Н.В.Слепцов – Николай Абыйчанин төрөөбүтэ 97 сыла

Слепцов Николай Семенович-Радист таайын Н.В.Слепцов - Абыйчанин туһунан ахтыыта:

Н.В. Слепцов-Абыйчанин ыам ыйын 13 күнүгэр 1925 с. Абый улууһун Майыар нэһилиэгин Кириэс Майыар диэн, бэйэтэ этэринэн, алаадьы курдук ырааһыйа томтордоох кыра сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ. Аҕата - Слепцов Василий Николаевич. Кэрэмэс Баһылайынан ааттыыллара, хаhaахтан төрүттээҕэ үhү. Мин аҕыс саастаахпар  улахан кириипкэ өлбүтэ. Эһэбин үчүгэйдик өйдүүбүн. Ийэтэ, Слепцова Матрена Степановна -эбээн, Муома улууһуттан төрүттээх. Кинилэр эдэрдэриттэн манна олохсуйан олорбуттара. Абыйчанин 9-с оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оччотооҕуга ийэтэ биэс уон биэһин туолан баран сылдьара үhү. Aҕата алта уонун лаппа aaспыт. Чугас дьон кэпсииринэн, аҕата Баһылай «Эмээхсиним туоx эрэ буолбут» диэн кистээн, эбээн ойуунун аҕалан кыырдарбыта үhү. Ойууна «Куhаҕан тыын буулаабыт!» диэн көрүүлэммит. Эбэбит ону билэн, айдааны тарпыт: «Билэргит эрэ абааһы, мин бачча сааспар диэри дьахтар буолбуппун билиммэт үһүбүн дуо? Өссө кырыыска дылы куһаҕан тыыннааххыт!» Эбэбит кырдьан, сүүһүн туолара уонча хонук хаалбытын кэннэ бэрт холкутук кэриэһин этэн, кэпсэтэ сытан бараахтaабыта.

Абыйчанин бу түбэлтэни да төлө туппата. «Умнууга хаалбыт киһи күн сирин көрүүм мээнэҕэ буолбатах буолуохтаах туoх эрэ уратылаах буолуохтаах этим» диирэ. Абыйчанин сытыы юмордааҕа, наһаа итэҕэйимтиэ этэ. Иллэҥ кэмигэр сылдьан, астына кэпсэтэн, күлэн-салан арахсааччыбыт. Кэлин сөбүлээбитин эрбэҕин өрө анньан биллэрээччи. Билигин суруйууларыгар юморы туттубатаҕыттан хомойобун. Өйдөтөн биэриэххэ баара диэн сэмэлэнэ саныыбын. Дьиҥэр, санаабычча сүбэни, сэмэни тута ылынан иһээччитэ суоҕа.Бэйэтин кыаҕын таһынан көрдөбүллээҕэ. Билиигэ-көрүүгэ ahapы түһүүлээҕэ. Сaaһыран баран, Дружинаҕа киэһээҥҥи 8-с кылааска үөрэммитэ. Онно милиция начаалынньыга Семенов, Рудольф Петрович Туласынов бииргэ үөрэммиттэрэ. Кинилэр Абыйчанин учууталларын кытта точнай да предмеккэ (алгебраҕа) тэҥҥэ ырытыһан, мөккүһэн быһаарсарын сөҕөн кэпсииллэрэ. Бүтэрбит аттестатын көрдөрө-көрдөрө, аны онуһу бүтэрдэхпинэ сатаныыһы диэн саҥарбытыгар убайынаан Өлөксөйдүүн оҕолуу айдааран, тохтотон турабыт. Кэлин бириэмэбин бараабатаҕым ордук эбит диэн билиммитэ. Кырдьыга, ордук бэйэ дьонугар тута сөбүлэһэн испэт, бэйэтин этиитин куоһур туттар идэлээҕэ. Эдэр сааһыттан ыарыһах буолан, оҕолуу атаах сыһыаннааҕа. Ол эрээри бэйэтин итэҕэһин тута билиммэтин иһин тус бэйэтигэр көрдөбүллээҕэ. Ону билэрбит. Тoҕoостоох эрэ түбэлтэлэргэ эрдэттэн, ордук суруйан, бэйэбит санаабытын биллэрэрбит.

Мин Абыйчанины бэйэтин намтатыммакка, дуоспуруннаахтык туттарын ордук бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол да иһин кэмин чулуу суруйааччылара ытыктыыллара, ыытар открыткаларыгар, суруктарыгар «Хоту дойду хорсуна», «Урааҥхай убай», «Абый ааттааҕа» yo.д.а. айхал тылларынан арыллаллара. Кинини элбэхтик үрдүктүк сыаналаан ахтыбыттара тахсар бэчээккэ бэрт үгүс буолара. Саха ааҕааччыларыгар бэркэ биллэр Николай Габышев бэйэтин «Сүүс кэпсээн»
кинигэтигэр «Мин ордук икки убаастыыр дьоннорбуттан Амма Аччыгыйа «Ханнык суруйааччылары ордук сыаналыыгын?» диэн ыйытыыга хоруйдаан, түөрт биллэр суруйааччылары ааттаабытыттан онно миигин киллэрбитэ уонна Абыйтан Абыйчанины. «Эн биһиэхэ хоту дойду дьонун агитаторын курдук көстөҕүн?» - диэн суруйбутуттан «Эр ылабын, күүспэр күүс эбиллэр» диэбитэ мээнэ суруллубатаҕар эрэнэбин.

Мин үчүгэйдик өйдүүр киһим, сэрии кэмигэр тыл үөрэхтээҕэ, ученай Васильев Георгий Митрофанович кэлэн, учууталлыы сылдьыбыта. Хайдах, хаһан билсиспиттэрин билбэппин. Арай Георгий Митрофанович фольклорга олохтоох үhүйээннэри, ааспыт историческай суолталаах кэпсээннэри хомуйан ыытарыгар сорудахтыыра.
Кини буочара наһаа учүгэйэ, чуолкайа. Бэл мин да иҥнигэhэ суох оччолорго ааҕарбын билигин да өйдүүбүн. Хас сыллаахха Кириэс- Майыар диэн, тоҕо ааттаммытын, сирдэр ааттарын (холобур,
Майыартан чугас баар Наҕараадалаах күөл туһунан, оннооҕор олохтоох ырыаһыттар, олоҥхоһут Хабырыыл Никулин (Чаахча Хабыыттата) айымньыларын ыыталыыра. Кэлин, улаатан баран, Г.М. Васильевы, Абыйчанины сирдээн, көрсөн турабын. Хараҕынан эмиэ бэркэ эрэйдэнэрин истэрим. Көрдөххө да, кэтэ сылдьар ачыкытын тааһa халыҥын киһи соһуйа көрөрө. Оччолорго да республикаҕа биллэр туспа суоллаах, чахчы да дэгиттэр талааннаах сэдэх суруйааччы этэ. Кини айымньытын аахпыт киһи тута итэҕэйиэҕэ. Абыйчанины литератураҕа сиэтэн киллэрбит, саха чулуу суруйааччыларын билсиһиннэрбит, истиҥ доҕор оҥоһуннарбыт, тылынан этиллибэт муҥура суох сүдү үтүөлээх - кини. Ол курдук Семен Руфов, Николай Габышев, Николай Тобуруокап, Винокуров-Урсун, Иннокентий Артамонов уо.д.а. аҥаардас литература эрэ эйгэтигэр буолбакка, истиҥ доҕор, үтүө сүбэһит буолан, аhaра атаахтаппыт кинилэр этилэр. Ону үгүс сылга кинини арыалдьыттаан сылдьан билэбин.

Дьэ оннук бэйэтин көлүөнэтин кырдьаҕас, yhулуччулаах суруйааччыларын көмөтүнэн сурукка-бичиккэ бэйэтин суолун хааллардаҕа. Кини норуот айымньытын сөргүтээччи (ол архыыпка баара биллэр), олохтоох историяны, республика атын да улуустарын олохторун (сyоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ) журналист быһыытынан кэпсээннэрэ, хомоҕой хоһoонноро ону кэрэһэлииллэр. Маны таһынан
бэйэтин биир дойдулаах эдэр ыччаттарын литература эйгэтигэр (ордук поэзияҕа) көҕүппүт үтүөлээх. Аҥаардас дьоҕус «Таптал чараҥа» кинигэтэ ааҕааччыларга кэрэхсэппитэ. Оннооҕор мин кэлэ-бара сылдьан, кини сейфэтигэр (баанкатыгар) хоhоон суруйан хаалларaрым.

“Дойдубуттан биир миэстэни ордук минньигэстик санныыбын.
Сырдык үрүйэ көмүс быарыгар, ычык ойуур иһигэр кистэммитттии үүммүт хатыҥчааннар бааллар. Ол мин хатыҥчааннарым, ону олохтоохтор Абыйчанин чараҥа диэччилэр. Манна хатыҥ маһы хаһан да харахтаабатах хотугу ыччаттар кэлэннэр, айылҕа кэрэтигэр сүгүрүйэр, көнньүөрэ таалалыыр, этиллибэтэх тыллары этэр, тапталларын суруйар үгэстээхтэр”, - диэн ааҕааччыга быһааран суруйар Николай Абыйчанин.
Кырдьык кини бу сири сөбүлээн, бэйэтэ остуол оҥостон, өр бириэмэҕэ бэйэтин ахтыыларын дневник курдук суруйан, улахан тимир бааҥкаҕа хаалаан, түһэр ардахтан хаххалаан таҥнары ыйаан, хатыҥ дабаатыгар баайан хааларар үгэстээҕэ.

Николай Васильевич Слепцов – Абыйчанин дьулуурдаах хорсун санаата, ыарыылартан-ыарахаттартан чаҕыйбакка сыралаах үлэҕэ ылсыбыт олоҕо, норуотун муҥура суох таптыыра эдэр ыччаты иитиигэ холобур буолуохтаах. Кини айан, үлэлээн хаалларбыт баай ис хоһоонноох нэһилиэстибэтин биир дойдулаахтара, саха литературоведтара эбэтэр кини талааныгар сүгүрүйээччилэр үйэтитэр ытык иэспит буолар.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ