http://www.culture.ru/
Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук бичик күнүгэр аналлаах тэрээhиннэр
Абый улууhун библиотекалара бу күҥҥэ сибээстээх тэрээhиннэри култуура эйгэтин үлэhиттэрин кытары өрө көтөҕүллээхтик тэрийэн ыыттылар.
Саха норуотун тылын - өһүн сайдыытыгар улахан өҥөлөөх, чаҕылхай олоҕу олорон ааспыт Семен Андреевич Новгородов оҕо сааһын олоҕуттан быһа тардан дьүһүйдүлэр, саха норуота үөрэххэ, сырдыкка талаһыахтаах, суруктаах - бичиктээх буолуохтаах диэн санаанан салайтаран, сахалыы алпабыытын төрүттээбитин өссө биирдэ чиҥэтэн сэһэргэстилэр. Өс хоһооно - киһини кэрэҕэ сирдиир, сырдыкка угуйар норуот өркөн өйө, улуу муудараһыгар олоҕуран араас өрүттээх күрэхтэр ыытылыннылар.
Уһуйаан иитиллээччилэригэр: "Сахалыы саҥалаах буоламмын..." хоһоон күрэҕэ, саха остуоруйата кэрэҕэ сирдииригэр олоҕуран остуоруйа аахтылар, "Саха суруйааччылара о5олорго" диэн билсиhии уроктар ыытылыннылар, о5олор Саха о5о суруйаачыларын кытта билистилэр, таабырыннары таайдылар. Саха таҥаһын биир уратытынан кини киэргэллэригэр - симэхтэригэр суолта биэрэн сэҥээрдилэр.
Биир бэлиэ түгэнинэн Сахалыы итии - истиҥ эҕэрдэ толорон, тэрээһини оһуохайынан түмүктээтилэр.