http://www.culture.ru/
Дохунаева Вера Васильевна
Кэнники кэмӊэ эӊин араас кэрэ киэргэллээх, киhи быhыан да баҕарбат кырасыабай туортара үөдүйэн дьону сөхтөрөллөр. Биhиэхэ маннык минньигэс туорду астаан дьарыктанар икки кэрэчээн кыыс күн күбэй ийэтэ Дохунаева Вера Васильевна. Кини интэриниэттэн саӊаттан саӊа рецеби көрөн, үөрэнэн иллэӊ кэмигэр астыыр буолбут. Онтон бэттэх кини туордун дьонноро амсайан «наhаа минньигэстик астыыгын» дииллэриттэн уонна мэлдьи сөбүлээн сииллэриттэн, барыта топ курдук табылларыттан кынаттанан салгыы дьарыктаммыт. Маӊнай аймахтарыгар, билэр дьонугар сакааhынан оӊорбут. Билигин кини туорда элбэх быhрааhынньыктар, төрөөбүт күннэр остуолларын киэргэтэр. Хас биирдии килийиэнин баҕа санаатын толорон, кини сакаастаабыт тиэстэтинэн оӊорор: кимиэхэ эрэ медовай, кимиэхэ эрэ бисквитнай, птичай молоко, кыhыл бархат, мастиканнан. Бу сорох туортар аска кутар тумалара манна атыыламмат буолан, Дьокуускайтан сакаастаан ылан туттар. Хас биирдии сакааhын ис сүрэҕиттэн иэйэн – куойан астыыр, дьон үөрүүтүттэн, махталыттан бэйэтэ олус үөрэр.