http://www.culture.ru/
Алтынньы 5 күнэ - Учуутал күнэ
Алтынньы 5 күнэ – Учуутал күнэ. 1994 сылтан ЮНЕСКО бигэргэтиитинэн Аан дойдутааҕы Учуутал күнэ олохтоммута. Бу күн ЮНЕСКО уонна Үлэ аан дойдутааҕы тэрилтэлэрэ тэрийбит конференцияларыгар “Учууталлар балаһыанньаларын туһунан” бастакы суолталаах докумуону ылыммыта. Бу бырааһынньык учуутал уопсастыбаҕа улахан суолтатын, үөрэхтээһиҥҥэ уонна сайдыыга сүдү оруоллааҕын болҕомтоҕо ылар сыалтан төрүттэммитэ.
Абый улууһугар араас кэмҥэ үлэлээбит бочуоттаах бэтэрээннэрбитин, билигин улууспутугар уонна атын сирдэргэ үлэлии-хамсыы сылдьар учууталлары бука барыгытын идэлээх бырааһынньыккытынан ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Учуутал – хас биирдии киһи олоҕор ураты суолу хаалларар ытык киһи. Эһиги үүнэр көлүөнэни уонна ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарар бочуоттаах уонна уустук соругу толорор дьон буолаҕыт. Хас биирдиигитигэр чэгиэн-чэбдик буолууну, тускулаах олоҕу уонна айымньылаах өрө көтөҕүллүүнү баҕарабыт! Үөрэнээччилэргит ситиһиилэринэн, билиигэ тардыһыыларынан эһигини мэлдьи үөрдэ турдуннар!
Күндү аа5ааччылар, эhиги бол5омто5утугар Абый улууhугар араас кэмнэргэ үлэлээбит учууталлар тустарынан ссылканнан киирэн аа5ыҥ, сэргээн - https://dk83.esgms.ru/info/20