Н.В.Слепцов - Николай Абыйчанин торообут кунэ

Ыам ыйын 13 күнэ - ССРС Суруналыыстарын, Суруйааччылар союзтарын чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүѳлээх үлэһитэ, ССРС бэчээтин туйгуна, Абый улууһун Бочуоттаах гражданина, поэт, прозаик, суруналыыс Николай Васильевич Слепцов – Николай Абыйчанин төрөөбүт күнэ. Кини модун санаатынан, олоххо дьулуурунан, Абыйын сирин ааттатан, саха литературатыгар бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт сүгүрүйэр суруйааччыбыт буолар. Кинини «Абый Эрилик Эристиинэ, Николай Островскайа», «сытыы бѳрүѳлээх ыстаал киһи» диэн сѳҕѳ-махтайа ааттыыллара, ааттыахтара да турда5а. 

Николай Абыйчанин бастакы группалаах инбэлиит, кулгаа5ынан тугу да истибэт таас дьүлэй, саңатын киһи сатаан истибэт, аңаар хара5ынан лупанан эрэ кѳрѳр киһи баттыктаах тайахха ѳйѳнѳн, айымньылаахтык олорбут олоҕун геройдуу хорсун быһыыга тэҥниэххэ сөп.

"Таммах да саҕа буоллар, дьоҥҥо туһалыыр иэспин төлөөн, кэннибэр кэрэни-үтүөнү эрэ хааллараары бу олоххо олоробун". 

Николай Абыйчанин

* Суруйааччы олоҕуттан хаартыскалар.

* 2020с. "Абыйчанин беседката" (Майыар нэһилиэгэ).

* Михаил Владимирович Слепцов - Абыйчанин сиэн быраата айар үлэтин саҕалаата.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ