этэ.
1967 сыл ыам ыйын 29 күнүгэр алдьархай кэтэспэтэх өттүттэн буолла. Иван Зырянкаҕа булка сылдьан ууга былдьанна диэн телеграмма кэллэ... Дойдутугар, Кэбээйигэ, илдьэн харайдыбыт. 40 хонугун кэнниттэн биһиги төттөрү кэллибит. Доҕотторбут дьиэбитин көрөн-истэн, ас астаан кэтэһэн олороохтууллар. Ол ыаллыы Слепцовтар, Сорокоумовтар, Анисимовтар уо.д.а.
Ити курдук ыарахан олоҕум саҕаланна. 6 оҕону кытта соҕотох хааллым. Улаханым Маринам уон үһэ, кырам - Надя, үстээх. Райсовет сэбиэдиссэйэ ыҥыран пенсия ананна диэтэ. Ылбытым, ыйга алта оҕоҕо 67,08 солк. Элбэх оҕолоох буолан төрдүс оҕобор 4 солк пособие, бэһис оҕобор 6 солк. пособие. Ону сберкассаҕа уурар этим. Икки оҕобун тастан интернакка ылан көмөлөспүттэрэ, ол абыраабыта. Хаатыҥка, бачыыҥка, бэргэһэ, үтүлүк көрүллэр этэ.
Дьыл-хонук ааһар, оҕолор улаатан, оскуоланы бүтэрэн, биир - биир үөрэххэ тардыһан баран истилэр.
Марина университекка омук тылын учуутала, үс уол авиацияны талан, этэҥҥэ бүтэрэн, төрөөбүт дойдуларыгар Абыйга кэлэн 30-тан тахса сыл үлэлээн-хамсаан аат-суол оҥостубуттара. Марина 40-тан тахса сыл Белай Гора орто оскуолатыгар, онтон гимназияҕа учууталлаан, билигин пенсияҕа олорор. Улахан уол Володя Мирнэй куорат аэропордугар авиатехниктаабыта. Ваня Белай Гора аэропордугар 15 сыл авиатехниктаабыта. Саша Белай Гора аэропордугар 30-тан тахса сыл эмиэ авиатехниктаабыта. Оҕолорум икки уол оһолго, Саша ыалдьан күн сириттэн күрэммиттэрэ. Кыыһым Валя аҕатын суолунан Ленинградка үөрэнэн бүтэрэн, төрөөбүт Абыйыгар торговай хонтуораҕа товароведтан саҕалаан дириэктэргэ тиийэ үүнэн, 30-тан тахса сыл үлэлээбитэ, билигин пенсияҕа олорор. Саамай кыра кыыһым Надя фармацевт үөрэхтээх. Үөрэҕин бүтэриэҕиттэн Дьокуускайга фармацевтыыр. Алта сиэннэнэн, икки хос сиэннэнэн эбэ, хос эбэ буолар дьолун биллим. Сиэннэрим бары Дьокуускай, Томскай, Санкт-Петербург куораттарга үөрэнэн, үрдүк үөрэхтээх, араас идэлээх үлэһит дьон буола улааттылар. Билигин бары Дьокуускайга, оттон улахан сиэним ыраах Сингапурга ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Доҕорум Иван Дорофеевич оҕолоро үөрэхтээх дьон буолалларыгар баҕарар баҕатын толордум дии саныыбын. Үөрэхтэнэн, оҕолонон, дьиэ-уот тэринэн нус-бааччы олороллор.
Бэйэм үлэм туһунан аҕыннахха, 1972 сылтан «Абый» совхоз киин уһаайбатыгар, ол саҕана Дружинаҕа, бухгалтерынан үлэлээбитим. Кэлин 1982 сыллаахха совхозпут икки совхоз буолан, мин аны «Индигир» совхоз киин уһаайбатын бухгалтера буолбутум. Бу үлэбэр 1985 сылга диэри үлэлээбитим, онтон бухгалтертан уурайан,совхоз пошив мастарыскыайыгар рабочайдаан баран, иистэнньэҥинэн үлэлээн, 1997 сылллаахха пенсияҕа тахсыбытым. Үлэм ыстааһа – 49 сыл. 62 сааспар үлэттэн уурайбытым, тапталлаах Абыйбар 57 сыл олорон баран, кэргэним Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа буолан, сэрии огдообото буоламмын, 2015 сыллаахха куоракка дьиэ ылан кэлэн олоробун.
Ыарахан, ол гынан баран дьоллоох олохпор күүс-көмө буолбут Абыйым улууһун дьонугар, доҕотторбор барҕа махтал үтүө тылларын этиэхпин баҕарабын. Дьолу-соргуну баҕарабын, ыалдьымаҥ, сүтүмэҥ, күлэ-үөрэ сылдьыҥ.