Слепцов Николай Семенович-Радист олохтоох ааптар 90 саастаах үбулүөйугэр аналлаах көрсүһүү буолан ааста

Ыам ыйын 12 уонна 18 күнүгэр улуустааҕы киин библиотекаҕа уонна Ураhалаах библиотекатыгар Слепцов Николай Семенович-Радист олохтоох ааптар, 90 саастаах үбүлүөйүгэр аналлаах "Хомоҕой хоһоонньут Ньукулай" диэн ааттаах көрсүһүү буолан ааста.

Бу күн манна муһуннулар, Николай Радист чугас аймахтара, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно, кини айымньыларын биһирээччилэр.

"Николай Семенович Слепцов өрүү киһини үөрэ-көтө көрсөр сэргэх киһи этэ. Киниэхэ культура уонна искусство "сыстыбыт" киһитэ. Художественнай самодеятельность артиһа, ыллыаҕа да, хоһоон да ааҕыаҕа, эдэригэр олус үҥкүүһүт этэ. Илиитигэр эмиэ талааннаах - Уус. Айылҕалыын "эн-мин" дэһэр балыксыт, булчут. Ити барыта биир киһи - Николай Радист", - диэн Егор Васильевич Дохунаев, ыкса билсибит  "Оо, кини дуо!?" дэтэр миигиттэн саастаах табаарыстарбыттан биирдэстэрэ Николай Семенович Слепцов - Радист Коля биһиги өйбүтүгүгэр өрүү баар"  диэн Егор Дохунаев ахтан санаан ааспытын иһиттибит.

Николай Семенович халыҥ аймахтара Алексей Васильевич Слепцов оҕолоро Галина, Максим, Платон, Алина, Леонид, кини туһунан бэрт ис хоһоонноохтук ахтан аныгы үйэ хаамытынан видео ахтыыларын бэркэ сэҥээрин көрдүбүт. Николай Радистка кырдьык да айылҕа барахсан талаанын кэрээммэккэ барытын кутан биэрбит, Улуу киһибит диэн хайҕыы-астына көрдүбүт.

Истиҥ тыллаах керсүһүүгэ биһиги улууспут баһылыга Владимир Вадимович Новиков, Ытык кырдьаҕаһы убаастаан, бочуоттаан кэлэн, ахтан-санаан аһарда. Николай Радист кырдьык да илиитигэр талааннааҕын, кэлэр кэнчээри ыччат сайдыытыгар сүҥкэн кылааты укпутун мэктиэлээтэ.

Николай Семенович хомоҕой тыллаах поэт, кини ааһан иһэн бүгүн буола турары тута хоһуйара. Өссө кини көрдөөх-күлүүлээх, сытыы тыллаах айымньылары суруйара. Мустубут дьоннорго айымньыттан быһа тардан сыаҥка, араас кэмнэргэ суруллубут хоһоону "Дьүрүскэн" хомус ансаамбыл ааҕан, онтон хомустаан, Николай Радист туйаҕын хатарааччылар хос сиэнэ Радмир Прокопьев толоруутугар "Прадедушка" ырыа, хос сиэнэ Кандинская Кристина уонна сиэнэ Слепцова Настя толорууларыгар эһэлэрэ сөбүлээн үҥкүлүүр "Яблочконы" толордулар. Ону таһынан Александр Меркулов Николай Радист хоһоонугар суруйбут "Дьол кыымын мичээрдээ", бырааттара Максим уонна Платон Николай Радист хоһоонноругар суруйбут ырыаларын иһиттибит. Киэһээни киэргэттилэр "Кыраһа" вокалаьнай ансаамбыл уонна эҕэрдэ тылын кытта ырыанна киэргэттэ Абый күөрэгэйэ Аграфена Глушак.

Николай Семенович аймаҕа Клавдия Щербакова, труд учууталынан үлэлээбит Ураһалаах орто оскуолатын кэлэктиибэ, өр сылларга Абый улууһугар социальнай харалта салайааччытынан, оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн, улуустааҕы депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Елена Афанасьевна Ильяхова, Екатерина Соломова суруналыыстыы сылдьан устубут "Хобо" суруйааччылар түмсүүлэрин видеолара көрсүһүүнү сэргэхситтилэр.

Николай Семенович Слепцов, үөрэҕэ суох чулуу суруйааччы буоларын, буруолуу сылдьар хоһооннорун бастакыннан аахпыт, киэҥ араҥаҕа тарҕаппыт улуус хаһыатын  эрэдээктэрэ Александра Заровняева, тылыгар өһүгэр көмө-тирэх буолбут өр кэмҥэ Саха тылын учууталынан үлэлээбит Анна Николаевна Явловская, культура управлениятын методиһа Екатерина Соломова, Майыар нэһилиэгэр биир кэмҥэ олорбут, үлэлээбит Николай Николаевич Черемкин,  Анатолий Николаевич Софронов ахтан-санаан аастылар.

Николай Радист чахчы киһиэхэ сырдык санааны, үтүөнү, эрэли саҕахтыыра. Ол туоһутунан элбэх хоһооннор ырыа буолан көппүттэрэ. Николай Семенович кэргэнинээн Евдокия Ивановналыын  46 сыл эйэлээхтик олорон, туйаҕын хатарар 7 оҕону төрөтөн, 26 сиэннэнэн, 13 хос сиэннэнэн дьоллоох, баай-дуол олоҕу олорон ааспыта. 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ