http://www.culture.ru/
Захарова Люция Аркадьевна
Кини Абый улууһун Майыар нэһилиэгэр 1990 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр, элбэх оҕолоох Жирковтар дьиэ кэргэннэригэр аан бастаан күн сирин көрбүтэ. Оҕо caaha бииргэ төрөөбүт 5 кыыс уонна 1 уол оҕо ортотугар ааспыта.
Люция оҕо эрдэҕиттэн арааска барытыгар дьоҕурдааҕа биллэр этэ. Кини кыра эрдэҕиттэн ыллыырын, уруһуйдуурун араас илии оҥоһуктарын оҥророрун сөбүлүүрэОскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр, музыка учуутала Ольга Михайловна Дохунаева уһуйуутунан, элбэх конкурстарга, фестивалларга, концертарга кыттыбыта, сцена эйгэтигэр сыстыбыта.
Талааннаах оҕо барытыгар талааннаах дииллэрин курдук, Люция олус үчүгэйдик үҥүүлүүрэ, ыллыыра, көрөөччүлэр болҕомтолорун тардара. Бу кини айылхаттан бэриллибит талааннааҕын тоһуота эмиэ буолуон сөп. Хаан уруу төрүттэрин удьуордаабыта эмиэ көстөр. Ол курдук аҕатын өттүгэр Слепцов Прокопий Егорович (Ойуун Борокуоппай)
Ийэтин өттүнэн Сорокоумов Иван Иванович буолаллар. Бу айылхаттан айдарыылаах, талааннаах дьону Абый улууһун дьоно бары элбэхтик көрбүт, истибит, билэр дьонноро. Люция оскуоланы бүтэрээт Якутскай педагогическай колледж музыкальнай отделениятыгар үөрэнэн 2011 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
Үөрэҕин бүтэриэҕиттэн детсадка воспитателынан, детсадка, оскуолаҕа музыка учууталынан үлэлээбитэ. Онтон кэлин культура эйгэтигэр сыстан үлэлиир. Кини Абыйга, республикам федерацияҕа аатырбыт эвенскай народнай фольклорнай ансаамбыл "Нонгдан" үнкүүһүтэ . Иллэн кэмигэр оҕуруоттан тиһэн , уруһуйдаан, маска ohyop туһэрэн быйан, мамонт муоһуттан кыһан араас дьэрэкээн мындыр оҥоһуктары онорор.
Араас музыкальнай инструменнарга барытыгар оонньуур. Ол курдук баяҥҥа, гитараҕа, хомуска, фортепианоҕа уонна кырыымпаҕа (скрипкаҕа) оонньуурун оҕолор, дьон-сэргэ дуоһуйа истэллэр. Быйыл Люция бастакы улахан республиканскай таһымнаах ситиһиитэ НВК каналга ыытыллыбыт "Ыллаа, ыллаа " диэн интерактивнай ырыа курэҕэр кыттан кыайыылаах үрдук аатынан наҕараадаланна. Абыйын улууһун Майыар нэһилиэгин саха республикатыгар аатырта
"Тыыннаах дор5оон "-лауреат 2ст. (п. Белая Гора 23-24 марта 2018г.)
" Минута славы " 1 место (Сыаганнаах 2018г.)
"Таптал дьол-олох иэйиитэ" гран при ( Абый 2018г.)
"С песней по жизни" гран при ( п.Белая гора 9 февраля 2019г.)
"Кэрэ Куо 2020" 1 место (Кэбэргэнэ)