Слепцова (Жиркова) Евдокия Николаевна

Слепцова Евдокия Николаевна (Жиркова) родилась в 1906 году вУолбутском наслеге. Ее родословная имеет глубокие корни и связана со старинным родом Слепцовых-Арбатыы. Евдокия Николаевна родилась в семье внучки Хрисанфа Слепцова Екатерины Степановны, таким образом, является правнучкой головы Эльгетского улуса Хрисанфа Слепцова.

Мать 11 детей.
Орден «Материнская слава» трех степеней. Медаль «За доблестный труд в годы Великой Отечественной войны 1941-1945 гг.».

Евдокия Николаевна работала в колхозе, уборщицей в школе, швеей в промартели, поваром в детском саду. Житейский ум, якутская смекалка, трудолюбие и работоспособность были ее отличительной чертой. Чтобы помогать мужу кормить многочисленную семью, не чуралась никакой работы, содержала корову, свиней, ловила чебаков, солила и валила рыбу, собирала всевозможные ягоды, которые в округ произрастала в большом количестве. Была мастерицей с большой буквы, всему тому, что умела сама, привлекала и учила своих детей. Шила она от легкого платья до пальто, от летней национальной одежды до меховых шапок и шуб.

Муж Евдокии Николаевны Слепцов Дмитрий Васильевич (1896-1958 гг.), уроженец Таттинского улуса. У счастливой семьи родились 11 детей, двое умерли в младенчестве. Дети все стали образованными людьми, семеро получили высшее образование.
Дмитрий Васильевич был троюродным братом писателя Н.Д.Неустроева. Закончил 1-ю ступень 2-х ступенчатой Чериктейской церковно-приходскую Работая на грузоперевозках, Дмитрий Васильевич познакомился с Егором – сыном головы Абыйского улуса (бывшего Эльгетского) Николая Петровича Жиркова. Подружились с ним, он переехал на участок Эрэхтэнэ Уолбутского наслега и устроился там на работу. В 1926 году, он женился на дочери бывшего своего работодателя, бывшего головы Николая Жиркова – красивой, стройной и трудолюбивой девушке Евдокии. Слыл Дмитрий умельцем на все руки, мог запросто смастерить табуретки из тальника, конные сани, ветки для плавания по озеру, изготовлял широкие охотничьи лыжи. Сам частенько ходил на охоту и рыбалку. Работал в Колымторге – сначала продавцом, а затем рабочим и охранником. Дмитрий Васильевич много читал, помогал детям усвоить прочитанное, тихо и скрытно читал молитвы, которых знал в достаточном количестве.

О5олорун ахтыылара:
“Аҕабыт ийэбитинээн 40 -ча сыл олус иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Бэйэ – бэйэлэрин улаханнык убаастаһаллара, хас хардыыларыгар, олохторугар, сиэрдэригэр-майгаларыгар, тылларыгар-өстөрүгэр икки ардыларын сыһыаныгар чаҕылхайдык көстөрө. Кинилэр олохторо биһигини иитиигэ анаммыта. Туох баар үлэлэрин, ыарахаттары үллэстэн, сүбэлэһэн быһаараллара. Кыра да, улахан да дьыалаҕа бэйэ-бэйэлэрин мэлдьи ыйыталаһар, сүбэлэһэр түгэннэрин элбэҕэ. Аҕабыт да, ийэбит да биһиги үөрэхпитинэн күн аайы интэриэһиргиир, ыйыталаһар этилэр, үөрэххэ туох наадатын була сатыыллара. Кинилэр биһигини үлэһит буоларга, тугу баҕарар сатыырга үөрэппиттэрэ, улаатыннарбыттара. Ити курдук, аан бастаан улахан уолаттары үөрэтэллэрэ, онтон биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үөрүйэх буолбут үгэһи салгыырбыт. Оттон кыһын бары дьиэ кэргэнинэн мас бэлэмигэр көһөн барабыт. Күһүн ону оҕуһунан, кэлин ытынан таһар буолбуппут. Оттон от, отон бэлэмигэр эмиэ кыра оҕолору сүгэн, дьоммутун кытта бииргэ сылдьан үлэлэһэрбит. Отоммутун эмиэ сүгэһэринэн аҕаларбыт уонна ону кыһыны быһа сиирбит. Дьоннорбут биһиги үлэһит, туһалаах дьон буола улаатан иһэрбитин көрөн, олус астыналлара, үөрэллэрэ. Ол иһин, үлэбит түмүгүн истэргэ тиэтэйэрбит. Биир суол былдьаһыктаах үлэнэн хотоҥҥо сылдьыһыы буолара. Онно торбос, ынах үүтүн илдьиһэрбит, хотону күрдьэрбит, ийэтин эмэн бүппүт торбоһу тардан илдьэн, миэстэтигэр баайарбыт, от киллэрэрбит. Ийэбит түбүгэ олус элбэх этэ. Дьиэ киһитин түбүгүн таһынан, бэйэтэ үлэлиирэ, мэлдьи кыра оҕолоох буоларбыт. Ол иһин кини дьиэ иһинээҕи үлэтин түбүгүн бары тэҥҥэ үллэстэ сатыырбыт. Ону барытын аҕабыт тэрийэрэ. Аҕабыт эмиэ үгүс түбүктээҕэ, олус эрдэ турара. Туран, уот оттон, чэй оргутан, дьиэни сылытан баран ийэбитин туруорара. Ийэбит сатаабата суох кэриэтэ буолара. Ол курдук, ийэбит илиинэн-массыынанан чараас, халыҥ, саха-нуучча таҥаһын тигиини баһылаабыт киһи этэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн түбүгэ олус элбэх да буоллар, киһи кэрэхсиирэ, дьоллоох түгэннэрдээх, оҕону иитии кэлимник, бэйэтинэн, элбэх эрэйэ суох барарын биһиги улаатан иһэн улам өйдүүр буолан испиппит".

“Аҕабыт иллэҥ эрэ буоллар кинигэ ааҕар идэлээҕэ, аахпытын мэлдьи биһиэхэ кэпсиирэ. Биһиги тугу ааҕан билбиппитин эмиэ интэриэһиргиирэ. Ону өйбүн бэрэбиэркэлэнэбин, - диэн ааттыыра. Былыргы үөрэхтээх буолан, элбэх молитваны билэрэ, - диэн ахтар кини кыыһа- Россия үтүөлээх учуутала А.Д.Слепцова. Кини орто оҕо буолан, дьиэ үлэтигэр ордук элбэхтик эриллибит эбит. Ол да иһин буолуо, кини бары ахтыытыгар иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэнин, ийэлээх аҕатын олус истиҥник, иһирэхтик ахтар-саныыр. Кинилэр улааппыт итии уйалара, иэримэ дьиэлэрэ тугунан да солбуллубат иһирэх өйдөбүл буолан дууһаларыгар хатаммытын, кини бу хоһоонуттан көрүөххэ сөп:

Ийэбин кытары...
Ийэбин кытары мин эрдэ турарым
Күннээҕи түбүкпүт ыксатан,
Сылаас чэй буруота остуолтан
Дьиэбитин сылыта устара.
Аан дойду сонунун истэрбит,
Үүттээх чэй астына иһэрбит
Биир тэҥнээх дьоннордуу сэлэһэн
Олус да ыраахха тиийэрбит.
Толору оттуулаах оһохпут
Үөрбүттүү тигинии умайар,
Дьиэ иһин түргэнник сылытар,
Үлэҕэ, үөрэххэ ыҥыра...
Аҕабыт хаар күрдьэн бүтэрэр,
Наҕыллык этэрбэс тэбэнэр,
Таҥаһын көхөҕө ыйынар,
Остуолга итии чэй көһүтэр.

А5алара Дмитрий Васильевич олус уус киһи эбит. Ол иһин эдэр сылдьан уолаттара үһүөн ханнык баҕарар тутууну туталлара, аҕаларын дьарыгын кэриэс курдук илдьэ сылдьаллара. О5о сайдыытыгар туох наадалааҕын булан, мэлдьи бэйэтэ оҥоро сатыырын кэпсииллэр.
- Биһиги төрүт кыра эрдэхпитинэ, аҕабыт биһиэхэ саахымат оҥорбута, - диэн ахталлар уолаттара. Ону иллэҥ эрэ буолларбыт оонньуурубут. Оччолорго саахымат диэн маҕаһыыҥҥа суох буолара. Маны тэҥэ мас, талах быһахтары, кыра тыылары, сыарҕалары оҥороро, хаптаһыны хатаран, эҕэн, хайыһар оҥортуура. [Х.Хабарова. БИЛИИ БИҺИГЭ. 2001 С., 35 СИРЭЙ].


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ