Горохова Екатерина Егоровна

Саха норуота төһө да аҕыйах буоллар, хас биирдии киһитэ кустук  сэттэ өҥүнүү арылыйар араас талааннаах. Кинилэртэн биирдэстэрэ - өрүү мичээр аргыстаах эдэркээн ийэ - Екатерина Егоровна Горохова, Ураһалаах нэһилиэгин олохтоохторун биир киэн туттар оҕолоро буолар. Биир да култуурунай тэрээһин кинитэ суох ааспат. Кини мэлдьи үлэ буоллун, кэнсиэр буоллун, ыччат ортотугар сылдьар көхтөөх киһи. Екатерина 2018 сылаахха Арктика государственнай култуура уонна искусство институт библиотечнай салаатын бүтэрэн төрөөбүт дойдутугар төннөн бэйэтэ төрөөбут – үөскээбит нэһилиэгэр библиотекаҕа үлэлии – хамсыы сылдьар. Бу орто дойдуга хас биирдии киһи туохха эмитэ син — биир айдарыылаах, дьоҕурдаах төрөөн - үөскээн айыллан кэлэр, ол курдук эдэркээн ийэ үлэтин таһынан умсугуйан туран иистэнэр дьарыктаах. Санаа хоппотоҕо диэн суох, иистэнэргэ ким да үөрэппэтэҕэ эрээри, ийэтэ хайдах иистэнэрин көрөн улааппыт буолан, ол дьоҕур сыстыбыт. Оҕолорун, чугас аймахтарын барыларын сахалыы таҥыннаран, ыһыахха кэлбит дьону үөрдэллэр.

Катя аҥардас үлэннэн эрэ муҥурдаммакка үҥкүүннэн эмиэ дьарыгырар эбит, кини “Нарыйа” үҥкүү ансамбылыгар умсугуйан туран сылдьар. “Нэһилиэк общественнай олоҕор кыттан, киһи ол онтон астынар, дуоһуйар, бэйэҕэр элбэҕи арыйаҕын” – диэн Екатерина санаатын үллэстэр. Кинини ханнык баҕарар улууспут тэрээһиннэригэр кыттааччы да, көрөөччү да быһыытынан бэлиэтиэххэ сөп. Ол курдук, «Ай сатаа» диэн улууска сылын аайы ыытыллар күөн күрэскэ кыттан бастакы кэккэҕэ сылдьар. Катя билигин сатаабата диэн суох. Талааннаах киһи барытыгар сатабыллаах дииллэринии, кини өссө биир интириэһинэй дьарыктаах дьахтар сахалыы киэргэлин оҕуруонан, тимиринэн симээн онорор ураты талаанын арыйда. Екатерина күн курдук сырдык санаалаах, ый курдук ыраас дууһалаах, оҕолордоох, өйүүр үтүө дьонноох, сөбүлүүр дьарыктаах буолан олох саҥа салгынынан тыынан иннин диэки хорсуннук айанныыр. Киниэхэ анаан күн мичээрдиир, сибэкки тыллар, саҕа саҕахтар саҕыллаллар. “Саамай сүрүнэ – сүрэххит сытар үлэтин, сөбүлүүр дьарыккытын булунуҥ. Киһиэхэ олох биирдэ бэриллэр. Сарсыарда туран баран, “дьэ, маннык куһаҕан олоххо олоробун” диэн уһуктар саныырга да куһаҕан. Киһи бу олоххо дьоллоох буола кэлбитэ. Ардыгар күннээҕи түбүк быыһыгар сылдьан, бэйэбит туспутунан умнан да кээһэбит, туох сыаллаахпытын ситиспэккэ да хаалабыт, умнабыт. Онон,олоххутун толору дьоллоохтук олоруҥ диэн” - баҕа санаатын эһиэхэ аныыр эдэркээн ийэ Екатерина.

Екатерина дьиэ кэргэҥҥэ туһаайыллыбыт тыллар суолталарыгар эппиэттээбит санаатын ааҕыҥ: Ийэ – саамай күндүттэн күндү киһи буолар. кини кимиэхэ да, туохха да тэҥнэспэт. Кини дьиэ саамай тутаах киһитэ, оҕо аанньала. Ийэ баар буолан биһиги бу күн сирин көрбүппүт. Аҕа – дьиэ кэргэн дурда – хахха киһитэ, эрэллээх эркинэ. Дьол – араас буолар... Дьол – оҕоҕо буолуон сөп, Дьол – төрөппүт ийэлээх аҕаҥ аттыгар бааллара... Дьол – чугас дьонуҥ доруобай буолуулара, Дьол диэн айылҕаттан бэриллибит аналгын толоруу... Дьылҕа – киһиэхэ үөһээ айыылартан суруллубут суол Доҕордоһуу – бу эмиэ таптал кэриэтэ, ол гынан баран манна хас да киһи буолуон сөп, биир санаалаах, биир идэлээх, олоххо көрүүлэрэ биир дьон буолуон сөп Оҕо – таҥара бэлэҕэ, оҕолоох ыалтан таҥара үөрэр, оҕо киһи дьоло. Талаан – киһи дьоҕура, араас талааннаах дьон бааллар, ким эрэ ыллыыр, хоһоон айар, ким эрэ таҥас сап тигэр, маһынан, оҕуруоннан араас оҥоһуктары оҥорон таһаараллар.

Дьиэ кэргэн – диэн хас биир киһи бары дьиэ кэргэҥҥэ улаатан тахсар, дьиэ кэргэн бэйэ бэйэтин өйүүр, көмөлөһөр бигэ буолуохтаах. Төрөөбүт дойду – эн төрөөн үөскээн улааппыт дьиэҥ, түөлбэҥ, улууһун буолар. Таптал диэн саамай сырдык, ыраас, куустээх иэйии. Ийэ5э таптал-эйиэхэ кун сирин көрдөрбүтүн иһин кыраайа суох махтал, истин убаастабыл, ис сурэххиттэн, ис дууьа5ыттан тахсар иэс санаа; туох да иьин биэрбэт кунду киьин! Таптал диэн эрэл! Эйигин таптыылларын биллэххэ бэйэ5эр эрэл үөскүүр эбит! Ол эрэл кэрэ көстүү! 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ