Жиркова Мария Васильевна

Киэҥ Күөл сэлиэнньэтин ытык-мааны Далбар хотуна

-Өбүгэ ситимэ диэн мин саныырбынан, төрөөбүт тылбынан кэпсэтэрим. Ынах сүөһүнү тутан,  тыа хаһаайыстыба бары салаатын сайыннаран кэлиибит.

Биһиги өбүгэлэрбит тыа хаһаайыстыба салаатын бары көрүҥүн ииттэн, киһи-хара буолан олордохторо дии. Мин өбүгэлэрим ситимнэрин ситимнээн, 30 сыл тухары сүөһү иитиитинэн дьарыктанан кэллим.

-Сааһырыы тугунан кэрэний?

 Мин Киэҥ Күөл сэлиэнньэтигэр ыал буолан олохсуйбутум  50 сыла буолар. Дьонум - сэргэм убаастабыла.  Кинилэр миэхэ эйэҕэс-амарах сыһыаннара. Үлэни өрө тутан, чөл олоҕу кытта аргыстаһыым (табахтаабаппын, үйэм сааһым тухары испэтэҕим, арыгы амтанын да билбэппин). Ол кырдьар сааспар, дьон ытыктабылын ыларым кэрэһэлиирэ буолуо.

- Дьоллоох киһи диэн: кырдьас сааскар оҕолоруҥ эйиигин харыстыыллара, кинилэр болҕомтолоро туохтааҕар да күндү, дьол.

- Мин саха суруйааччыларын айымньыларыттан сөбүлээн аахпыт айымньыларым элбэхтэр. Таптыыр суруйааччыларым Софрон Данилов, Амма Аччыгыйа, Иван Гоголев, Николай Якутскай, Н. Заболоцкай   уо.д.а.  Уйадьыйан аахпыт кинигэм “Сүтүк”- оҕонньорун, оҕотун да сүтэрэр... .Ааҕар кэммэр барыта баара: үөрүү, долгуйуу, сөҕүү, аһыныы, кыһыйыы...

-Бэйэтин оҕолорбут ааҕар хоһооннорун сэргээн, долгуйан истээччибин...

- Кырдьаҕастар айылҕаттан аһаан-сиэн олоробут дьон быһыытынан тулалыыр эйгэҕэ олус харысхаллаахтык сыһыаннаһаллара уонна биһигини оннук үөрэтэллэрэ. Айылҕа баайа суох буолбатах, туох барыта бүтэр, онон харыстаан туттар айылҕа тыла суох сокуона буолар дииллэрэ.

- Олоҕум саамай үөрүүлээх түгэнэ элбэх буоллаа. Кэргэн тахсыы, олох оҥостуу. Эбээ үрдүк аатын сүгүү, игири сиэн кыыс кэлиитэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар үрдүк ситиһиим иһин 1979 сылга ВДНХ баран кэлиим. 1976-2000с.с.:  Тыа хаһаайыстыбата, сүөһү иитиитин сайдыытыгар үгүс кылаат киллэрбитим, түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлээн-хамсаан, үрдүк ситиһиим иһин Андрей Юрьевич Жирков 45, 50 сааспар иккилии ньирэй бэлэх бэлэхтээбитэ. Совхоз эһиллибитим кэннэ, кэтэх хаһаайыста туттан,  доруобайым кыайарынан ииттибитим.

-Сүрэхпэр иҥэрбит дьонум: Ханнык да ыарахан үлэттэн толлубат, үрдүк таһаарыылаах үлэтинэн, үүт ыамын үрдүк таһымҥа таһаарбыт Черноградская Валентина. Биир эйгэҕэ үлэлээбит көлүөнэм күндү үөлээннээхтэрэ. Хотоҥҥо үлэлиир сылларбар, “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” хамсааһын саҕана үлэлээн ааспыт көлүөнэ ыччата, билигин да ситиммин быспаппын, күндүтүк саныыбын.  Кэлин детсаадка 10 сыл үлэлээбитим, ол көрдөөх-нардаах  кэмин кэрдиис дьонноро сүрэхпэр-быарбар сөҥөн сылдьаллар, куруук бэлиэ күҥҥэ мааны ыалдьыт буоллаллар. Үчүгэй кэм саҕана бэлиэ түгэннэргэ, бэйэм мааны ыалдьыт буолан тиийэр этим.

- Билиҥҥи киэн туттар геройдарым: балыыһа, станция, ЖКХ  үлэһиттэрэ, маҕаһыыным дьоно. Бу үлэһиттэр баар буолан, биһиги кыһалҕата суох олордохпут дии

 - Баҕа санаам: Олох уйгутун-быйаҥын, туруктаах буолууну. Кытаанах доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу-соргуну, бигэ-таҕа, баай-талым олоҕу!  Дьаҥ-ыарыы бүтэн, ыытыллар тэрээһиннэргэ бары тутуспутунан үөрэ-көтө алтыһа сылдьыаҕын!


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ