http://www.culture.ru/
Чиркова Матрена Константиновна 100 сааһыгар аналлаах сэһэргэһии-кэпсэтии киэһэтэ
Улуустааҕы киин библиотекаҕа ыам ыйын 11 күнүгэр норуот эмчитэ, алгысчыт, Абый улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Чиркова Матрена Константиновна 100 сааһыгар аналлаах сэһэргэһии-кэпсэтии киэһэтэ буолан ааста.
Айылҕабыт барахсан саамай тыллар-уһуктар кэмигэр айылҕаттан айдарыылаах, олус сэмэй, үтүө санаалаах, улуу Айыылартан үөттэриилээх, сырдык Айыылартан анатыылаах Айыы ойууна, Улуу Эһээбит Абый кырдьаҕаһа Көстөкүүн Уйбаанабыс Чирков, улахан кыыһа норуот эмчитэ, алгысчыт, аҕата таптаан ааттыыр "Туллуга", "Халлаан анарын сырдатааччы" Абый улууһун бочуоттаах олохтооҕо Матрена Константиновна Чиркова 100 сааһыгар Улуу киһибитин ахтан-санаан ааһыах иннинэ Айыылартан көҥүлү көрдөөн, Аркадий Егоров сыт таһааран Алгыс тылын эттэ.
Көрсүһүүгэ "Эбээ Матрена" биир дойдулаахтара, эбээ тыыннаах туоһулара, өр кэмҥэ кинилиин алтыспыт, "Эбээҕэ" эмтэммит махталлаах дьон муһуннулар. "Эбээ" олус сэмэй, сырдык киһи этэ, олус холкута, онон сэһэргэһии холкутук, интэриэһинэйдик 3 чаас аҕыйах мүнүүтэ курдук буолан ааста.
Түмүккэ Матрена Константиновна 100 сааһыгар анаан кини бэйэтэ сөбүлүүр 5 өҥнөөх саламатын баайдыбыт, ол өҥнөр "Эбээ" Матрена этэринэн: үрүҥ өҥ биһиги ийэ куппут, халлаан күөх өҥ -салгын куппут, хараҥатыны өҥнөөх салама - буор куппут, онтон саһархай өҥ биһиги күммүт, кыһыл өҥ тыыннаах буолуу, олох өҥө. Бары үс куппутун бу орто дойдуга күн анныгар харыстаан тыыннаах сылдьыахха!
Ону таһынан улуус нэһилиэктэригэр Матрена Константиновнаны кэрэхсибиллээх тэрээһиннэр буолан аастылар. Эбээ Матрена чугас дьонноро, сиэннэрэ, биир дойдулаахтара, араас сылларга эмтэммит дьоннор көрсүһүүгэ кэлэн, Матрена Константиновна үтүө санаатын өйдөөн, ахтан санаан истиҥ махталлаах биэчэрдэр буолан аастылар.