"Абый" ырыанньык сүрэхтэниитэ

Кулун тутар 19 күнүгэр Муҥурдаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Абыйдааҕы Култуура уонна сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Надежда Черемкина төрөөбүт дойдубут туһунан араас ырыалары түмэн, таҥан таһаартарбыт "Абый" ырыанньыгын сүрэхтэниитэ буолла.

Бу тэрээһиҥҥэ ыалдьыппыт үлэтин, ырыа суруллуутун, ааптардарын туһунан сырдатта, аудиоларын, видеоклиптэрин көрдөрдө, иһитиннэрдэ. Абыйбыт туһунан барыта 21 ырыа киирбит. 

Ырыанньык 200 солк атыыланар.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ