http://www.culture.ru/
Константин Николаевич Никулин - Куоста Хотугуурап 95 сааһыгар аналлаах ахтыы биэчэрэ
Муус устар 12 күнүгэр кииннэммит библиотекаҕа биир дойдулаахпыт, саха суруйааччыта, "Саха литератора" ассоциация чэлиэнэ, айылҕа харыстабылыгар суруйуу конкурсугар республика иккис миэстэлээх лауреата, Абый улууһун “Хобо” айар түмсүүтүн чилиэнэ Константин Николаевич Никулин - Куоста Хотугуурап 95 сааһыгар аналлаах ахтыы биэчэригэр дьон сэргэ мустан, ахтан санаан ааста.
Константин Николаевич 1929 с. айылҕаттан талааннаах, айар дьоҕурдаах дьонунан аатырбыт Майыар сириттэн-буоруттан силис тардан, онно төрөөн, улаатан үөскээбит киһи. Кини эдэр сааһыгар араас улэҕэ эриллэн улааппыт: ол курдук, масчыт, балыксыт, мотуруос кытта буолуталаан сылдьыбыт.
Константин Николаевич орто финансовай үөрэхтээх. Советскай уонна хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэргэ үп араас үлэһитинэн, экономист, финансист, бухгалтер идэлэргэ өр сыллар усталарыгар үгүс сыратын биэрэн үлэлээбит.
Хоһоону суруйууннан К.Н. 1946 сыллаахтан боруобалламыт. Маҥнайгы ыстатыйата республика хаһыатыгар 1951 сыллаахха бэчээттэммит. Онтон ылата, 52 сыл устата общественнай корреспондент буолан, сүрэҕин баҕатынан, дууһаата кыайарынан бүтэһигэр диэри үлэлии-хамсыы, айа-суруйа олорбута.
1953 - сыл-ха оройуон хаһыата тахсыаҕыттан, эмиэ бүтэһигэр диэри тиһигин быспакка күүһэ кыайарынан көмөлөһөн, араас матырыйааллары бэчээттэтэрэ. Ити кэмтэн ылата Константин Николаевич айар улэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта.
1957 с. хоһоонноро Абый, Муома, Өймөкөөн, Верхоянскай, Мэҥэ-Хаҥалас хаһыаттарыгар бэчээттэммиттэрэ. 1967 с. балаҕан ыйыгар Эдэр коммунист хаһыакка биир хоһоон, республика эйгэтигэр аан бастаан быкпыта.
1985 с. пенсияҕа олорон оҕолорго 23 кыра кэпсээннэри суруйан, 1989 с. "Ойуур олоҕуттар" диэн кинигэ таһааттарбыта. "Хотугу сулус" (Чолбон) сурунаалга хоһоонноро, рецензиялара, ыстатыйалара, кэлин кэпсээннээрэ бэчээттэммиттэрэ.
Айар үлэтин таһынан Константин Николаевич фолькору хомуйууга улэлэһэр, литературнай рецензиялары, ыстатыйалары суруйара. Абый түөлбэ тылын, урукку Элгэс улууһун үһүйээннэрин хомуйан, тыл институтун архивыгар киллэрбитэ. Уус-уран айымньынан дьарыктаныы, кинигэ бэчээттэтэн таһааттарыы үтүмэн үлэни, үгүс өйү-санааны, элбэх киириини-тахсыыны, туруорсууну эрэйэр. Маныаха, биллэн турар, үгүс элбэх сыра-сылба, сатабыл наада.
Ханнык баҕарар суруйааччы, поэт дьоло-соргута, өйүн үрдүк күүрүүтүн ымыы чыычааҕа, этэр тыл алыбын күүһэ, ааҕааччыларга сырдык санааны саҕар, истиҥ иэйиини үөскэтэр, сүрэҕи мөҕүһүннэрэр кистэлэҥ сыттаҕа. Төрөөбүт дойдуга таптал, олох-дьаһах, кыыс оҕо иэйиитин, килбик таптал, үөскээбит Индигир эбэтин хоһуйан, автор хоһооннорун күүһэ тиийимтиэ, ылыннарыылаах, эрчимнээх күүстээх, угуйар уохтаах, дьикти кырааскалары түһэрэн ойуулуур. Маны таһынан, Константин Николаевич хоһоону суруйарыгар биир ураты ньыматынан, стилинэн, кини аллитерация форматынан суруйуута буолар.
Константин Николаевич 13 хоһооно ырыа буолан көппүттэрэ, музыка буолан кутуллубуттара. Кини хоһоонноругар улууспут мелодистара Павел Брусенин, Эдуард Саввинов, Степан Новиков, Павел Акимов, Дмитрий Корякин мелодия айаннар, нотаҕа таһаарбыттара.
Киһи күн сириттэн букатыннаахтык барбыта ырааппытын да иһин, чугас дьоннорун өйдөрүгэр-санааларыгар мэлдьи бииргэ сылдьыһар. Кини сырдык мөссүөнэ үтүө өйдөбүл буолан, дьонугар-сэргэтигэр итиини, истиҥи ыһар.