Сорокоумова Анастасия Гаврильевна


1966 сыллаахха Сыаҥааннаах сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Идэтинэн оскуола иннинээҕи педагогика уонна психология педагога (2004с.). 32 сыл педагогическай стажтаах. В.Н.Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатыгар социальнай педагогунан, М.М.Слепцов аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччытынан үлэлиир. 

  Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна (2010с.). Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин бириэмийэтин хаһаайына (2016с.). Өрөспүүбүлүкэтээҕи маҥнайгы “Корниловскай ааҕыылар” кыайыылааҕа, “Кэскил” уонна “Юность севера” хаһыат бочуотунай редактора Нина Протопопова анал бириэмийэтин лауреата, СӨ дьахталларын ХIV сийиэһин дэлэгээтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи хаартыскаҕа түһэрии уонна видеоҕа устуу “Байанай” күрэҕин Гран-При хаһаайката. Улуустааҕы “Хотугу кыым” хаһыат общественнай кэрэспэндьиэнэ. Ыстатыйалара “Байанай”, “Илгэ”, “Үйэ” сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. 10 кинигэлээх. 

  Кэргэннээх, 3 оҕолоох, 7 сиэннээх.

  А.Г.Сорокоумова дьону кытта холбуу (коллективынан)

 таһаарбыт кинигэлэрэ:

1. Уруйдан, оҕо саас уйата! /хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова, консультаннар: Ефимова А.М., Ефимова З.И., комп. уруһуйа Новиков П.И./ - Сыаганнаах, 2008. 

Брошюраҕа Муҥурдаах нэһилиэгин “Кэнчээри” уһуйаан историята сырдатыллар.

2. Летопись школы /составители: А.Г.Сорокоумова, А.А.Кычкина, З.Н.Севастьянова. – Белай Гора: 2011 (Улуус ред.). -28с.

Бу брошюраҕа Муҥурдаах орто оскуолатын баай историятын сүрүн чахчылара, хаартыскалар киирбиттэрэ.

3. Эмчиккэ махтал тыла сөҕүрээбэт /Хомуйан оҥордулар: Сорокоумова М.В., Свинобоева А.П., Сорокоумова А.Г., Зырянова Р.Ф./ -Мугурдахская участковая больница, 2013.

Брошюраҕа доруобуйа харыстабылын историятын кэрчиктэрэ, Муҥурдаах балыыһатыгар сайдыы суолун солоон, сэргэхтик үлэлээн кэлбит үрүҥ халааттаах аанньаллар тустарынан ахтыылар, билиҥҥи кэлэктиип үлэтэ-хамнаһа кэпсэнэр. Брошюра Сыаҥааннаахха ФАП тэриллибитэ 70, учаастактааҕы балыыһа төрүттэммитэ 55, саҥа типовой балыыһа тутуллан, үлэҕэ киирбитэ 30 сылыгар анаммыта.

4.  Олоҕун оҥкула – оскуола. /Хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова/. –Белай Гора. “Хотугу кыым”. -2011. -75с.

Михаил Михайлович Слепцов олоҕун, педагогическай уонна общественнай үлэтин туһунан “Кыым”, “Учуутал аргыһа”, “Хотугу кыым” хаһыаттарга, “Политагитатор” сурунаалга араас кэмҥэ тахсыбыт ыстатыйалар, киниэхэ анаммыт хоһоонноро түмүллэн киирбиттэрэ.

5. Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх _хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова/. – “Хотугу кыым” хаһыат ред., 2015. – 180с.

Кинигэҕэ нэһилиэк сэбиэтин депутата, өр сылларга “Хотугу кыым” хаһыат общественнай кэрэспэндьиэнэ Полушкин Василий Гаврильевич Сыаҥааннаахха төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан олорбут дьон туһунан ахтыылара түмүллэн киирдилэр. Кинигэ эдэр ыччат бэйэтин өбүгэлэрин, дьонун, норуотун уруккутун билэргэ аналлаах. Төрөөбүт түөлбэни, тулалыыр эйгэни, кини баайын харыстааһыҥҥа, араҥаччылааһыҥҥа үөрэтэр. Кыайыы 70 сылыгар анаан тыылга Кыайыыны уһансыбыттарга анаммыта.

6. Сыаҥааннааҕым сайдам дьоно /А.Г.Сорокоумова/. Белай Гора: (и.с.), 2016. (Улуус тип.). – 200с. 

Кинигэҕэ Анастасия Сорокоумова улуустааҕы “Хотугу кыым” хаһыакка Сыаҥааннаах дьонун-сэргэтин, үлэтин-хамнаһын уонна сэлиэнньэ сайдыытын туһунан суруйбут матырыйааллара түмүллэн киирбиттэрэ.

7. Индигииртэн иэйиилэнэн, Абыйтан алгыстанан. /хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова/. - Белай Гора: (и.с.).2016. (Улуус. Тип./. – 146с.

Саха литературатыгар дьоһуннук киирэн испит хоту дойду уола, Муҥурдаах нэһилиэгин Сыаҥааннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх лирик бэйиэт, саха тылын уонна литературатын учуутала, кылгас бириэмэҕэ олорон, үлэлээн ааспыт Григорий Алексеевич Дохунаев туһунан ахтыылар уонна кини тэтэрээтигэр суруйан хаалларбыт хоһоонноро түмүллэн киирбиттэрэ.

Бу кинигэтин матырыйаала ол сыл “Чолбон” сурунаал “Сэмсэ” диэн эбии таһаарыытыгар бэчээттэммитэ. (Аллара көр).

8. Григорий Дохунаев. Киирбэт күннээх поэт /Хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова/. Сэмсэ. “Чолбон” сурунаал эбии таһаарыыта. – Дьокуускай. -1(10)№, 1/2017. – 96 с.

Лирик бэйиэт Григорий Григорьевич Дохунаев хоһоонноро түмүллэн киирбиттэрэ.

9. Сорокоумова А.Г. Байанай аргыстаах олох. /Хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова. –Якутск: Медиа-Холдинг Якутия. 2017. -88с.

Кинигэҕэ Абый улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Сыаҥааннаах сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, РФ булдун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Черемкин Николай Николаевич олоҕун, үлэтин туһунан суруллар, ис хоһоонун доҕотторун суруйуулара ситэрэллэр. Кинигэ Черемкиннар кэлэр көлүөнэлэригэр, аймахтарыгар, табаарыстарыгар ананар.

10. Учууталга сүгүрүйэн, махтанан: Ахтыылар, хоһооннор./ Хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова, консультант М.А.Дохунаева, редакцията С.Л.Никитина. – Белай Гора: (и.с.) 2014 (Улуус ред.). 100 с.

РФ үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, “Старший учитель”, РФ Президенин Гранын хаһаайына, “Учууталлар учууталлара” Агафья Алексеевна Дохунаева туһунан ахтыы кинигэ.

11. Умнуллубат үтүөлээх учуутал/ Хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова/. Дьокуускай к. ИП Троев Ю.А., 2019. – 336 с. - /Абый ытык дьоно/.

Кинигэ Сыаҥааннаах олохтооҕо, Абый улууһун Бочуоттаах гражданина, РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, үөрэтии-иитии эйгэтигэр уһуннук үлэлээбит, элбэх биир идэлээҕин үлэҕэ уһуйбут учууталлар учууталлара, холобур буолар олоҕу олорбут үтүө киһи, саха интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ М.М.Слепцов олоҕун уонна үлэтин туһунан.

Кинигэҕэ М.М.Слепцов чугас дьонун, доҕотторун, араас сылларга бииргэ үлэлээбит, алтыспыт коллегаларын, билэр дьонун ахтыылара, кини туһунан улуустааҕы, республикатааҕы хаһыаттарга тахсыбыт ыстатыйалар уонна бэйэтин оҕо иитиитигэр аналлаах үлэлэрэ киирбиттэрэ.

12. Василий Захарович Тимофеев. Олоҕум оспот омоонноро /хомуйан оҥордулар А.Г.Сорокоумова, Эльдар Садовников. – Дьокуускай: Издатель Троев Ю.А., 2020. – 160 с.

Кинигэҕэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Абый улууһун Сыаҥааннаах нэһилиэгин олохтооҕо, сэрии тулаайаҕа Василий Захарович Тимофеев оҕо сааһыгар эрэйи-муҥу этинэн-хаанынан билэн, детдомҥа иитиллэн, олох киэҥ аартыгар тахсыбытын туһунан кэпсэнэр.

В.З.Тимофеев олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын туһунан суруйуулара, айар үлэҕэ холонуулара, чугас доҕотторун, араас сылларга бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьонун ахтыылара, кини туһунан хаһыаттарга бэчээттэммит ыстатыйалар киирдилэр.

13. Стручкова Галина Николаевна. Угуйар уйан тойугум: ырыалар, хоһооннор. / Хомуйан оҥордо А.Г.Сорокоумова, редактор С.Л.Никитина. – Дьокуускай: Медиа-Холдинг “Якутия”, 2021. – 64с.

Хомуурунньукка Абый улууһун, Сыаҥааннаах нэһилиэгин олохтооҕо Галина Стручкова араас сылларга суруйбут хоһоонноро, ырыа буолбут хоһоонноро киирдилэр.

14. Сыаҥааннаахтар сэрии ыар сылларыгар. / Хомуйан оҥордулар: А.Г.Сорокоумова, Э.Садовников: редактор С.Л.Никитина: /аан тылы суруйда А.Г.Сорокоумова/. – Дьокуускай: “Якутия” медиа-холдинг, 2021. – 444 с.

Кинигэҕэ 1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Абый улууһун, Сыаҥааннаах сэлиэнньэтин тыылга үлэлээбит, сэрии кэмин оҕолорун, сэрии кэмигэр атын сиртэн кэлэн нэһилиэк сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит интеллигенция туһунан бэйэлэрин, оҕолорун, доҕотторун, чугас аймахтарын ахтыылара, хаартыскалара түмүллэн киирдилэр.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ