http://www.culture.ru/
Киэҥ-Күөл нэhилиэгэр Саха АССР 100 сылыгар аналлаах тэрээhиннэр са5алана тураллар
Ыам ыйын 2 күнүгэр Киэҥ - Күөл библиотекаря Вероника Ивановна Горохова, нэhилиэк дьаhалтата, далбар хотуттара нэhилиэги удьуордаан олохсуйан олорбут өбүгэлэрин түөлбэлэрин көрөн-истэн, поэт Леонид Попов “Үлэ дьоно” диэн хоһоонун быһа тардан аахтылар. Нэhилиэк ытык кырдьа5аhа Егор Васильевич Жирков алгыс тылынан алгыстаата. Хоһуун үлэһит эбэлэрин, эһэлэрин санаан – ахтан аастылар. Өрөспүүбүлүкэ бэлиэ сылыгар кинилэр ийэ дойду баайын-дуолун, аатын-суолун “өтүйэлээх сиэрпэннэн” үүннэрбиттэригэр махтанан аастылар. Хоһуун үлэһит өбүгэлэр экономическай уонна социальнай сайдыы кэлимник барыытын хааччыйарга улахан кылааты киллэрбиттэрэ. Өбүгэ удьуор ситимэ уостубат уйгулаах, быстыбат быйаҥнаах буоллун.