http://www.culture.ru/
Слепцова Марина Николаевна
Слепцова Марина Николаевна Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, «Саха - Азия» норуоттар икки ардыларынааҕы фонда уонна «Попечительскэй сэбиэттэр Ассоциацияларын» стипендиата, үрдүк категориялаах технология учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Марина Николаевна Слепцова 39 сыл устата оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ туох баар сыратын, билиитин, дьоҕурун биэрэн үлэлээбитэ. Кини педагогическай үлэтин Абый орто оскуолатыгар 1992 сыллаахтан үлэ учууталынан саҕалаабыта. Марина Николаевна сүрүн болҕомтотун өбүгэбит иискэ дьарыктарын үөрэтиигэ уурара. Олохтоох иистэнньэңнэри, норуот талааннаахтарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээн, хомуйбут матырыйаалыгар олоҕуран, «Сыалыhар тириитин таңастаан, сувенирдары оңоруу», «Куоҕас тириитин таңастааhын» диэн авторскай программаларын көмүскээбитэ. Оскуола саастаах кыргыттары балык, көтөр, таба, ынах сүөhү уонна да атын айылҕа биэрэр матырыйаалларыттан таңас – сап, киэргэл, сувенир оңорорго үөрэппитэ. Маны таhынан аныгылыы ньыманан тигэргэ, баайарга, быысабайдыырга, хоруоңканан тигэргэ дьарыктыыра. Оҕолор оңоhуктара бэлэххэ туттуллаллара, атыыга хамаҕатык бараллара. Үлэтин баай уопутун улуус, республика оскуолаларын учууталларыгар тарҕаппыта. «Кыыс оҕону иискэ уhуйуу» методическэй брошюрата, авторскай программалара, хаhыакка тахсыталаабыт ыстатыйалара улахан сэңээриини ылбыттара.
Марина Николаевна кэлин сылларга оҕолору чинчийэр үлэҕэ сыhыаран, «Инникигэ хардыы» научнай – практическай конференцияҕа кытыннаран, оҕолор чинчийэр дьоҕурдарын сайыннарбыта. Үөрэнээччилэр XIV респуликатааҕы ойуулуур – дьүhүннүүр быыстапкаларыгар кыттыыны ыланнар, Абый оскуолатын үөрэнээччилэрин оңоhуктара республикатааҕы үөрэнээччилэр ситиhиилэрин музейыгар экспонат буолан туттарыллыбыттара. Оттон 21 бастың оңоhуктара 1995 сыллаахха ЮНЕСКО быыстапкатыгар кыттар чиэстэммиттэрэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы көhө сылдьар оҕо быыстапкатыгар Саха сирин, Тыва республикатын, Бурятия уонна Монголия народнай республикатын үөрэнээччилэрин оңоhуктара туруоруллубуттара, сорох оңоhуктар бэлэх буолан хаалбыттара. Бу үлэлэр хаартыскалара «Народное образование» сурунаалга бэчээттэммиттэрэ, учууталлар X съезтэригэр, «Игры, игрушки, детская мебель» диэн республикатааҕы быыстапкаҕа Саха Республикатын норуоттарын Ассамблеятын быыстапкатыгар көрдөрүллүбүттэрэ. 1998 сыллаахха «Мир через красоту» кинигэҕэ бэчээттэнэн, Россия киэң эйгэтигэр үлэтин уопута тарҕаммыта. Олохтоох матарыйаалы таңастаан тигиллибит моделлара республикатааҕы «Сияние Севера» диэн муода студияларын фестивалыгар кыттан, үрдүк ситиhиилэммиттэрэ.
Марина Николаевна технология учууталларын уонна эбии үөрэхтээhин педагогтарын методическай холбоhуктарын салайааччытынан үлэлээбитэ. Кини салайбыт «Уран тарбахтар» кыргыттарын кооперативтара оскуола материальнай базата тупсарыгар улахан көмөнү оңорбута. Кинилэр нэhилиэнньэттэн, тэрилтэлэртэн сакаас ылан, таңас тигэн, ый аайы хамнас аахсаллара, онон төрөппүттэр эмиэ кооператив үлэтин астыналлара.
Марина Николаевна сарсыардаттан киэhээңңэ диэри оҕону кытта үлэлиирэ. Куруhуокка, кооперативка, биирдиилээн үлэҕэ бириэмэтин харыстаабакка ыытара. Кини хаhан сынньанарын киhи билбэт этэ. Мэлдьи түбүгүрэ, саңаны көрдүү, айа сылдьар буолара. Кини айар куттаах, норуотун үтүө үгэстэрин ытыктыыр, чөл олоҕу тутуhар, пропагандалыыр, айылҕаны кытта ыкса сибээстээх киhи.
Слепцова Марина Николаевна авторскай программалара:
1. «Сыалыhар тириитин таңастаан сувенирдары оңоруу»
2. «Куоҕас тириитин таңастааhын»
3. «Өбүгэ ииhигэр кыыс оҕону уhуйуу» методическай брошюра
Көтөр, балык, таба, сүөhү уонна да атын айылҕа биэрэр матырыйаалларыттан өбүгэлэрбит дьарыктаммыт иистэрин билиңңи кэмңэ оскуола саастаах кыргыттарга билиhиннэрэргэ уонна дьарыктыырга көмө матырыйаал быhыытынан туhаныахха сөп. Технология учууталларыгар, эбии үөрэхтээhин педагогтарыгар, куруhуок салайааччыларыгар, төрөппүттэргэ ананар.