http://www.culture.ru/
Тэттик киинэни устууга курэс балаhыанньата
Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллар. «Өс хоһооно уонна билиҥҥи кэм» тэттик киинэни устууга улуустааҕы күрэс балаһыанньата
Сыала:
Өс хоһооннорун саҥарар саҥаҕа туттууну көҕүлээһин.
Соруга:
• Төрөөбүт тыл эйгэтин кэҥэтии.
• Өс хоһоонноро үтүө майгыга, сиэрдээх буолууга, кэрэ5э-сырдыкка иитэр өрүттэрин таба тайаныы.
• Талааннаах, айар-тутар, артыыстыыр дьоҕурдаах дьону көрдөөһүн.
Тэрийээччи: МКТ «Абый улууһун киин библиотеката».
Ыытыллар көрүҥэ: оффлайн.
Ыытыллар кэмэ: 2021сыл, олунньу 08 - кулун тутар 15 күннэрэ.
Кыттааччылар: Абый улууһун олохтоохторо (дьиэ кэргэнинэн, тэрилтэнэн).
Күрэс ис хоһооно: өс хоһоонноругар олоҕуран, тэттик киинэни устуу.
Ирдэбилэ:
• Тэттик киинэ тиэмэтэ билиҥҥи олоххо тоҕоостоох (актуальнай) буолуохтаах, киинэ аата тиэмэҕэ сөп түбэһиэхтээх.
• Киинэ биир эбэтэр хас да өс хоһоонугар тирэҕирэр, өс хоһооннорун дириҥ ис хоһооно толору арыллыахтаах.
• Юмор, сатира, драма, бөлүһүөктүү уо.д.а. хайысхалаах буолуон сөп.
• Киинэ үтүө сиэргэ-майгыга иитэр өрүтэ.
• Сахалыы саҥа, тыл-өс култууратын тутуһуу, титрдэри (тиэкиһи) таба суруйуу.
• Киинэни устуу хаачыстыбата.
• 5 мүнүүтэттэн уһуна суох.
• Үлэлэри USB-носителинэн туттараҕыт эбэтэр kniga.1313@mail.ru электроннай почтаҕа ыытаҕыт.
Түмүк таһаарыы: Кулун тутар 19 күнэ , 2021 сыл.
Наҕараадалааһын:
«Бастыҥ тэттик киинэ», «Бастыҥ туруоруу», «Бастыҥ устуу», «Бастыҥ оруол» уо.д.а. анал ааттар.
Кыттааччыларга туоһу суруктар, кыайыылаахтарга хайҕал суруктар туттарыллаллар. Бастыҥ үлэлэр инстаграм @cbsabyi сирэйигэр тахсыахтара.
Туһаныллар литература:
• Кулаковскай А.Е. Хоһооннор. Тылбаастар. Өс хоһоонноро. Таабырыннар. Рефераттар. Дьокуускай: Бичик, 2007. – 192с.
• Попов Г.В. Саха өһүн хоһоонноро. Дьокуускай, 2005.-128с.
• Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон. Өс хоһоонноро.//Саха фольклора. Хомуурунньук. Новосибирск, 1996. 120-127с.
• Федоров Г.Е. Быһаарыылаах өс хоһоонноро уонна тыл номохторо. Дьокуускай, 1992.-39с.
• https://sah.wikipedia.org/wiki/
• https://sah.wikisource.org/wiki/ уо.д.а.