http://www.culture.ru/
Чиркова Акулина Алексеевна 80 сааhыгар аналлаах таhаарыы
Саха дьахталлара... Көстөр дьүһүннэрин кэрэтинэн xohooҥҥo холбоспут, кэпсээҥҥэ киирбит дьахталлар. Муударай өйдөрүнэн, айылҕаны кытта алтыһар дьоҕурдарынан, үөһэттэн айдарыылаах дьону үөрдэ сылдьар дьикти дьахталлар.
Талаан киһиэхэ хантан бэриллэрин туох билиэй? Үөһэттэн, айылҕаттан диибит.
Кырдьыга да оннук, талаан тосхойботох киһитэ күүһүнэн ырыаһыт, үҥкүүһүт, оһуордьут буолбат. Tөһө да өйдөөх буол, талаан тосхойботох буоллаҕына, өй кыаҕынан хоһоонньут буолбаккын. Талааннаах дьахтар бөҕө сибэккилээх кырдалга сааскы ньургуһун тоҥ буору көтөн өлгөмнөөн үүнэринии, сириэдийэн тахсар.
Акулина Алексеевна Чиркова 1942 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр Абый улууһун Майыар нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ.
Кини олоҕо атын дьахталлартан туох да уратыта суох, этэргэ дылы, таҥара туохха анаабытынан, олорор илгэтэ тугу тосхойбутунан курдук гынан баран, уратылаах. Өссө ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан, саха тылын учуутала Петр Семенович Кузьмин салайар литературнай куруһуогар дьарыктанан, бэйэтэ айбыт хоһооннорунан республикатааҕы куонкуруска иккис миэстэни ылан, биир мөһөөх харчынан бириэмийэ туппуттаах.
Оттон илиинэн суруллан 1959 с. таһаарыллыбыт "Абый ыччатын айыыта" диэн ааттаах 12 автордаах хомуурунньукка 8-с кылаас үөрэнээччитэ Акулина Черемкина айымньыларыттан "Түмүк" кэпсээнэ уонна, oҕo диэтэххэ олус боччумнаах үлэтэ, Амма Аччыгыйын саха классиката буолбут "Сааскы кэм" романыттан "Биэлсэр" инсценировката бэчээттэммит.
Дьэ итинник талаан тосхойбут эдэр кыыһа сибэккилээх кырдалга сааскы ньургуһун тоҥ буору тобулу көтөн үүнэринии сириэдийэн тахсар. Акулина оҕо эрдэҕиттэн искусствоҕа тардыһыылаах, ис дууһатыттан баҕаран туран, ырыаҕа-хоһооҥҥо, үҥкүүгэ-оонньууга тардыһар, кыттыһар эбит.
Николай Абыйчанины батыһа сылдьан, чараҥнааҕы дьааһыкка төһөлөөх элбэх хоһооннорун укпутай? Оччотооҕу айыллыбыт, сүппүт хоһооннорун түмүгүн курдук, төрөөбүт Майыарын, ахтар-саныыр дойдутун, дьонун туһунан "Дойдум, дьонум, ахтылҕаным" цикл үөскээбитэ.
Акулина Алексеевна Чиркова үс уол ийэтэ – Анатолий, Алексей уонна Леонид, сэттэ сиэн уонна аҕыс хос сиэн эбэтэ.
Былыргы бөлүһүөктэр “Таҥара киһи сирдээҕи олоҕор дьолун аҥардыыр” диэн этэллэрэ баҕар кырдьык да буолуо... Чаҕылхай талаан босхо бэриллибэт, тустаах олоххор омсолоох курдук. Ону дьылҕаҥ суругар туох диэн этиллибитин киһи бэйэтэ хантан билээхтиэй
Билэрэ буоллар, сорох “талааҥҥа наадыйбаппын, миэхэ нус-хас, түбүгэ-эрэйэ суох, күн тахсарынан, халлаан сырдыырынан да буоллун" диэх этэ дуо? Саарбах. Киһи олоҕор кэм ханнык эрэ суол-иис хаалларыан баҕарыа этэ дии саныыра Акулина Алексеевна.
Акулина Алексеевна бэйэтэ этэринии баҕар, олоҕор атын суолу талбыта буолаарай? Тоҕо диэтэххэ, оҕо эрдэҕиттэн искусствоҕа олус тардыһыылаах, ис дууһатытан баҕаран туран ырыаҕа-xohooҥҥo, үҥкүүгэ-оонньууга тардыhap, кыттыһар этэ.
Билэр дьоно этэллэринэн, быыкаа эрдэҕиттэн сыанаттан түспэт "артыыска". Кэлин университекка үөрэнэр сылларыгар "Рассвет", "Cahapҕa" үнкүү ансамбылларыгар солисткалаабыта, Саха республикатын норуодунай артыыһа Лазарь Сергучев студенческай театрыгар сүрүн оруоллары толорор этэ. Ол курдук 60-с сыллардаахха "Лоокуут уонна Ньургуһун" драмаҕа Ньургуһун оруолун ис дууһатыттан олус итэҕэтиилэхтик, үрдүк таһымнаахтык оонньообутун СГУ профессора В.Алданскай оччотооҕу "Эдэр коммунист" ыччат хаһыатыгар таһаарбытын өйдөбүнньүк гынан уура сылдьара. Өссө оччотooҕyгa саҥа сайдан эрэр телевидениеҕа уһуллан, Саха норуодунай театрыгар толорор улахан чиэскэ тиксэн, үөрүү бөҕөнү үөрбүттээх. Туйгун үөрэхтээх студентка үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлэр. Онтон ыла 35 сыл устата сүүһүнэн oҕoнy аҥардас сурукка, тылга эрэ буолбакка, бэйэтин курдук кэрэни кэрэхсииргэ угуйбута саарбаҕа суох. Кэлин да cыанаҕa оонньуурун бырахпатаҕа. Хата өссө сайдан, тупсан испитэ. Ол курдук Абый норуодунай театрыгар кыттыһан, республикатааҕы куонкуруска 22 театртан иккис миэстэни ылан тураллар. Суорун Омоллоон 80 сааһыгар анаан оҥорбут “Сайсары”драматтан быһа тардыыга оонньоон, автор тус бэйэтин илиититтэн хайҕал суругу туппуттаах. Оттон зонатааҕы, оройуоннааҕы көрүүлэргэ хас-хас төгүллээх лауреат, дипломан ааттаммытын бэйэтэ да билбэтэ.
Киһи олоҕо талбыт курдук барыта табыллан испэт, көнө ньуурдаах хонуу устун хаамар буолбатаххын. Үөһэттэн анаммыт ыйааҕы көтүрбэккин, тиксиэхтээх эрэйи хаһан да быһа түспэккин, буолуохтаах буолар. 70-с сыллар саҕаланыылара Акулинаҕа саамай ыар кэм этэ.
“Аһыы”
Хаар түһэр. Хаар түһэр.
Хап-хара хаар түһэр.
Мин оҕом сып-сылаас сүүһүгэр
Хаһан да ууллубат хаар түһэр.
Бу тоҕо?! Туох иһин?!
Ынырык ыйааҕы ылынан
Ытыыр да кыаллыбат түгэнэ.
Хаһыытыах баар этэ. Кимиэхэ?
Истиэ дуо хара хаар Тойоно?
Истиэ дуо Муус тымныы иччитэ?
Хаһыытыах баар этэ Киниэхэ –
Үрдүктэн үрдүккэ - күүстээххэ:
Кып-кыра чыычааҕы тыытыма,
Ып-ыраас дууһаны куттаама!
Буруйдаах тус бэйэ тиийиэҕэ,
Толугун - дууһатын тиэрдиэҕэ!
Абаттан атыны саҥардым,
Анньыыны, сатаммат саҥаны.
Бырах тыл көттөҕө –
Бырастыы, Taҥapa, бырастыы.
Хайдах да эргиппит иһин, бу бытарҕан тымныыга, өҥүрүк куйааска, силлиэҕэ-буурҕаҕа тыыннаах хаалыы, олох салҕанарын туһугар oxcyhyy бастакы күөҥҥэ тахсар. Дьахтар төһөнөн муударай, ис кыаҕын туһанар да, соччонон олоххо тардыһара күүһүрэн иһэр. Акулина булгуруйбат санааланан, туруоруммут сыалын толорорго дьулуһан, бэйэтин хоһоонугар этиллэр нарын ньургуһуннуу олоххо тардыһар иччилээх күүстээх.
Ийэ, эбээ буолан оҕо төрөппүт сыһыаннарын дириҥник өйдөөн, суруйар xohooннopyrap чахчы киһи дууһатын таарыйар тыллары этэр:
“Ийэ сүрэҕэ - оҕоҕо”
Эдэр дьэллик саастарга,
Эрчим боотур кэмнэргэ
Ийэ сылаас илиитин
Суохтуур oҕо аҕыйах.
Арай оҕо хардыытын,
Уҥа-хаҥас хаамыытын,
Ууга-уокка түһүүтүн
Кэтиир Ийэ xapaҕa.
Алдьархайга ааҥнатан
Айгырааабыт түгэҥҥэр
Ыраах-чугас да буоллар
Ыалдьар Ийэ сурэҕэ.
Үтүө аатыҥ ааттанар
Өрөгөйдөөх күннэргэр
Өркөн үөрүү кынаттаах
Көтөр Ийэ дууһата.
Акулина Алексеевна күнэ-ыйа сиэннэриттэн, күн сардаҥата курдук кырачаан дьонноруттан тахсара: Бастакы сиэнэ "Акулина" эбэтин аатын ылта.
Айыыһыт анала,
Ураҥхай yypaaҕa.
Мин Дьылҕам кыайбатах
Таҥара бэлэҕэ –
Мин оҕом оҕото –
Мап -мааны кыысчаан баар.
Эйэҕэс сүрэхтээх
“Эмээччин” диэн ааттаах:
Дууһата - эһэтэ,
Туттара - аҕата,
Күлэрэ - ийэтэ,
Көрөрө - эбэтэ.
Иэйиэхсит иитиэхтиэ,
Ийэ кут иҥэриэ,
Сып-сылаас уйалаах
Кыыс хотун дэттэриэ.
1990 сыл
“Сиэннэрбэр”
Көрдөспүтүм Күн уолуттан,
Ыйыппытым Ый кыыһыттан:
Күлүм гыныҥ, мичик гыныҥ,
Көмөлөһүҥ- - диэбитим.
Күүппүт курдук, эппит курдук,
Күн оҕотун бэлэх уунна.
Улуу уруй туһун курдук,
Уйулҕабын хамсатта.
Махтанабын Үрдүк күүскэ –
Үөрүү кыымын сахпыкка,
Сиэним уолу дьолго анаан,
Сиргэ олор - диэбиккэ.
Сиэнэ Вероника Чиркова ахтыыта:
Наша бабушка, Акулина Алексеевна, была и есть человек с большой буквы. Всегда помогала мне и сестре с уроками по школе, и была только рада этому.
Она была безумно талантливой, как говорят, талантиливый человек талантилив во всем. Многие ее запомнили как автора стихов, затрагивающие до глубины души, другин –как очень высоковалификацированного учителя русского языка и литературы, и конечно же, всем, я уверена, она заполнилась как очень добрый и великодушный человек. Благодаря бабушке во мне привита любовь к литературе. Вспоминая как она виртуозна читала стихи разных писателей, будь то Александр Пушкин, будь то никому неизвестный поэт, бабушка всегда вкладывала душу в прочтение этих строчек, и, помню, у меня всегда пробегала мурашки от того, как она их преподносит. Я благодарна всему, чему она меня научила. И, безусловна, я очень скучаю по ней.
Сиэнэ Даниил Чирков ахтыыта:
Моя бабушка родилась в семье простого колхозника в маленьком селе с красивым названием Крест-Майор на берегу прекрасной реки Индигирки. Там прошло ее счастливое детство. С пятого класса обучалась в Дружинской средней школе. Учеба давалась очень легко. В школьные годы она всегда была в первых рядах отличников учебы и активистов школьной жизни. После окончания восьмого класса за отличную учебу ее отправляли на Всероссийский слет школьников в столицу нашей Родины - Москву. Там она выступала с национальными песнями и танцами и была удостоена Диплома участника слета. В составе делегации школьников со всех республик Советского Союза она объездила все крупные города, как Ленинград. Рига. Побывали также на Золотом ожерелье Черного моря.
Ее восхищении, не было границ от всего увиденного и услышанного, от великолепия дворцов, памятников, музеев и, самое главное, ее поразила русская природа, ее широта и красота. Все это маленькая девочка выразила в стихах:
Потрогав зеленую травку
Поклоны земле не забудь,
Вдыхая речную прохладу Спасибо реке не забудь.
А небо - шатер надо мною Раскинут он лишь для меня.
Все видит хозяин Вселенной Спасибо, поклон не забудь.
Подружилась со многими детьми из разных республик, долго переписывалась с ними. И у нее до сих пор сохранились письма и фотографии тех далеких счастливых дней.
В 8 классе она участвовала в республиканском конкурсе поэтов и писателей, заняла почетное второе место и была награждена денежным призом в сумме 100 рублей. В то время это была огромная сумма. Бабушка на эти деньги купила себе зимнее пальто с меховым воротником. Это было начало ее творческого пути, как поэта и писателя. Школьные годы она занималась спортом, Особенно ей нравилась легкая атлетика, о чем говорят Дипломы и грамоты общества «Урожай». Моя бабушка даже после рождения детей занималась спортом. Меня очень поразило то, что она была награждена переходящим Кубком по пулевой стрельбе. Я знаю, что она с детства с родителями ходила на охоту, поэтому у нее такая меткость в стрельбе. После окончания средней школы бабушку отправили в с. Кэбэргэнэ, учительницей начальной школы, тогда ей было всего 17 лет. Дети ее очень любили за заботу, доброту. Всем классом ходили в походы, разучивали песни, танцы, ставили концерты. Тогда были очень организованные и активные пионерские отряды. По инициативе самих пионеров организовывались тимурские отряды, которые помогали старикам колоть дрова, таскать воду. Такие субботники сплачивали детские коллективы, воспитывали уважению старших. Ее пионеры шефствовали над октябрятами младших классов. Для них организовывались различные игры, викторины, конкурсы по истории, культуре родного края и почетных людей своего колхоза и наслега.
Бабушка полюбила работу педагога и поступила в Якутский государственный университет на факультет русского языка и литературы. В студенческие годы моя бабушка постоянно сочиняла стихи, выступала на концертах. Была солисткой студенческого ансамбля «Рассвет» и участвовала в студенческой драматической студии при Якутском государственном театре под руководством Заслуженного артистка ЯАССР Сергучева JI.JI.
Их спектакль «Лоокуут и Ньургуһун» был по просьбе зрителей поставлен в самом Якутском государственном театре и заснят на только что появившееся первое телевидение.
Закончив университет, приехала в родной район и начала работать в Майорской средней школе организатором внеклассной работы и проводила все праздничные, внешкольные мероприятия.
Пять лет она проработала директором Майорской средней школы. В эти годы школа выходила на первое место по успеваемости и по смотрам художественной самодеятельности. Тогда была заложена основа будущего знаменитого национального эвенского ансамбля «Нонгдан». Моя бабушка сама ставила танцы для детей на основе национальных песен, а костюмы сами придумывали и шили с родителями детей. Кроме того, в школе работал детский театр, где ставили спектакли по знаменитым сказкам А.С. Пушкина, басням И.Л. Крылова и, конечно, по якутской и эвенской фольклорной тематике. Дети с великим удовольствием занимались во всех проводимых кружках, а старшеклассники изготавливали по эскизам учителя груда и рисования великолепные национальные костюмы богатырей из эпоса олонхо. Все родители, школа жили и работали единой семьей. Моя бабушка вспоминает и рассказывает о тех временах с огромной любовью и легкой грустью.
Мне нравится, когда мою бабушку встречают и приветствуют взрослые люди, которых она когда-то учила в школе, и с удовольствием замечаю, что ее очень уважают и любят, чем я тоже очень горжусь.
Когда я читаю многочисленные Грамоты, Благодарственные письма. Памятные адреса, то действительно начинаю понимать, что моя бабушка очень уважаемый человек. Например, пишут, что «Ее выпускники трудятся во многих отраслях народного хозяйства во многих уголках нашей республики и с теплотой и благодарностью отзываются о ее долготерпении, справедливости, доброжелательности, чуткости». Она помогла обрести уверенность в себе, возможность трудится и счастливо жить. Так высоко оценили ее труд руководители нашего района и республики.
Моя бабушка пишет прекрасные стихи на якутском и русском языках о природе, о красоте родного края, о прекрасных, мужественных и трудолюбивых людях крайнего севера. Ее стихи и рассказы много печатают из страницах местной и республиканских газет, журналов.
Является членом литературно-музыкального объединения «Хобо».
Бабушка — член Союза литераторов Республики Саха (Якутия). Она автор многих книг, сборника стихов « Дойдум, дьонум, ахтылҕаным». На ее стихи написаны песни, которые с успехом исполняют лауреаты и дипломанты различных республиканских конкурсов и смотров, по некоторым песням ставились танцы. Кроме песен и стихов она пишет пьесы и драмы, миниатюры, сценки, интермедии. Сама очень хорошо исполняет главные роли в спектаклях народного театра. Является многократным лауреатом конкурсов - смотров исполнителей национальных песен и танцев.
Кроме всего, она занимается переводами рассказов, стихов и пьес русских авторов, поэтов и писателей. Я горжусь тем, что она пропагандирует творчество других людей, собирает и выпускает книги местных авторов «Хобо дуорааннара», «Дууһам кута-Майыарым".
О моей бабушке выходила телепередача на республиканском телевидении, как о человеке с оригинальным талантом. Она там пела, танцевала, играла на хомусе, читала свои стихи, рассказывала о чудесах своего родного края, о нетающих льдах - тарынах, о никогда не замерзающих горячих ключах на реке Индигирки. Об этой передаче было много отзывов, звонков и писем от телезрителей. В последние годы моя бабушка проработала председателем Совета ветеранов улуса, организовала ансамбль ветеранов «Алгыс», без участия которого не обходится ни один концерт, ни одна встреча, ни один национальный праздник - ысыах. В 2000 году по вызову республиканского Совета ветеранов моя бабушка ездила на встречу нового тысячелетия - XXI века по священным местам Якутии и величавой реки Лена и в числе 30 председателей Совета ветеранов она была удостоена знака «Почетный ветеран России». Мне нравится, что моя бабушка всегда веселая, жизнерадостная, готова во всем помочь детям, внукам и тем, кто нуждается в ее поддержке и дружеском совете.
Моя бабушка великолепно шьет национальные костюмы, шапки, унты, рукавички, вяжет, вкусно готовит, всегда встречает нас с радостью. Мне нравится с ней разговаривать по душам, слушать ее рассказы о детстве, о родном Крест-Майоре, о детях, как они росли.
Сааһыран да баран ырыатын-тойугун кытта арахсыбат, ветераннарга, кырдьаҕастарга “Алгыс" ансамбль тэрийсэн бэйэтин тылларынан эттэххэ:
“Дьону үөрдэ,
Дьолу таҥа,
Хатат кыымын
Уотун саҕа”
Акулина Алексеевна 2000 сыллаахха “Аҕа дойду сэриитин, тыыл уонна үлэ ветераннарын Бүтүн Россиятааҕы тэрилтэлэрин" бочуоттаах ветерана знагынан наҕараадаламмыта.
Дьахтар бу сиргэ кэлбит анала, омос көрдөххө, бииртэн биир майгыннаһар курдук. Кэргэн тахсан, оҕо төрөтөн, улаатыннаран, дьиэ-уот көрүүтэ. Ол да буоллар оҥоруохпун оҥордум, ситиһиэхпин ситистим диирэ тутах буолуо.