Стручков Яков Викторович


Эдэр көлүөнэни иитиигэ олоҕун анаабыт, Абыйтан бастакы республика үтүөлээх учуутала, репрессия эрэйин – муҥун этинэн – хаанынан билбит, ону эрдээхтик тулуйан, буруйа суоҕа дакаастанан, олоххо иккиһин эргиллибит учууталлар учууталлара, талааннаах оҕо суруйааччыта Яков Викторович Стручков 1921 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр төрөөбүтэ. Яков Викторович Элгэс улууһугар «Тиигэнниир» учаастагар күн сирин көрбүтэ.Кини дьоно бэрт быстар дьадаҥы ыал этилэр. Ити бириэмэттэн саҕаламмыта биһиги убаастыыр, киэн туттар, улууспут биир чулуу киһитин дьол икки, сор икки аргыстаах олоҕо. Кини эрдэ тулаайах хаалан, ыалтан ыалга сылдьан, кыра оҕо эрдэҕиттэн элбэх эрэйи көрөн улааппыта.Аччыктааһын, тоҥуу – хатыы кинини тумнубатаҕа. Олох обургу ити уолчаан барахсаны эрийиэ – мускуйуо , өрө – таҥнары сахсыйыа. Итиитинэн – тымныытынан хаарыйыа буоллаҕа. Кини доҕор таҥнарыытын, өстөөх өрөгөйдүүрүн, хоп – сип хоторун, кырдьык балылларын билиэ турдаҕа... Үтүөнү оҥордоҕуна үөҕэн төлүөхтэрэ, үчүгэйи тэрийдэҕинэ үҥсэн сордуохтара. Ол да буоллар олоҕун устатын тухары айыы санаатыттан арахсыбакка, ыраас ыратын ыһыктыбакка сир үрдүгэр олорон ааспыт бэлиэтин дьоҥҥо убаастыбылы, өлбөт – сүппэт айымньытын, кэрэ уобараһын хаалларан барбыта.

  1924 сыллаахха 4 – кылааска үөрэнэ сылдьан 14 сааһыгар комсомол кэккэтигэр киирбитэ. “Бу бириэмэҕэ сүрдээх ыарахан, кутталаах, суостаах кэм этэ, ол курдук баайдар эстэ илик, таҥара дьиэтэ үлэлии турар кэмэ, бандьыттар көбүөхтэс этилэр” диэн ахтара. Ити дьыл бэрт эрэйинэн Советскай былаас олохтоммута. Кинини сир түҥэтигэр суруксутунан ылбыттара. Яков Викторович Муҥурдаах нэһилиэгэр совет секретарынан, онтон ликбез арыллыбытыгар учуутал быһыытынан бастакы хардыытын саҕалаабыта. 1935 сылтан айар үлэнэн дьарыктаммыта. Аан бастакы хоһоонун «Тапталлаах Өкүлүүн» кыра кыыһыгар анаабыта. 1937 сыллаахха Дьокуускай куоракка барар уонна тыа хаһаайыстыбатын рабфагар үөрэнэ киирэр. Үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар кэлэр уонна 1938-1941 сылга диэри Дружина бөһүөлэгэр саха тылын уонна грамматикатын учууталынан үлэлээбитэ. Ити үлэлии сырыттаҕына, албын балыырга түбэһиннэрэн хаайыыга илдьэ бараллар. 7 сыл хаайыы эрэйин, муҥун – сорун көрөн буруйа суоҕа дакаастанан 1955 сыллаахха реаблитацияланан дойдутугар төннүбүтэ. Кэлэн салгыы Дружина орто оскуолатыгар үлэ уруогун ыыппыта.

  Кэлин өссө «Кырачаан о5олорбор» диэн кыра кинигэтэ Абый улууһун редакциятыгар 2006 сыллаахха бэчээттэммитэ. Өр сылларга үлэлээбит, олорбут нэһилиэгэр кулууп директора Дохунаева Анастасия Алексеевна тэрийбит «Сонор» литературнай куруһуогу салайсыбыта, актыыбынай кыттыылааҕа этэ. Саҥа айымньылары ырытыыны тэрийэн ыыталлара. Дьону идейнэй иитиигэ, төрөөбүт тылы таптааһыҥҥа, куруһуок улахан суолталааҕа. Яков Викторович Стручков - республика, оройуон революционнай, бойобуой уонна үлэҕэ албан аат кулууптарын чилиэнэ. Араас партия, комсомол, норуот историятын үөрэтиигэ, ону пропогандалааһыҥҥа,көрсүһүүлэргэ, походтарга кыттара. Кини оройуон бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ этэ. Оройуоҥҥа Советскай былааһы олохтооһуҥҥа үгүс үтүөлээх. Советскай былааһы олохтооһуҥҥа геройдуу охтубут буойуннарга ааттарын үйэтитиигэ, обелистары, дуоскалары Абыйга, Сыаганнаахха, Үрүҥ Хайаҕа туруорууга биир көҕүлээччиннэн буолара. Итини тэҥэ төрөөбүт дойдуну таптааһын,кини айылҕатын харыстааһыҥҥа элбэхтэ үлэлэһэрэ. Яков Викторович Стручков олоҕун бүтүннүү ыччаты иитиигэ анаабыт Абыйтан бастакы Саха АССР үтүөлээх учуутала. Ити аан бастаан ылбыт республика 16 педагогтарын ортотугар киирсибит дьоннортон биирдэстэрэ кини. Саха Мюнхаузенын айсыбыт үтүөтэ – өҥөтө, көлүөнэттэн – көлүөнэҕэ бэриллэ туруоҕа.

  Яков Викторович Стручков 1943 сыллаахха саха биир биллэр суруйааччытын Тимофей Егорович Сметанины кытта көрсөн, кинилиин кыттыһан оҕолорго аналлаах «Мэхэлэчээн булчут кэпсээннэрэ» диэн омуннаах кинигэни бэчээттэппиттэрэ. «Тимофейы мин потребкооперация техникумугар сэрии иннинэ үөрэппитим. Кини оччолорго литератураҕа саҥа холонон эрэр кэмэ этэ. Таланнааҕа оччоттон биллэрэ. Табыллан, тапсан, бэркэ диэн суруксуттаабыппыт.» диэн ахтара Яков Викторович. Бу кинигэ оҕолуун – улаханыын таттаран туран ааҕар кинигэлэрэ буолбута. Оҕолор Мэхээлэчээн булчут курдук байанайдаах булчут буолуохтарын, төбөҕө кус сымыытыан, өлөр суолтан бөрө быыһыан, эһэни кытта хабыр хапсыһыыга сылдьыахтарын баҕараллара. Яков Викторович Стручков иккис кинигэтин «Мэхэлэчээн булчут туундараҕа сырыылара» 1990 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыта. Манна ааптар ахтыытынан «Со5ото5ун суруйар ыарахан этэ.Тимофейбын олус да суохтаабытым”.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ