П.А.Ойуунускай төрөбүүтэ 130 сааһыгар аналлаах тэрээһиннэр

Сэтинньи 11 күнүгэр, улуу суруйааччы, общественнай деятель, революционер, ученай П.А.Ойуунускай 130 сааһа. Бу бэлиэ кун т.н.д.А.Е.Слепцов аатынан Абый орто оскуолатыгар "Уруйдан, улуу Ойуунускай" диэн тематическай тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста. "Дьадаҥы, хамначчыт буойуна" диэн суруйааччы оло5ун, айар улэтин туһунан саха тылын учууталлара Айыына Черемкина, "Ойуунускай айымньыларын прототиптара" диэн Анна Чиркова сырдаттылар. Араас кэмнэргэ Таатта5а Ойуунускай ыһыа5ар кыттыбыт выпускниктарбытын киэн тутта кэпсээтилэр. Никонов Коля сүрүн геройдаах кылгас кээмэйдээх "О5о куйуурдуу турара" киинэни көрдүлэр. Араас кэмҥэ үөрэммит о5олор уруһуйдаабыт Ойуунускай мэтириэтин выставката тэриллибит. Биир дойдулаахпыт Слепцов Владимир Афанасьевич эдэр сылдьан Ойуунускай мэтириэтин оҥорбутун сонургуу көрдүлэр. 

Саамай интэриэһинэй, көхтөөх "Өркөн өй" интеллектуальнай оонньуу буолла. 3 хамаанда5а арахсан, бииртэн биир сонун түһүмэхтэн турар сорудахтары таайдылар. "Ким өйдөөх-ол харчылаах" түһүмэх бэрт сытыытык барда. Биир хамаанда 5 боппуруоска эппиэттээтэ, "До5орбор эрийэбин" көмөнү туһанна. Бу көмө5ө учууталларыгар, аймахтарыгар звоннаан сорох хамаанда көмөнү туһанна. Тэрээһини улуустаа5ы хоһоон аа5ыытын күрэ5ин кыайыылаа5а Юрий Слепцов "Былааьы-сэбиэккэ" хоһооно киэргэттэ.

Тэрээһин бүтүүтэ "Ойуунускайы аа5абыт " диэн нэһилиэк иһинэн ыытыллар акция са5аламмытын нэһилиэк библиотекатын салайааччыта Александра Слепцова биллэрдэ. Акцияны Слепцова Абыяна, Новикова Виолетта аа5ан са5алаатылар.










Уолбут нэһилиэгэр уон хонуктаах араас өрүттээх тэрээһиннэр аастылар. Ол курдук библиотечнай уроктар, быыстапкалар, кэпсээннэринэн инсценировка, хоһоон ааҕыыта, айымньыларынан уруһуй, интеллектуальнай биктэриинэ, "Ойуунускай олоҕо уонна олоҥхоҕо сыһыан" ааҕыытыгар күрэх, "Хоочугур уола Былатыан" С.П.Ойунская сурууйбут поэматыттан быһа тардан ааҕыылар, айымньыларын тула санаа үллэстии. Түмүккэ "Сүүс сыллаах былаан" айымньытын суруйааччы битэ-билгэтэ, өтө көрөр улуу дьоҕура барыта силбэһэн маннык ураты айымньы үөскээн тахсыбытын күлүк театрын дьоҥҥо сэргэҕэ көрдөрдүлэр.





















Кэбэргэнэ нэһилиэгэр "Мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа" П.А.Ойуунускай хоһоонноругар оскуола оҕолоругар күрэх ыытылынна. "Кылаан бириис" Алена Слепцова 11 кылаас үөрэнээччитэ тутта, "Истиҥ иһирэх этээччи" Слепцова Люба 7 кылаас ылла, "Хомоҕой этээччи" хаһаайката Алексеева Дайаана 7 кылаас, "Дорҕоонноох этээччи" Степанов Сергей 7 кылаас үөрэнээччитэ ылла.





Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ