http://www.culture.ru/
Слепцов Дмитрий Гаврильевич 100 сааһыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ
Сэтинньи 10 күнүгэр киин библиотекаҕа биир дойдулаахпыт Слепцов Дмитрий Гаврильевич 100 сааһыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста.
Дмитрий Гаврильевич Абый историятын кэрэһитэ, энциклопедията да диэххэ сөп. Кини – үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо, ССРС тыатын хаһаайытыбатын туйгуна, 1947 с. «1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», 1950 с. «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтигэр килбиэннээх үлэ иһин» мэтээллэрдээх, Саха өрөспүүбүлүкэтин «Үйэ саас» уһун үйэлэнии бочуоттаах бэлиэ хаһаайына.
Слепцов Дмитрий Гаврильевич сэтинньи 8 күнүгэр 1922 сыллаахха Элгэс улууһун Орто Дойду нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Муома улууһугар) төрөөбүтэ. Кини биир саастааҕар тулаайах хаалан, 80 саастаах эбэтигэр 3 сааһыгар диэри иитиллибитэ. Үс сааһыгар эбэтэ Абый сириттэн сылдьар Слепцов Егор Константинович диэн киһиэхэ оччотооҕу ыар олох күһээйиитинэн ииттэрэ биэрбитэ. Егор Константинович дойдутугар, Муҥурдаах нэһилиэгэр олорор кырдьаҕас ийэтигэр аҕалбыта. Бу ытык кырдьаҕаска 3 сыл иитиллэн 6 сааһын туолуутугар Майыар нэһилиэгин киһитигэр, оҕото суох Николай Рязанскайга биэрбиттэрэ. Бу ыалга 4 сыл олорбута.
1932 сыллаахха Майыар алын сүһүөхтээх оскуолатыгар киирбитэ. 1937 сыллаахха начаалынай оскуола 4-с кылааһын бүтэрбитэ. Ол курдук, кэлин үтүө санаалаах ытык киһи Черемкин Дмитрий Степанович (Бүттээх) ылан, доҕор оҥостон, бииргэ олорбуттара. Дмитрий Степановичка (Бүттээххэ) олорбутун, иитиллибитин туохтан да күндүтүк саныыра, сааһын тухары умнубатаҕа. Кини ол ииппит дьоннорун барыларын итии, сылаас, махталлаах тылларынан ахтара.
Бу бириэмэлэргэ үөрэхтээх дьон суохтарын кэриэтэ этэ. Ол иһин, сонно тута, араас үлэни барытын толорон киирэн бараллара. Кини 15 эрэ саастаах да буоллар, «Кыһамньылаах» диэн Майыарга тэриллибит табаарыстыба биир тутаах үлэһитинэн суоччутунан үлэлээн киирэн барбыта. Бу үлэтигэр туох да эрэйэ суох 3 сыл үлэлээбитэ, хата мэлдьи хайгыыллара эрэ эбит: көнөтүн, сүрэҕин, үлэтин кыайарын иһин.
1941-1946 сыллардаахха улуу сэрии сылларыгар чиэстээхтик Майыар Сэбиэтин сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ. Тыылга үлэтэ 1948 сыллаахха «Килбиэннээх үлэ иһин» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. 1946 сылтан бэтэринээр-биэссэр идэтигэр үөрэнэн баран, олох тохтообокко таба иитиитин салаатын босхоломмут биригэдьииринэн 1990 сылга диэри үлэлээбитэ. Онон кини таба иитиитин уһун кэмнэргэ салайсыбыт, сайыннарбыт тутаах дьонтон биирдэстэрэ буолар. Кини үлэлиир кэмигэр таба иитиитэ саамай үрдүк кэрдиискэ тахсыбыта. Таба уопсай ахсаана 1980-81 сылларга 7297 төбөҕө тиийбитэ.
1948 с. Дмитрий Гаврильевич Акулина Гаврильевналыын ыал буолан, 62 сыл бииргэ олорон, 8 оҕолонон, 9 сиэннэнэн, 6 хос сиэннэнэн нэһилиэк, улуус киэн туттар ытык ыала, эдэр ыалларга холобур буолар дьиэ кэргэн буолан дьоллоохтук олорбуттара.
Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ үлэҕэ сыстаҕас, үлэттэн саллыбат, төрөөбүт дойдуларын дьонун-сэргэтин таптыыр, ытыктыыр, ытыктанар үлэһит дьон буолан үлэлии хамныы сылдьаллар.
Улахан кыргыттар Панна Дмитриевна, Зинаида Дмитриевна доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлии хамсыы сылдьаллар, Елена Дмитриевна Белай Гора гимназиятыгар үлэлиир, Жанна Дмитриевна – Майыардааҕы оҕо уһуйааныгар өр сыларга үлэлээбитэ, билигин пенсияҕа олорор, Дмитрий Дмитриевич – Майыардааҕы национальнай культура киинигэр үлэлиир, кыра кыыс Акулина Дмитриевна 22 сыл улууска Үөрэхтээһин салалтатыгар үлэлээбитэ, билигин Дьокуускай куоракка олорор.
Сурукка бичиккэ, тылга өскө эһэтин утумнаабыт уонна кини илииннэн суруйбут үлэлэрин кэриэс гынан ылан хаалбыт сиэнэ, Белай Гора гимназиятын диреторынан өр сылларга үлэлээбит, билигин Приморскай кыраай Акучино бөһүөлэгин орто оскуолатын директора Гаврил Пантелеймонович Атласов видеонан ахтыыта:
Дмитрий Гаврильевич дьоһуннаах олохтоох, сэмэй, сүрдээх үлэһит, наар общество дьыалатын инники туппут, Сэбиэскэй былаас, партия биир саамай эрэллээх саллаата, ол кэмнэр саамай чулуу, бастыҥ, эдэр ыччакка холобур буолар киһилэрэ диэххэ сөп. Саха Сирин уһук хотугулуу-илин улуустарын Дьааҥыннан, Халыманнан, Индигиринэн таба – ат эрэ сылдьар кэмнэригэр кэрийбит киэҥ ыырдаах, хорсун, сатабыллаах, айан уустуктарын этинэн-хаанынан билбит айанньыт, үлэһит киһиннэн биллэр этэ.
Дмитрий Гаврильевич бииргэ төрөөбүт балта Черемкина Христина Николаевна видеонан ахтыыта:
Кини олоҕу дириҥник анаарара. Бэрт былыргы кэмнэртэн ыла саҕалаан, өтөрдөөҕү соҕус олорон ааспыт дьоннор олохторун баарынан суруйара. Элбэх чахчыны, быһылааннары кини суруйууларыттан эрэ биһиги аныгы дьон билиэхпитин сөп. Үгүс былыргы дьонтон элбэххэ үөрэниэххэ, кинилэр дьоҥҥо холобур буолуохтарын да сөп.
Майыар нэһилиэгин бэтэрээннэрин советтарын председателинэн 15 сыл үлэлээбит, чугастык алтыспыт биир дойдулааҕа Слепцова Акулина Семеновна видеонан ахтыыта:
2000 сыллаахха Дмитрий Гаврильевич «Индигир эйгэтигэр» кинигэтэ саха бөдөҥ суруйааччыта, хотугу улуустары үчүгэйдик билэр, үөрэппит Семен Дадаскинов көмөтүнэн тахсыбыта.
Абый улууһун гимназиятын үөрэнээччилэрэ «Индигир эйгэтигэр» диэн очеркаларын кинигэтин туһанан элбэх үлэни суруйбуттара. Ол үлэлэр «Ефимовскай ааҕыыларга» талыллан, республикатааҕы академик В.П.Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ кыттан үрдүк сыанабылы ылбыттара.
Дмитрий Гаврильевич элбэх хомуйбут, муспут, суруйбут матырыйааллара научнай суолталаах, кини суруйарыгар дьиҥнээх кырдьыгы туох да эбиитэ, үлүннэриитэ тупсарыыта суох суруйара. Ол иһин кини суруйуута научнай, чахчы, туоһу быһыытынан тылыттан тылыгар туттуллар.
Майыар нэһилиэгин социальнай харалта салалтатын социальнай үлэһитэ Черева Христина Степановна аудио ахтыыта:
Дмитрий Гаврильевич сыралаах үлэтэ үрдүк билиниини ылбыта. Биһиги улууспут историятын, чахчыларын, дьонун олохторун-дьаһахтарын үөрэппит, элбэх киһини кытта тыыннаахтарына сирэй көрсөн кэпсэппит, кэпсэтиитин сурукка киллэрбит бэрт сэдэх, баҕар соҕотох да киһи буолуо. Кини кэпсээннэригэр, үһүйээннэригэр төрөөбүт дойдубутун үөрэтиигэ, ханнык туох дьон олорон ааспыттарын суруйан тугунан да кээмэйдэммэт үтүөнү оҥордо.
Флейта5а сиэнэ Слепцов Антон оонньуур: