Сынньалаҥҥа ааҕаргытыгар

“Хараҥа сискэ” Урсун

Кинигэ5э саха биллиилээх поэта, кириитигэ,тылбаасчыта Н.Е.Винокуров -  Урсун урут бэчээттэммит, ону тэнэ сана сонун кэпсээннэрэ о5о сааьын умнуллубат тугэннэрин,олоххо киьи уейбэтэх-ахтыбатах еттуттэн кестер моьоллору, булт дьикти тубэлтэлэрэ аа5ааччыны долгутар гына кэрэхсэбиллээхтик сэһэргииллэр. Умсугутуулаах айымнньылар суруйааччыны туспа суоллаах-иистээх прозаик быьыытынан билиһиннэриэхтэрэ.

“Аан талҕа” Куорсуннаах

Ромааҥҥа ааптар  XIX - XX уйэлэр кирбиилэригэр Россия5а буолбут улахан историческай уларыйыылар кытыы сирдэргэ олохтоох омуктарга туох омсону эбэтэр үтүө өрүттэри киллэрбиттэрин XXI үйэ киһитин көрүүтүнэн анаарар .Сурун хамсатар куус - Оруоһуттар а5а уустара. Роман эйгэтэ киэн. Бутун Россия урдунэн тахсыбыт политическай ал5ас дойду буттуун улуу трагедиятын быьыытынан кердеруллэр буолан Сибиир, Россия киин етте хабыллар.

“Алаас кистэлэҥнээх кэпсээннэрэ” И. Колосов

Сэрии, тыыл бэтэрээнэ Семен Колосов хаалларбыт суруйууларыгар былыргы олохтон уьуйээн-номох буолбут араас тубэлтэлэр, ойууннааьын- уда5аннааьын, итэ5элгэ сыьыаннаах иччи-абааьы туьунан сэьэннэр итэ5этиилээхтик ойууланаллар, сир ааттара, кимнээх олоро сылдьыбыттара кэпсэнэр. Аа5ааччы киэн аранатыгар ананар.

“Айдарыылаахтар”

Кинигэ5э Чурапчы улууьун айыл5аттан айдарыылаах, дьикти дьо5урдаах ойууннарын, уда5аннарын, отоьуттарын тустарынан ахтыылар тумуллэн киирдилэр. Кэнчээри ыччаппыт торут культуратын, омук быьыытынан угэстэрин уорэтэригэр, чиничийэригэр уонна сайыннарарыгар туьаныан соп. Аа5ааччы киэн аранатыгар ананар.

 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ