Киин библиотека5а "Аман өс" күрэ5э

Кулун тутар 21 күнүгэр улуустааҕы киин библиотека көҕүлээһининэн сылын аайы ыытыллар "Аман өс" күрэх буолан ааста. Быйылгы күрэх дойдубут президенэ биллэрбит "Педагог уонна уһуйааччы" уонна Ил Дархан биллэрбит "Үлэ сылыгар" ананна.

Күрэх кэтэхтэн ыытылынна – жюри эрдэ уһуллубут видеоларынан сыаналаата. Оҕо бэлэмэ, саҥарар дьоҕура тута киһи хараҕар быраҕыллар. Манна даҕатан эттэххэ, учууталлар үөрэтиилэрэ, оскуола, нэһилиэк уратыта барыта оҕо кэпсиир быһыытыгар, тиэмэни арыйар кыаҕыгар ойууланан көһүннэ.

Куонкурус икки бөлөҕүнэн барда. Бастакы бөлөххө - 8-9 кылаас оҕолоро, иккискэ - 10-11 кылаастар кытыннылар. Сытыы тыллаах, ис-киирбэх дьүһүннээх, киһини эрэ манньытан тардар араатардар бастакы категорияҕа элбэхтэр. Уопсайа күрэххэ 8 оҕо кытынна. Күрэх усулуобуйатынан 1 түһүмэххэ нуучча тылынан "Наставник нашей школы" диэн тиэмэҕэ нууччалыы, иккис түһүмэххэ "Норуот үлэһиттэрэ", "Үтүөлээх үлэһиттэр", «Улуус киэн туттар дьоно", "Оройуон сайдыытыгар сүҥкэн кылааты укпуттар" уо.д.а тиэмэлэргэ сахалыы саҥаран чугдаардылар.

Күрэҕи улуустааҕы киин библиотека дириэктэрэ Виктория Явловская, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын уопсай отделын салайааччыта Александр Винокуров, улуустааҕы  киин библиотека сүрүн библиотекардара Кристина Слепцова, Елизавета Яковлева сыаналаатылар. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы бөлөххө кыайыылааҕынан Абый орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Юрий Слепцов таҕыста, иккис миэстэ Абый орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Вероника Дохунаева, үһүс бочуоттаах миэстэ Белай Гора гимназиятын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Нарина Старкова буоллулар.  Иккис бөлөххө 2-с миэстэҕэ Абый орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Богдан Слепцов таҕыста.

Миэстэҕэ тиксибит үөрэнээччилэр сыаналаах бириистэринэн, дипломнарынан наҕараадаланнылар. Кыттыбыттарын иһин оҕолорго сертификат туттарылынна.

Оҕолорго, бэлэмнээбит учууталларга махтанабыт, эһиил эмиэ күрэххэ күүтэбит.

 

 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ