http://www.culture.ru/
Муҥурдаах нэhилиэгэр "Угуйар уйан тойугум" кинигэ сүрэхтэннэ
Сэтинньи 13 күнүгэр Муҥурдаах нэһилиэгэр "Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин" бэлиэ хаһаайката, Абый улууһун "Хобо" литературнай түмсүү чилиэнэ, айар куттаах олохтоох ааптар Галина Николаевна Стручкова "Угуйар уйан тойугум" кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна, М.М.Слепцов аатынан түмэл салайааччыта, В.Н.Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатын социальнай педагога Анастасия Гаврильевна Сорокоумова көҕүлээһининэн, кыһамньытынан бэчээттэнэн таҕыста.
Дьоро киэһэ хоһоон хомуһуна үөһэттэн ананан түһэрин туһунан музыкальнай туруоруунан, Галина Стручкова "Мин дойдум" ырыатынан саҕаланна.
Сүрүн чааһыгар Анастасия Сорокоумова кинигэ суруллуутун, бэчээттэнэн тахсыытын, онтон Галина Стручкова айар үлэтин туһунан кэпсэтии сиэринэн ирэ-хоро сэһэргээтилэр, ыйытыыларга эппиэттээтилэр. Кинигэ сүрэхтэниитигэр ааптар хоһоонноро, кини хоһоонноругар айыллыбыт ырыалар ылланан, дьоро киэһэни биллэ сэргэхситтилэр, ураты тыыннаатылар. Ол курдук, Розалия Новикова "Бааллар этэ", Ирина Слепцова "Күһүн", Анастасия Сорокоумова "Чоҕулуччу көрбүт харахтаах" хоһооннору олус иэйиилээхтик аахтылар. Вера Полушкина (Галина кыыһа) "Сааскы кэм", Иван Сорокоумов "Гитараҕа, эн, оонньоо", Петр Новиков "Кыталыктар", Юрий Новиков, Иван Сорокоумов, Анна Гущенко триоларын толоруутугар "Абыйга саас кэллэ" ырыалары ыллаан көрөөччү кутун туттулар. Ону таһынан, хомойуох иһин, биһиги ортобутугар билигин суох ааптар доҕотторо мелодист Олег Черемкин-Өлүөкэ Кубалы хоһоон ааҕар тыыннаах куолаһа иһиллибитэ, биир дойдулааҕа, мелодист Степан Новиков, ырыаһыт кыргыттар Мария Алексеева, Мария Стручкова сырдык мөссүөннэрин көрдөрөр, өйгө-санааҕа ааспыты эргитэр урукку устуулар экраҥҥа көстөн ааспыттара ураты долгутуулаах этэ. "Кыраһа" ансаамбыл "Абый - ийэ сир дойдубут" култуура үлэһиттэригэр өрөгөй буолбут ырыатын, онно анаан Анастасия Сорокоумова таҥмыт видеотын көрбүт-истибит эрэ барыта Абыйын сиринэн киэн туттуу иэйиитигэр куустарбыта саарбаҕа суох.
Тэрээһин бүтэһигэр Галина Николаевна уолаттара Виссарион, Гаврил Полушкин куйаар ситиминэн уонна кулуупка кэлбит бииргэ төрөөбүт балта Мотрена Филиппова эҕэрдэлээтилэр. Ону таһынан бииргэ үөрэммит кылааһынньыктар ааттарыттан Екатерина Соломова, нэһилиэк бары тэрилтэлэрин аатыттан салайааччылар уонна бэрэстэбиитэллэр истиҥник эҕэрдэлээтилэр, бэлэх туттардылар.
Ааптар Анастасия Гаврильевнаҕа махтал тылларын эттэ, истиҥник саныыр дьонугар кинигэтин бэлэх уунна уонна "Кубалар" ырыатынан дьоро киэһэни түмүктээтэ.
Кинигэ сүрэхтэниитин А.А.Дохунаева аатынан Төрүт култуура киинэ (дириэктэр Подорожная М.Д., уус-уран салайааччы Гущенко А.И., звукооператор Сорокоумов И.В.) уонна Муҥурдаах нэһилиэгин модельнай библиотеката (библиотекарь Рязанская А.В.) тэрийэн ыыттылар.
Сылдьыбыт дьон дуоһуйдулар, кэрэхсээтилэр, астыннылар.