Библиотека филиалларыгар "Библиосумерки-2022" аахсыйа ыытылынна

Ыам ыйын 27-28 күннэригэр оскуола о5олоругар анаан библиотека филиалларыгар "Библиосумерки-2022" аахсыйа ыытылынна.

Майыар библиотеката:

Библиотекарь Надежда Васильевна Сидорова кыра кылаас о5олругар "Дьикти остуоруйалар" диэн тиэмэлээх квест - оонньуу тэрийэн ыытта. О5олор оонньууну этаптарынан олус сэҥээрэн оонньоотулар, саҥаттан саҥа сорудахтары булууга сөптөөх эппиэттэри биэрдилэр. Бүтэhик түмүhэххэ о5олор аптаах тэриэлкэни булан минньигэс кэмпиэтинэн на5араадаланнылар. 

Абый библиотеката:

Ыам ыйын 28 күнүгэр Абыйдааҕы олохтоох библиотека Бутун Арассыыйатаа5ы "Библионочь-2022" ааксыйаҕа кыттыыны ылла. Быйылгы сыллааҕы аахсыйа Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылыгар анаммытынан тэрээhини "Сахалар үтүө угэстэрэ" диэн ааттаан орто саастаах оскуола оҕолоругар ыытылынна. Оҕолор ыытыллыбыт тэрээhиҥҥэ актыыбынайдык кыттан астынан тарҕастылар.

Ураhалаах библиотеката:

Ураhалаах нэhилиэгин библиотекаря Екатерина Егоровна о5олорго анаан Д.И.П "Билиотека - история харайааччыта" диэн тиэмэлээх оонньууну тэрийэн ыытта. Уопсайа 2 хамаанда оонньоото: "Танки" уонна "Сутуруоха". Оонньуу 9 түмүhэхтэн турда. Кыайыыны "Сутуруоха" хамаандата тутта уонна Грамоталаах, минньигэс кэмпиэтинэн на5араадаланнылар. 

Муҥурдаах библиотеката:

Ыам ыйын 28 күнүгэр Муҥурдаах нэһилиэгин модельнай библиотеката оҕолорго "Өбүгэ үгэһэ" квест-оонньууну ыытта. Күрэхтэһии 9 түһүмэхтэн турда. Ол курдук, оҕолор өбүгэ дьиэтэ-уота, аһа-үөлэ, битэ-билгэтэ, оонньуута, фольклора, сиэрэ-майгыта, күн-дьыл эргиирэ, дьарыга диэн тиэмэлэргэ билиилэрин тургутан көрдүлэр. Оонньуу бүтэһигэр оҕо харысхалын ойуута таҕыста. Саха киһитэ оҕотун харыстаан, дөлүһүөн ойуутун харысхал оҥосторун оҕолор билэн сэҥээрдилэр. Күрэхтэһии түмүгүнэн "Дьоҕур" хамаанда "Хотойдору" кыайда. Ону таһынан өбүгэ хамсаныылаах уонна остуол оонньууларын оонньоотулар. Бүтэһиккэ кыттааччылар туоһу сурук туттулар, үөрэ-көтө чэйдээтилэр.

Киэҥ - Күөл библиотеката:

Төрүт култуурнай нэһилиэстибэтин сылыгар аналаах "Өбүгэлэрбит уос - номоҕун айымньылара". Сыала: Өбүгүлэрбит үөрэхтээһин да суоҕуна оҕолорун сайыннарар киэптэрэ: айылҕа дьиктилэрин билиһиннэрэн, сиэри-туому тутуһуннаран, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйаллара, уос номоҕо буолбут норуот уус-уран айымньыларын оҕолор өйдөрүгэр- санааларыгар тиэрдэр идэлээхтэригэр олоҕуран 6 түһүмэхтээх билиилэригэр тургутуу оонньуу ыытылынна. Өс хоһоонтон көппүт тылын таайыы, саха остуоруйаларыгар билиилэрин тургутуу, таабырын таайсыы, "Пантомимо" олоҥхо кэрчиктэриттэн, Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин гербаларын таайсыы. Өбүгэлэрбит олохторун (уһун ураҕас) көмөтүнэн төрөппүт саҥата суох көрдөрбүтүн оҕолор тугунан дьарыктанарын таба таайан иһиилэрэ. 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ