http://www.culture.ru/
Дохунаева Надежда Гаврильевна
Далбар хотуммут - үтүө үлэһит, өркөн өйдөөхтөрүнэн аатырбыт бүччүм сиргэ сытар Сыаганнаах сэлиэнньэтигэр биһигин ыйаабыт Дохунаева Надежда Гаврильевна буолар! Надежда Гаврильевна Александра Семеновна, Гаврил Николаевич Ребровтар дьиэ кэргэннэригэр 1975 сыллааххха бэс ыйын 14 күнүгэр алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. 2007 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Дудкин аатынан сибээс колледжын бүтэрэн, «Почта сибээһин специалиһа» идэни баһылаабыта . Сыаганнаах сэлиэнньэтин почтатыгар «Почта России» филиалыгар 2016 сылга диэри үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбитэ. Айар дьоҕурдаах эдэр ийэ идэтин улларытан технология учууталыгар кэтэхтэн үөрэнэн учуутал идэтин баһылаан, билигин В.Н.Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатыгар учууталынан, элбэх кэрэни тэнитэр сыаллаах–соруктаах үлэлии сылдьар. Надежда Гаврильевна олохтоох , Дохунаевтар халыҥ аймах сыдьааннарыгар Дохунаев Станислав Борисовка кэргэн тахсан, түөрт оҕону төрөтөн, ийэ, аҕа диэн дьоһун ааты ылан, саҥа дьиэ туттан, Сыаганнаах сэлиэнньэтин инникигэ эрэллээх, үүнэр-сайдар кэскиллээх үтүө-мааны ыалларын биирдэстэрэ буолар. Ыал аҕа баһылыга нэһилиэк станциятыгар слесарынан үлэлиир, станция коллективын тутаах киһилэрэ буолар.
Улахан оҕолоро - эрэллэрэ уоллара, Артемий Российскай Армия кэнниттэн бульдозерист идэтин ылан, төрөөбүт дойдутугар дьонугар күүс-көмө буолан олорор. Улахан кыыс Александра учуутал идэтин баһылаары кэтэхтэн үөрэнэ сылдьар. Күөх Ньурбаҕа кийиит буолан, бу сылга ийэлээх аҕатыгар кыра уол сиэн минньигэс сытын бэлэхтээтэ. Иккис кыыстара Анастасия алтыс кылааска, кыра, муннуларын бүөтэ кыыс Рада үһүс кылааска үөрэнэллэр. Ханнык баҕарар ийэ курдук Айылҕаттан айдарыылаах талаанын сатабылын Надежда Гаврильевна дьиэ кэргэнигэр, тулалыыр дьонугар тиэрдэр. Ол курдук сайын оҕуруот аһын арааһын олордон ,кыһыҥҥыга хаһаанарга туустуур-тумалыыр, сир аһын хото хомуйар ,сылгы итиитинэн дьарыктанар буолан оту хоту оттууллар. Надежда Гаврильевна дьиэҕэ-уокка ырааһы, бэрээдэги олохтооччу эрэ буолбакка, күүһэ-кыаҕа тиийэринэн киминэн да солбуллубат,тугунан да кээмэйдэммэт дьиэ-кэргэн истиҥ-иһирэх эйгэтин тэрийэр ,өйдөспөт да майгыны уҕарытар, сымнатар, олоххо уһуйар Ийэ буолар.
Билигин билсин Надежда Гаврильевна дьиэ кэргэҥҥэ туһаайыллыбыт тыллар суолталарын суруйбутун: Ийэ – Ийэ барахсан кэннигэр хаалларар кэнчээри ыччаттаах, ол ыччаттарын үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдиир аналлаах киһи буолар. Мин билигин да кыра оҕобун, тапталлаах Ийэм 87 саастаах Александра Семеновна аттыбар баарынан дьоллоохпун. Күннэтэ Ийэ сылаас мичээрин, истиҥ тылларын истэртэн дьоллонобун, дуоһуйабын. Аҕа – элбэх түбүктээх, ийэни кытта арахсыспат биир тыыннаах дьиэ туллубат тутааҕа, сиҥнибэт өһүөтэ буолар. Аймах – аймах, аҕа уус диэн төрүччү буолар. Ийэҥ да, аҕаҥ да өттүнэн тоҕус көлүөнэни ааҕа билиэхтээххин дииллэр..Оннук билэр киһи сотору кэминэн ол быстыбат ситим сорҕото буолуохтааҕын өйдүөхтээх. Аймахтаах киһи суондурдалаах, халыҥ хаххалаах.
Дьол – диэн эйэлээх олохтон, айар үлэттэн дуоһуйууну ылыы. Киһи барыта бу дойдуга дьоллоохтук олорор туһугар кэлэр. Дьылҕа -киһи дьылҕата олорор олоҕун салаллыытыттан уонна олорор кэмиттэн эмиэ тутулуктаах.Билиҥҥи киһи урут былыргы өбүгэлэриттэн олох атын дьылҕалаах. Дьиэ кэргэн – төрөппүт,оҕо,сиэн - биир кэлим буолуута. Кини сүрүн-соруга оҕону сиэрдээхтик иитии. Доҕордоһуу - доҕор курдук чугас, наадалаах киһи баар буолуо дуо.Доҕордоох киһи дьоллоох, диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыл. Санааҕын этэр, былааҥҥын, ситиһиигин-хотуугун, үөрүүгун-хомолтоҕун кимниин эрэ үллэстэр, дууһаҕын чэпчэтинэр киһин буолар. Оҕо – киһиэхэ саамай күндүтэ. Оҕотун таптаан ,үлэнэн иитэн, сиэрдээх киһини ииттэҕинэ төрөппүт дьоло.
Өбүгэ – кэриэстэбил. Биһиги өбүгэлэрбитин ахтар,саныыр, кэриэстиир эрэ буоллахпытына кэлэр кэнчээри ыччакка кэрэтик ахтыллыахпыт турдаҕа. Талаан – диэн үрдүккэ-үтүөҕэ ыҥыран, норуокка туһаны эрэ аҕаллын диэн айылҕа айбыт баайа. Удьуор –удьуортан киһи оҥоһуута тутулуктаах .Киһи ханнык удьуортан төрүүр да, оннук олоҕо салаллар. Үтүө киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата диэн удьуор ситимэ быстыбакка баран иһэрин этии. Төрөөбүт дойду – Төрөөбүт дойдугунан, кини дьонунан киэн туттуохтааххын. Сурахтаах дойдубутун, ааттаах алааспытын истиҥник таптыахтаахпыт, иитиллибит иэспитин куруук өйдүөхтээхпит. Таптал - киһи аймахха айылҕаттан бэриллибит ытык,дириҥ, ыраас иэйии. Тапталы харыстыахха, кэнчээри ыччаты тэнитэр олохпут суола куруук дьоллоох, үөрүүнэн эрэ сырдыы сылдьыаҥ.