Абый улууhугар Ил дархан А.С.Николаев кэлэн барда

Алтынньы 13 кунугэр Абый улууhугар Ил дархан А.С.Николаев кэлэн барда, ол курдук Майыар нэhилиэгэр сырыытын туhунан биhиги Майыардаа5ы библиотекарьбыт интервыю ылла:

- Айсен Сергeевич, баһаальста аҕыйах тылынан Майыар нэһилиэгэр кэлэ сылдьыбыт санааҕын этиэҥ дуо?

 - Кэбэргэнэ нэһилиэгиттэн сүрдээҕин үөрэн-көтөн баран эрэбин. Дьон санаата наһаа үчүгэй. Төһө даҕаны бу ыраах Уhук хоту сыппыттарын иһин санааларын түһэрбэккэлэр, дойдуларын харыстаан сайыннара турар дьон эбиттэр. Уонна үөрэрим диэн наһаа учугэй, толору хааччыллыылаах врачебнай амбулатория арыйдыбыт. Таһыгар турар 50-с сыллардааҕы дьиэттэн көhөн киирэн үлэлииллэриттэн наһаа үoрэллэр эбит. Уонна бу кэлэр сылга спортивнай зал yонна котельнай тутуутун түргэтэтиэхпит диэн санаалаах баран эрэбин. 

Уонна оскуолаҕа сылдьан оскуола оҕолорун, учууталлары кытта көрүстүм.Кыра оскуола буолан баран наһаа үчүгэйдик көрөллер- истэллэр эбит. 

Кэлэр сылларга Кэбэргэнэ мин санаабар салгыы дьоно-сэргэтэ үлэлээннэр-хамсаанннар дойдуларын сайыннара туруохтара диэн эрэллээхпин. 

- Улахан махтал, Айсен Сергеевич!

Интервьюну ылла Надежда Сидорова


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ