http://www.culture.ru/
Слепцова Анна Егоровна
Слепцова Анна Егоровна - Абый нэһилиэгин Оттоох-Атах учаастагар Егор Николаевич уонна Екатерина Васильевна Слепцовтар дьиэ-кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ сопхуос сүөһү көрүүтүгэр үлэлииллэр этэ. Аня, Аннушка олох кыра сааһыттан ийэтин батыһан хотоҥҥо күнү-күннээн сылдьара. Ол батыһа сылдьан ынаҕы ыы үөрэммитэ, кып-кырачаан кыыс тимир курууска тутан ынаҕын ыы олорон, ынах туохтан эрэ соһуйан тэптэҕинэ куруускалыын тэҥҥэ көтөн хаалара. Самаан сайын хотон үрдүгэр тахсан оонньуур оонньуура талахтан онорбут ньирэйдээх ынахтара этилэр.
Аҕалара олох эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан бу сиртэн бараахтаабыта. Ийэлэрэ Екатерина Васильевна алта оҕотун иитэр, үөрэттэрэр түбүккэ түспүтэ. Ийэлэрэ майгытынан сүрдээх аһыгынас, сымнаҕас майгылаах этэ, биллэ-көстө сатаабата. Анна Егоровна ахтар: «Ийэм совхозка фермаҕа ыанар ынахтары көрөөччү, «Сордоҥноох» диэн күөлгэ кыһын ынахтарга бэйэтэ баран ойбон алларааччы, уулатааччы, онтон кэлэн күрүөлэргэ от ыһааччы, уһун да уһун хотону соҕотоҕун сыбааччы, иккис сыбаҕа дии дии, Саҥа Дьыл саҕана бүтэрээччи. Аны киэһэ тоҥ дьиэҕэ кэлэн, ол кэлэн маһын хайыттан, аһын астааччы. Ийэм үлэттэн олох салгыбат, саллыбат этэ, ыарахан олоххо олоробун диэн муҥатыйбат этэ». Анна бииргэ үөрэнэр оҕолоро быраас, учуутал буолуохтарын кэпсэтэллэрэ, оттон кини өйө-санаата барыта ынах-сүөһүгэ, төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар этэ. Оскуоланы бүтэрэр сылыгар ветеринар идэтин баһылыыр баҕалааҕа,ол сыл ыалдьан үөрэхтэн маппыта.
Билигин Анна Егоровна улахан хаҺаайыстыба - Далбар Хотуна! Нохтоллоох сүрэҕин доҕоро, ытык-мааны кэргэнэ Иван Иванович Слепцовтуун сүүһүнэн сүөһүлээх бааһынай фермескэй хаһаайыстыбалаахтар, 98 ынахсүөһүлээхтэр, 88 сылгылаахтар. Оҕо сааһыгар оонньообут баҕата туолан, дьэ хороҕор муостааҕы хонуу, сыспай сиэллээҕи сыһыы муҥунан дэлэттэ. Анна Егоровна улахан хаһаайыстыбалаах буолан, дьыл хайа баҕар кэмин үлэтин барытын тэҥҥэ тутар хаһаайка. Биир да мүнүүтэни таах ыыппакка үлэ үөһүгэр сылдьар. Сүөһүлэрин ааҕан билэр, хайа ынах тугунан ыалдьыбытын суөһү көрүҥүттэн тута билэн, эрдэ эмтээн-томтоон дириҥэппэт идэлээх. Ханнык сүөһү кумаары тулуйбатын, ханнык сүөһү үүтэ хойуу буоларын энчэриппэккэ билэр. «Үүттээх сүөһү чараас, эт туппат, кытараабыт ынаҕы төрүт уолларбакка ыы сылдьабын. Улахан хаар саҕана куораттан убаһалары аҕалтара олорбут биэ буоллулар, олорбутугар кыһын хаһан сииллэригэр диэн ыраах сайын сылгы тиийбэт сиригэр, от охсон бугуллаан кэбиһэбит. Кыһын онно аһылыктыыр сирдэрэ ,онно үүрэн илдьэн хаһан сииллэр» «Хаһаастаах хаһаайка» - үрүҥ ас илгэтэ, амтаннаах ас дьыл хайа да кэмигэр Слепцовтар дьиэ кэргэҥҥэ күннэҕи астара. Дьиэ хаһаайката төрүт аһы өрүү иннигэр тутар, сахалыы астары ис иһиттэн астынан оҥорор. Ийэтин үөрэҕинэн хайаҕы, күөрчэҕи, ынах сүөһү иһин-хаанын оҥорорун сөбүлүүр, сахалыы астар ыал аайы баар буолуохтарын баҕарар.
Кини айылҕа биэрэр отун-маһын, эмтээх отторун хомуйар, киприэй, ньээм от силиһин, үөрэ оту хомунан хатаран дьиэ-кэргэн уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ иһэригэр бэлэмниир Слепцовтар дьиэ-кэргэн икки оҕо тапталлаах төрөппүттэрэ, кыыстара Сахаайа быйыл Намнааҕы педагогическай колледжы бүтэрэн, төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар Оттоох-Атах дьааһыла-саадыгар иитээччинэн үлэтин саҕалаата, утумнарын салҕыыр уоллара Мичил Абый орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, үөрэх туйгуна, спортсмен бастыҥа. Слепцовтар дьиэ кэргэн оҕону бэйэлэрин кытта тэҥҥэ тутан, үлэҕэ үөрэтэллэр. Оҕолор хайа да үлэттэн туран хаалбаттар,тэҥҥэ үлэлииллэр, дьыл кэминэн отоннууллар, тэллэйдииллэр. Анна Егоровна маны таһынан Оттоох-Атах дьааһыла саадын хайаайыстыбатын көрөр үлэһит. Онон сайыҥҥы түбүгэр эбии нэһилиэнньэҕэ килиэп астыыр, оскуола-дьааһыла саад оҕуруотун көрөр, дьиэ-уот өрөмүөнүн оҥорор. Ийэ бүппэт түбүктээх үлэтэ салҕанар…
Билигин Анна Егоровна5а бэриллибит тылларга бэйэтин санаатын ааҕыҥ: Ийэ – киһиэхэ тугунан да кэмнэммэт күндү киһи! Төрөппүт ийэбэр Екатерина Васильевнаҕа махталым муҥура суох, бүгүҥҥү нус=хас олоҕум – барыта кини үтүөтэ. Үлэҕэ итиитэ, дьоҥҥо истиҥ сыһыаҥҥа үөрэппит үөрэҕэ. Ийэ буоларбынан дьоллоохпун! Аҕа – аҕам сэттэ сааспар суох буолбута, аҕам мааныылаах кыыһа этим. Оҕо сааһым биир улахан ахтылҕана – аҕам этэ.... Аҕа диэн ыал туллар тутааҕа, харысхала, дурдата-хаххата. Аҕаны өрүү өрө тутуохтаахпыт, оҕолорбор оннук өйдөбүлү биэрэбин. Аймах –аймахтаһыыны биһириибин, наһаа аймаҕымсахпын.Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, үчүгэй да ыарахан да кэмнэргэ өйөнсүү. Киэҥ аймах – төһүү күүс, элбэҕи оҥорор, бүтэрэр, кыайыы-хотуу үктэллээх буолар. Ийэм үөрэппит биир үөрэҕэ - бииргэ төрөөбүттэр биир буолалларын ситиһии. Дьол – Дьиэ-кэргэнимминэн дьоллонобун, сүөһү ас ииттэн ололорбунан дьоллоохпун. Дьылҕа - Айыылартан ситимнээх, дьылҕа хааҥҥа итэҕэйэбин, ылынабын. Дьылҕабар мэлдьи махтана сылдьабын. Доҕордоһуу – доҕор диэни санааҕын сайа кэпсиир,сүбэлиир,амалыыр киһин буолар.. Дьиннээх доҕордоһууну итэҕэйэбин. Оҕо –оҕолорбунан дьоллоохпун, Ийэ киһи буоларбынан оҕолорум үөрэхтээх, доруобай дьон буолалларын баҕарабын. Ыра санаалара туоларыгар төһүү күүс буолабын.
Өбүгэ – өбүгэттэн бэриллибит ис турукпар, тулуурбар, дьулуурбар махтанабын. Өбүгэ ситимэ быстыбатыгар оҕолорбун хас биирдии өбүгэлэрин ийэ, аҕа өттүн биллэрэ сатыыбын. Талаан - талаан диэн Аар айылҕа биэрбит бэлэҕэ буолуо, араас таллааннаах дьону сөҕө-махтайа көрөбүн. Бэйэм ас астыырбын, араас тортары онорорбун,иистэнэрбин туохтааҕар да ордоробун. Киһи талаана сааһыттан тутулуга суох арыллыан сөп дии саныыбын. Дьиэ-кэргэн –бэйэ-бэйэҕэ өйдөһүү,өйөнсүү - бу бигэ туруктаах дьиэ кэргэн төрүтэ. Туох барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар -төрөөбүт тыл, төрөөбүт дойду, дьиэ кэргэн, тэлгэһэ, аймах, таптал.. Удьуор – удьор-утум туруу үлэһит дьон өйдөбүл баар дии... Удьуор табаһыттар, удьуор сылгыһыттар,удьуор үөрэхтээх дьон.. Удьуор сүөһүбүн эспэккэ баччааҥа диэри иитэ сылдьабын дии саныыбын .. Төрөөбүт дойду - хайа да киһиэхэ төрөөбүт дойдутуттан ордук сир суох. Дойдуҥ тыатыгар таҕыстахха отонун арааһа, күөлүгэр - уутун аһа, көтөрө-сүүрэрэ,киэҥ нэлэмэн ходуһата – бу тугунан да этиллибэт – төрөөбүт дойдум бэлэҕэ. Төрөөбүт дойдум хас биирдии ото-маһа, уута хаара - барыта күндү, барыта кэрэ. Таптал – истиҥ иэйии, таптыыбын - оҕолорбун, кэргэммин, аймахтарбын, төрөөбүт дойдубун, иитэр сүөһүлэрбин!