Норуот эмтиэкэтэ - норуот ньымата

Биһиги улууспутугар элбэх биллэр норуот эмчиттэрэ, отоһуттара төрөөн -үөскээн олорбуттара. Норуоттан тахсыбыт дьон – Аар айылҕа оҕолоро, араас ыарыыларга айылҕа биэрэр отун-маһын хамаҕаттык туһаналлара.

Норуот эмчитэ Матрена Чиркова “Эбээ Мотуруона” сүбэлэрэ:
Киһиэхэ кыһыл отон олох үчүгэй. Урут биһиги өбүгэлэрбит отону  остуолга уурунан олорон сииллэрэ. Биһи буоллаҕына саахар бөҕөтүн кутан, уокка оргутан битэмиинин барытын сүтэрэн кэбиһэбит. Саатар кыратык саахар бытарытан, бэйэтинэн сиэххэ наада.
- Буруусунньук уга (отон) үчүгэй. Ону даҕаны ханна үүнэринэн хомуйаллар. Сайылыкка олордохпуна мин анныбынан оробуочайдыыр сэттис кылаас кыыһа баара. Ол ийэтэ быарынан ыалдьан,Дуруһуунаҕа сытынан кэбиспит. Онуоха бөһүөлэккэ сатыылаан иһэн маҥан муох ортотугар уһун уһуктаах, биир икки отонноох буруусунньукка түбэстибит. Ону көрөн кыыспар Доҕоор , бу маны хамыйан ийэҕэр иһэрт.Силистэри-баҕастары хаммыйан баран, ууга сайҕааат хатараар. Хаппытын кэннэ чэй курдук иһэрдээр – диэн сүбэлээбитим. Ол кэннэ эмээхсин иһэ тардан хаалбыта уонна сүүһүн туолан баран өлбүтэ.
- Кучу от  сурэххэ учугэй
- Саамай дөлөһүөн сэбирдэҕин биһириибин. Тымырдаргын ыраастыыр. Сэбирдэҕэ хагдарыйа илигинэ, күөх сэбирдэҕи хатаран баран чэй курдук оргутан иһэҕин. Силиһэ тахсан турарын хомуйан эмиэ хатаран иһээччибин.

“Айыы санаалаах эмчит” Дохунаева Анна Васильевна сүбэлэрэ:
- Ньээм-ньээм биир үтүө өрүтэ – элбэхтик ииктэтэр. А уонна С битэмииннэрдээх, быар үлэтин тупсарар.
- Ааспат сөтөлгө хартыыһа олус эмтээх.
Хартыыһа аптекаҕа атыыланар. Сылаас арыыга махровай соттортон тигиллибит сэлиэччиги уймаан баран итиилии ыарыһахха кэтэрдиллэр уонна ол үрдүнэн аптека хартыыһатын кураанахтыы ууруллар. Арыыта өппөтүн курдук кэлгийэн уһун түүҥҥэ хааллараллар. Сарсыарда ылыллар.Ыарыһах бу күн таһырдьа тахсыбат, үргүөргэ олорбот.
Ааспат-арахпат сөтөл буулаатаҕына атаххын 15-20 мүнүүтэ сылаас ууга кичэйэн сылыт. Ууттан таһаараат атаххын кичэйэн кураанах гына сотун уонна мас арыытынан ньалҕаарыччы сотон баран ыраас кумааҕыннан атаххын суулаа.Кумааҕын үрдүнэн салапаан мөһөөччүгү кэтэн баран үрдүнэн наскыларгын кэтэн утуй.
- Дьөлөһүөн силиһин сууйан, куурдан, кырбаан 100 гр иһиккэ уган сабыар диэри водканы кутан , 3 нэдиэлэ курдук туруорарн баран, ыалдьар сүһүөҕү сотто сырыттахха ыарыыта мүлүрүйэр.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ