А.И.Софронов - Алампа төрөөбүтэ 135 сылыгар аналлаах тэрээhин буолан ааста

енг - Кюель сэлиэнньэтигэр культура дьиэтигэр А.И.Софронов - Алампа төрөөбүтэ 135 сылыгар аналлаах тэрээhин үрдүк таhымҥа буолан ааста. Тэрээhиҥҥэ модельнай библиотека, оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр о5олорун кытта кыттыыны ыллылар.

Алампа ча5ылхай кэпсээнньит, улуу драматург быhыытынан биллэр, түһүүлээх - тахсыылаах уустук олоҕо, норуотун сырдыкка сирдиир күүстээх санаата, абылаҥнаах поэзиятын кэпсэтии, ырытыы буолла.

Алампа сахаҕа таптал лирикатын бастакы уонна бастыҥ холобурдарын биэрбит үтүөлээх. Кини саха дьахтарын уобараһын үрдүкү кэрдиискэ таһаарбыт маҥнайгы поэт. Таптал муҥун туойбут ырыалара-хоһоонноро, историяҕа "Үрүҥ туллук" нарын уобараһа буолан хааллаҕа.

Алампа эрэйдээх оҕо сааһын, үөрэххэ-билиигэ тардыһыытын, саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын биир чаҕылҕай бэрэстэбиитэлэ буоларын, бастакы хоһооно "Төрөөбүт дойду" 1912 сыллаахха суруллубута. Бэйэтин кэмигэр бу сытыы ис хоһоонноох айымньы "үйэ тухары үктүөн турбут үлүгэн үргүтэргэ" көҥүл олох туһугар ыҥырыы буолан иһиллибитэ.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ