Хабарова Христина Николаевна – Үрэхчээнэ 80 сааһыгар аналлаах ахтыы биэчэрэ

Кинигэм, доҕорум, килбиэннээх суолдьутум,

Киһиэхэ суолтатын ким кэмниэй, ырытыай?

Сүбэһит сүдүтэ, дуоспурун угарым,

Дорҕоонноох санааны үөскэтэр хомуһум.

диэн хоһоонунан олунньу 1 күнүгэр Белай Гора киин библиотекатыгар уонна Майыардааҕы филиал библиотекатыгар Хабарова Христина Николаевна – Үрэхчээнэ 80 сааһын туолар юбилейдаах күнүгэр ахтыы биэчэрэ буолан ааста.

Христина Николаевна Абый улууһун биир биллэр айар үлэһитэ, публицист, прозаик, поэт, Россия уонна Саха Республикатын суруйааччыларын, суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын телевидениетын, радиотын туйгуна. Сэбиэскэй Сойуус Геройа Н.А. Кондаков аатынан бириэмийэ икки төгүллээх ларуреата, 10-тан тахса кинигэ ааптара буолара.

Кини Абый улууһун “Хобо” айар түмсүүтүн чилиэнэ. Хоһоонноро, кэпсээннэрэ улуус хаһыатыгар «Кыымҥа», “Хотугу кыымҥа” бэчээтэмиттэрэ. Улуус, нэһилиэк художественнай самодеятельноһын биир актыыбнай бэтэрээннэ буолара.

ХристинаХабарова 1944 сыллаахха Майыар нэһилиэгэр, Индигир өрүс үөһээ өттүгэр «Бүрүөһүн» диэн, саха кыстык угун саҕа балаҕаныгар күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа бэһис кылааска диэри наар Индигир өрүс кытылыгар ааспыта. Ол иһин төрөөбүт өрүспүттэн күндү, чугас суох курдук диэн кини ахтара.1964 с. Дружина орто оскуолатын бүтэрэн, комсорг буолан, бүттүүн кылааһынан производствоҕа барарга ыҥырыы таһааран, икки сыл бороон көрөөччүннэн үлэлээбитэ. Онтон Саха государственнай университетыгар историческайга туттаран, конкуруһу ааспатаҕа. Ол сыл Бүлүү педучилищетыгар киирбитэ уонна начальнай кылаас учуутала буолбута. Ыал буолан, сыллата икки оҕону төрөппүтэ, кэтэхтэн Магаданнааҕы пединститутка үөрэммитэ. Кэлин үс аҥаар сыл үөрэнэн СГУ саха салаатын бүтэрбитэ.Сүүрбэ үс сыл норуот үөрэҕириитигэр тохтоло суох үлэлээбитэ. 20-тэн тахса сыл республика хаһыаттарыгар, радиоҕа тиһигин быспакка тахсан корреспонденнаабыта. 10-ча сыл Улуус радиовещаниятыгар үлэлээбитэ.

1994-1997 с. Христина Хабарова «Индигир дуолугар», «Уостубат иэйиинэн», «Айылҕа суугуна»диэн абылаҥнаах ааттаах кинигэлэри суруйан, дьонугар-сэрэгэтигэр биһирэтэн турар. Кинигэҕэ Хоту дойду араас идэлээх дьонун, кинилэр олохторун-дьаһахтарын, араас быһылааннарын уонна таптал туһунан кэпсээннэр киирбиттэрэ.

Төрөөбүт улууһун тэриллибитэ 70 сылыгар анаан «Элгэс сиригэр» документальнайуонна уус-уран аҥардаах сэһэннэригэр Абый улууһун түҥ былыргытыттан бу күнүгэр тиийэ, хайдах сайдан кэлбитин кэрэхсэбиллээхтик кэпсиир. Улаххан сэҥээриини кини Абый былыргы уонна билиҥҥи үһүйээннэригэр олоҕурбут кэпсээннэрэ ылаллар. Автор этэринэн, ити кэпсээннэри суруйарыгар киниэхэ улахан көмөнү кэргэнэ Иван Николаевич Никулин оҥорбут. Кини кыра эрдэҕиттэн колхоз-совхоз үлэтигэр эриллибит, сылгы ыырын батыһан сири-дойдуну сиксийэ сиэллэрбит буолан, кэпсээннэр геройдара олоро сылдьыбыт сирдэрин ойуулааһыҥҥа , бэл кэпсэтэр тылларыгар тиийэ кини «суола» көстө сылдьар.

Христина Николаевна «Саха сирин мелодиһа» ассоциация чилиэнэ, 70-тан тахсаырыа автора. Киниырыалараордуктөрөөбүтайылҕатын, иитиллибитИндигириниһирэхтикхоһуйар. Киһидууһатынхамсатар, өйүн-санаатын, сүрэҕиниэйиилэринуратытуспаырыатылынан-өһүнэнэтэрбудьиктидьоҕур.

Тапталлаах кырдьаҕас Дружинатын орто оскуолатын үбүлүөйүгэр анаан суруйбут «Билии биһигэ» диэн ахтыы кэпсээнигэр оскуолаҕа үөрэммит, үлэлээбит чулуу дьоннор, учууталлар тустарынан суруйар.

Христина Николаевна өр сыллырга Улустааҕы Пресс-киин сэбиэдиссэйинэн, «Хотугу кыым» хаһыакка корреспонденынан, «Эдэр коммунист», «Бэлэм буол», «Кыым» хаһыаттарга штаты таһынан сотруднигынан үлэлээбитэ.

Христина Николаевна өр сыллырга Улустааҕы Пресс-киин сэбиэдиссэйинэн, «Хотугу кыым» хаһыакка корреспонденынан, «Эдэр коммунист», «Бэлэм буол», «Кыым» хаһыаттарга штаты таһынан сотруднигынан үлэлээбитэ.

Киһи дьылҕата дьикти даҕаны... Күн сириттэн букатыннаахтык барбыта ырааппытын да иһин, кини сиэннэрин, чугас дьоннорун өйдөрүгэр-санааларыгар мэлдьи бииргэ сылдьыһар. Кини сырдык мөссүөнэ үтүө өйдөбүл буолан, дьонугар-сэргэтигэр итиини, истиҥи ыһар.

Биэчэргэ Христина Николаевна биир дойдулаахтара, бииргэ үлэлэспит, алтыспыт дьонноро кинини ахтан – санаан аастылар. Кини сурууйбут хоһоонноругар ырыалары истэн, саалаҕа мустубут дьон – сэргэ бэрт астынан тарҕастылар.  















Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ